31.08.2022 | 21:30

Хоноһо

Өйүө-тайаа маанытын тутуурдаан, уот оттон, алаадьылаан, баай Байанайтан көрдөһөн, холоонноох доҕорун, сэргэстэһэр сэгэрин бүгүҥҥү айанын суолун алгыстаан, иһин түгэҕэр киҥинэйэн тугу эрэ ботугуруу олордо Рая.
Хоноһо
Ааптар: Сардаана
Бөлөххө киир

Кэргэнин Бүөтүрү куруук дэлэччи уонна толору астаан-үөллээн ыытааччы. Бииргэ бултуур доҕотторо ону бэркэ билэллэр. Элбэхтэ кини минньигэс аһыттан амсайбыттара, тото-хана аһаабыттара. Ойуур быыһыгар турар кыра үүтээн сыл аайы булчуттарга аана аһаҕас. Табаарыстыы уолаттар күһүн манна сөбүлээн тохтууллар. Бүөтүр аһа да мааны, үүтээнэ да сылаас. Кэргэнинээн Раялыын эргэ баанньыктарын көһөрөн аҕалбыттара күн бүгүҥҥэ диэри туһа бөҕө буола турар. Сир да астаан ыларга тохтоон, арыт хонон-өрөөн ааһаллара. Рая кэргэнинээн Бүөтүрдүүн тэҥҥэ бултуура, бэл, саанан да ытара билэр-билбэт дьонун сөхтөрөрө. Ол эрэн бу сарсыарда кини сүрэҕэ тоҕо эрэ кытаанахтык кэйиэлээн, сытыытык ньүөлүйэн ыларга дылы гынна.

– Быйыл куобах хайдаҕый? Элбииһик дуу дии санаатым.

– Кыралаан көстөр буолбуттар. Ол эрэн урукку курдук дэлэй буолбатах. Дьэ урут баара дии, куулунан куобах сүгэрбит, уһун кыһыны быһа сиэн абыранарбыт.

Уолаттар күөс өрүнэн, олохторун булунан, ирэ-хоро кэпсэтэ, сэһэргэһэ олордулар. Күһүҥҥү ыас хараҥа түүн үөһэ ойуур быыһыгар, “манна дьон баар ээ” диэбиттии, ыраахтан чүмэчи уоттаах түннүгэ кыламнаан көстөр. Айылҕа иһийэн, чуумпуран, ото-маһа хагдарыйан, сэбирдэҕэ тыалтан оргууй тохто турар. Эмискэ таһырдьа аан таһыгар баайыллан сыппыт Мэхээлэ ыта сүр сытыытык үрэн баргыйда. Туйах тыаһа иһилиннэ, эр киһи сөтөлүннэ. Өр-өтөр күүттэрбэтэ, ааны төлө арыйан, биирдэ баар буолла.

– Хайа, дьиэлээхтэр, дорооболоруҥ! Аппын маска баайдым, кураанах буолбатахпын, илии тутуурдаах, кэпсээн кэһиилээх киһибин. Холдьохпот инигит? – сытыытык тоҕо үктээн, киирэн остуол таһыгар олорунан кэбистэ. Чүмэчи уотугар өйдөөн көрдөххө, балачча саастаах киһи, сирэйэ-хараҕа мырчыстан, баттаҕа маҥхайан эрэр эбит. Сахаҕа бөдөҥ, улахан көстүүлээх, толору эттээх киһи үүтээни биир гына ылан кэбистэ.

– Хайа диэкиттэн иһэҕит? Ким-туох буолаҕыт?

– "Иһэҕит, буолаҕыт" буолан, сахалар инник саҥарбаттар ээ, омуктаргыт дуу, тугуй?

– Хайа даа, тугун сүрэй?! Хоннорор дьон кими киллэрэн, остуолга олордон, чэйдэтэн эрэрбитин билэрбит буруйбут буоллаҕай? – Бүөтүр кытаанахтык саҥарда.

– Чэ, чэ, уоскуйуҥ, мин бу үүтээҥҥэ куруук охсуллабын, дьиэм кэриэтэ буолла. Онон баалаамаҥ, хата, ыл, итии чэйдэ кутуҥ, дэлби тоҥон кэллим. Туох астааххытый, аччыктаатым. Уолаттар бэйэлэринээҕэр саастаах, сүүнэ улахан киһиттэн саллан хааллылар. Үһүөн манна үөрэ-көтө хонуох, сынньаныах буолбуттара биирдэ ыһыллан хаалла. Остуол тула толугурастылар, ыалдьыттарын иннигэр өйүөлэрин уурдулар.

– Эдэр оҕолор, миигиттэн куттанымаҥ, күн тахсыыта айанныам, көхсүбүн көннөрөн, сэниэтэ, күүстэ ылына түһүүм. Хата, таах олоруохпут дуо, кыратык "сык" гыннарыахха буоллаҕа. Уоту аһаттыгыт дуо? – уолаттар саҥаларыттан да матан, истэрин түгэҕэр тимирэн, кэпсээннээх бэйэлэрэ ньимийэн хааллылар, тугу эрэ сымыйалаан сиэбитэ буола олордулар.

