07.12.2023 | 08:00

"Хомуур кэнсиэр"

"Хомуур кэнсиэр"
Ааптар: Галина ОКОНЕШНИКОВА
Бөлөххө киир

Саҥардыы өрөмүөннэнэн бүппүт, тупсубут кулууп дьиэ биир үлэлиир кэбиниэтигэр баара эрэ үс киһилээх да буоллар, улахан киэҥ сүбэ мунньах буола турар. Кулууп дириэктэрин солбуйан үлэлии сылдьар худрук Моника, эдэр ыччат лиидэрэ Ира кыыс, түөлбэлэри кытта үлэни сүрүннүүр дьаһалта исписэлииһэ Варвара Сергеевна буоланнар сотору буолуохтаах Өктөөп бырааһынньыгын, ээ, алҕас, Сомоҕолоһуу күнүн кэнсиэрин тэрийиини дьүүллэһэллэр. Моника буугуначчы кыыһырбыт, уруучукалаах болокунуотун остуолга талыр гына бырахта:

– Ээ, айакка, үнүр сүбэлэһэн-сүбэлэһэн, тэрилтэ аайыттан икки-үс нүөмэр диэбиппит да, олох сатаммат буолла! Бүгүн сорохторугар эрийдим, сорохторугар тиийэ да сырыттым –  голяк, буун, атыыр аккаас! "Туох иһин тос курдук хамнастаах, анал култуура үөрэхтээх үлэһиттэрдээх кулууп диэн баарый? Тоҕо наар тэрилтэлэртэн обязаловка нүөмэр көрдүүгүтүй, сылаттыгыт, айа..." – диэн айахтара кытара сытар! Бэйэбит да үс-түөрт эрэ кулууп үлэһитэ хас бырааһынньык аайы ойон тахса-тахса кэнсиэртиэхтээхтэр дииллэр быһыылаах! Дьыссааттар эрэ аккаастамматтар, мэлдьи иннилэринэн, атын тэрилтэлэр харыйаны таҥнары соспут курдук дьоннор бары...

– Оо дьэ, пахай, сатамматахпыт дии! Хайдах гыныах бэйэбитий? Толкуйдуохха наада дии, – Варвара Сергеевна остуолу уруучукатынан тоҥсуйбахтаан тобугуратар. Моника арыый уоскуйан, Ираҕа эргиллэн токкоолоһор:

– Иркаа, сүрүн эрэлбит эһиэхэ эрэ: ыччаттартан үҥкүү баҕас баар буолар ини? Саатар икки-үс? Эрэпэтииссийэ бөҕө этигит дии манна үнүр?

Ира, куппут-симмит курдук мыскыйбыт кыысчаан, кыһалҕата суох мичээрдээн мэлтэйдэ:

– Не волнуйтесь, шеф, үс үҥкүү точно баар! Слово юной пионерки!

– Үс даа, тоҕо бэрдэй! Ханнык? Аны тиэмэбитигэр сөп түбэһиэн наада...

– Нууччалыы, сахалыы уонна “Дьэгэ-баабалар” үҥкүүлэрэ.

Варвара Сергеевна мунаарбыттыы уруучукатын эргичиҥнэтэр, саараабыттыы:

– “Дьэгэ-баабалар” даа? Ээ, ммм... Хайдах эрэ соччо тиэмэҕэ барсыбат курдук дуу? Атын үҥкүү үөрэппэккит да? Оттон ол “Дьэгэ-баабалары” Саҥа дьылга үҥкүүлүөххүт буоллаҕа дии, эбэтэр, – диир, кыргыттарын сирэйдэрин кэриччи көрөр. Моника тииһэ ыалдьыбыт киһилии мырдыччы туттар:

– Оо, дьэ, Варвара Сергеевнаа, я вас умоляю, кэнсиэр буолара бу кэллэ, хайдах үспүөйдээн өссө биир саҥа үҥкүүнү үөрэтиэхтэрэй, эн санаан көрүүй! “Дьэгэ-баабалар” да буоллуннар ээ, хайыаҕай... Кылаабынайа, нүөмэр эбии буолуо.

Ира кыһаммат, өссө киэҥник мичээрдээн мэлтэйэр:

– Варвара Сергеевна, сатаммат буоллаҕына, баһаалыста! Уларытыахпытын сөп, оччоҕо аата “Дайааркалар үҥкүүлэрэ” буолуоҕа, уолаттарга сиппиирдэрин оннугар биэдэрэ туттартыахпыт да бүттэҕэ дии! Хамсаныылара почти хаалыа, кыратык эрэ уларытан биэриэхпит...

– Хата диэ, бэркэ толкуйдаатыҥ ээ: ааспыт тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүн кытта холбуу гынабыт, эҕэрдэлиибит буоллаҕа, оруобуна тиэмэтигэр сөп түбэһэр эбит! Бэрт-бэрт! – Варвара Сергеевна сэргэхсийэ түһэр. Онтон Моникаҕа эргиллэн:

– Чэ, сөп, үҥкүүлэр бааллар эбит диэххэ арай. Оттон өссө атын нүөмэрдэри хантан булабыт? Аны ыытааччыбыт ким буолар?

– Бу кэлэн иһэн толкуйдаатым ээ, арай түөлбэлэртэн иккилии-үстүү нүөмэр көрдөөтөхпүтүнэ? Хойутуу туспа түөлбэлэринэн буолуохтаах кэнсиэртэригэр бэлэмнэнэ таарыйа нүөмэр биэрдиннэр ээ... Хас түөлбэ баар этэй барыта?

