Хоро нэһилиэгэ кинигэ таһаарда
Сунтаар улууһун Хоро нэһилиэгэ быйыл Улуу Кыайыы 75 сылыгар Ийэ дойдуларын көмүскээбит биир дойдулаахтарын туһунан кинигэни таһаартарда.
Хомуйан оҥорооччулар – СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Сунтаар улууһун, Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо П.И. Уаров, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ научнай библиотекатын кылаабынай библиотекара Е.П. Ксенофонтова.
Кинигэ биэс түһүмэххэ араарыллан суруллубут. Ааптардар хас биирдии буойун туһунан чуолкай буоллун диэн, 34 анал кинигэни туһаммыттара, библиографическай ыйынньык быһыытынан толору наарданан суруллубут. Ханнык кинигэҕэ, хаһыакка суруллубута барыта ыйыллыбыт. Манна биир үчүгэйэ диэн, сэрии хонуутуттан төннүбэтэх буойуттар ааттара, сэрии кыттыылаахтарын наҕараадалара, буойуттар туһунан хаартыскалаах ахтыы толору киирбит. Билигин биир да бэтэрээн тыыннаах ордубатах кэмигэр, аныгы көлүөнэҕэ улахан бэлэх дии санаатым. Төрөөбүт нэһилиэкпититтэн кимнээх барбыттарын билэргэ тугунан да кэмнэммэт улахан үлэ.
Түмүктээн эттэххэ, кинигэ ааптара Прокопий Иванович Уаров Сунтаар улууһуттан төрүттээх, СӨ бырабыыталыстыбатын аппараатыгар салайар үлэҕэ, кэлин Кыайыы өрөспүүбүлүкэтээҕи пуондатыгар ситиһиилээхтик үлэлээбит салайааччыбыт буолар. Кыайыы үбүлүөйдэригэр анаан элбэх кинигэни таһаарбыт үтүөлээх. Үйэтитиигэ үлэҥ тугунан да кэмнэммэт сүдү суолталааҕын үрдүктүк сыаналыыбыт. Хас да көлүөнэ тухары эн аатыҥ биир дойдулаахтаргар махталынан ааттана туруо.
Марта Николаева