– Сиэри-туому билбэт дьон мустубуккут дуу тугуй? Бээ, бэйэм аһатыам, уотум барахсан күлүм аллай, мичик гын, бэртэх буол. Чэ, бүттэҕэ дии! Туох да ыарахана суох. Тугум да тостон түспэтэ. Аны билигин бэйэм аһыыбын,- диэн баран дьааһыгынан буоккатын таһырдьаттан тилигирэтэн киллэрэн остуолга тыастаахтык ууран кэбистэ.

– Мунан хаалбыт кус оҕолорун курдук көрөн баран олоруоххут дуо? Куттуҥ! Ама испэппит диигит? Хомотумаҥ эрэ, кэһиибиттэн күндүлүүрбүн.

Түүн оройо буолла, чүмэчи ууллан, уота уостан барда. Арай оһох уота борук-сарык сырдатар, дьиэни сылытар. Мэхээлэлээх Дима утуйар аакка бардылар. Бүөтүр да утуйуо эбит да, хоноһобут кэпсээнэ өссө хойдубут, утуйар санаата суох.

– Бүөккээ, эн миигин убаастыыгын дуо? – кытаанах илиитин ыйааһыннаахтык уол санныгар ууран кэбиһэр. Ааспыт аһыылаах олоҕун, эдэр сааһын, бастакы тапталын уонна өссө да араас буолары-буолбаты кэпсээтэ-ипсээтэ. Бүөккэ, сэргээбэтэр да, хайыай, тулуйан истэ олордо. Эмискэ уолу санныттан тардан кууһан ылан, кэнниттэн көхсүгэ быһаҕынан аста. Бүөтүр туох ханнык буолбутун өйдөөбөккө хаалан, ах барда, таһырдьаны былдьаста. Аат эрэ харата хаһыытаан көрдө, уолаттара дириҥник утуйан хаалбыттар. Биирдэ өйдөөбүтэ, ыраата куоппут быһыылааҕа, хара ойуур быыһынан хараҕа ханна көрөрүнэн тыын былдьаста, куотан муҥнанна. Көхсүн этэ аһыллан, таҥас нөҥүө хаана тохтообот.

– Бу алдьархайы! Бу тугуй ээ?!! Түүл дуу, бит дуу?! Ама бу миигинниин буола турар дуо? - уол ханна, хайа диэки сүүрүөн, кимтэн көмө көрдүөн билбэтэ. Кэнниттэн тыа быыһынан атах тыаһа ситэн кэллэ. Саҥатыттан иһиттэххэ, доҕоро Мэхээлэ эбит, ап-аҕылас куолаһынан саҥаран, Бүөтүрү булан, айманан барда. Хаан-сиин буолбут доҕорун санныгар өйөөн-убаан, нэһиилэ көтөҕөн, үүтээҥҥэ аҕалла. Бэт түргэнник хомунаат, улуус киинигэр ыстаннардылар. Бачча ыксалга аны аара массыыналара моһуоктаан, алдьанан хаалан үүйдэ-хаайда. Хата, айан суола буолан, ааһан иһэр массыынаны тохтотон, балыыһаны буллулар.

* * *

– Оо, бу тугуй? Испин биинтэлээн кэбиспиттэр, айукуу-айакаа даа,- Бүөтүр уһун эпэрээссийэ кэннэ өйүгэр дьэ кэллэ.

– Петр Алексеевич, долгуйумаҥ, барыта этэҥҥэ ааста. Ис оргаҥҥын, хата, таарыйтарбатаххын, барыта бүтүн. Искин хайытан, оһоҕоскун барытын хостоон, ырытан көрдүбүт. Куттаныма, былыр дьахталлары инник кесаревтыыллар этэ. Иккис олоҕу биэрдибит, саҥаттан төрөөбүт курдук санан,- диэн баран үрүҥ халааттаах быраас палататтан тахсан барда. Сылаас харах уута оргууй Бүөтүр иэдэһин устун сүүрдэ. Ол сытан сэниэтэ эстэн, этэ элэйэн, утуйан хаалбыт эбит. Хараҕын аспыта, аттыгар кэргэнэ Рая кэлэн олорор.

– Атаҕыҥ томмут,- дии-дии суорҕанын көннөрдө, сымнаҕас ытыһынан сүүһүттэн имэрийдэ.

– Сүрэҕим ол иһин да сэрэйэн, бэрт аһыытык нүөлүйбүт эбит. Бөөлүүнү быһа уум кэлбэккэ, тугу эрэ биттэнэн, сүгүн утуйбатаҕым.

– Бэйэм да өйдөөбөккө хааллым, хайдах маннык буолбутун. Арай дьылҕабар махтанабын – эйигин өссө биирдэ көрөр дьолбор!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...