– Бээ, тохтоо эрэ... Түөлбэлэртэн диэ? Түөлбэ ахсаана билигин биэс, урут түөрт этэ дии, онтон үрэх уҥуор ыал элбээбитинэн кинилэри туспа түөлбэ гыммыппыт. Салайааччы Мааппа буолбута, сүрдээх көхтөөх дьоннордоохтор, онон кыттыахтара диэн бүк эрэнэ саныыбын. Этэн көрүөм, саатар, сыаҥка баҕас баар буолуо кинилэртэн, бэлэмнэнэр сирдээхтэр, Мааппа оскуолаҕа үлэлиир. Атыттар да хаалсыахтара суоҕа. Таак, оччоҕо оннук гыннахпытына нүөмэрбит холбоон төһө буолар? Ааҕан көрүөххэ эрэ...

– Бээ, үс үҥкүү, оттон түөлбэ аайыттан, чэ, иккилии нүөмэр буоллун, ортотунан. Уон үс нүөмэр чуолкай баар буолар эбит, иэхэй! Онно эбии мэлдьи актыыбынай кыттааччыларбытын ыҥыртыахпыт, ырыаһыттары: Бүөккэни, Паасаны, хоһоон этээччилэри: "чуораанчыкпытын" Лаанчыгы, Пуд Михалыһы, бэтэрээннэр ансаамбылларын эҥин...

– Оо дьэ, Пааса эмиэ тылын умнуо, дьэ таҥара куолаһынан хадаҕалаабыт да, төбөтүгэр мэйиини кэрэйбит диэх курдук! Наһаа үчүгэй нарын куолаһынан биллэр баҕайы ырыаны  үһүс күппүлүөттэн ыллаан саҕалыыр диэн тугуй ити, ээ? – Варвара Сергеевна сүүһүн охсунар. Ира күлэн быыһыгырыыр.

– Оттон уонна хайыахпытый, атын, сырыы аайы иннинэн буолан ыллыыр киһилээххин да уонна? Итиччэ баҕалаах уонна үчүгэй куоластаах кими булан ылыахпытый?  Баяниһа дьээдьэ Федя сутуругун көрдөрдөҕүнэ, сонно тылын өйдүө, чэ... Таак, Зинабыт оттон фокуһун бэлэмнэнэр ини, сотору муостатын сууйа киириэ, чуолкайдаһыахпыт, – Моника болокунуотугар сурунан хачыгырата олорон, туспа тугу эрэ бэлиэтэнэр.

– Дьээрэ, хас нүөмэр буолла онон? Өссө суоттаа эрэ...

– Уон тоҕус нүөмэр – лас! Курутуой дуу? – суоттаан ботугураамахтаан баран, Моника, били кыыһыран буугунаабыта мэлийэн, үөрэн күлүмүрдүүр. Атыттар эмиэ сэргэхсийэ түһэллэр:

– Ээ, тыый, кырдьык даҕаны! Бээ, оттон ыытааччыбыт? Эн да, Куолус дуу?

– Эс, бачча улахан кэнсиэри Куолус эрэ ыытыан сөп буоллаҕа, онон кинини кэпсэтиҥ, мин диэн ыал аайы баар ыытааччы буоллаҕым, били балык суоҕар баҕа да балык диэбит курдук, – Моника күлэр.

– Оо, тойооску, оттон өйдөөх буолар ини ол күн... Бэкээринэҕэ быстах оробуочайынан ылбыттар, сураҕа испэт, "чээ оҕо" буола сылдьар үһү, этэн көрүөхпүт, – Варвара Сергеевна сонньуйар. Кулууп дириэктэрдии сылдьан арыгылаан үлэтиттэн үүрүллүбүт Куолус, Николай Николаевич Николаев, эбэтэр Үс Куолус, дьэ, эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийбит, киирэн-тахсан куйаабылламмыт, нууччалыы-сахалыы тыбыырбыт, ытыы туран күлбүт, күлэ туран ытаабыт, саҥарарга сах ууһуттан салаллыбыт уол оҕото, этэн-тыынан баран кэлээр, култуураҕа эрэ үлэлээр диэбит киһилэрэ, буруйа диэн кэмиттэн-кэмигэр аһаан кэбиһэр. Кини оннугар сөптөөх киһи көстөн быстыбакка, худрук Моника хамнас аҥаарыгар дириэктэри солбуйан үлэлиир. Быйыл тымныытыттан урут сүгүн-саҕын аанньа үлэлээбэккэ турбут кулууптарын, харчы дьэ көрүллэн, ититэр систиэмэтин төрдүттэн уларытан, истэри-тастары өрөмүөннээн дьэргэппиттэрэ. Дьэ онтуктарын үөрүүлээхтик арыйа таарыйа бу "хомуур кэнсиэр" оҥороору толкуйдуу сатыы олордохторо... Уһун күнү быһа сүбэлэһэн, маргыһан, син кэнсиэртэрин торумнаабыт курдук сананан тарҕастылар.

Кулууп дьиэ аттыгар биллэрии дуоскатыгар ыраахтан дьэргэйэн көстөр кыһыл-күөх эриэн суруктаах-ойуулаах тэллэх саҕа ватман илииһэ ыйаммыт: "Күндү биир дойдулаахтарбытын Сомоҕолоһуу күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит уонна улахан "Хомуур кэнсиэргэ" ыҥырабыт! Эһиги болҕомтоҕутугар – олохтоох "сулустар" уонна саҥа талааннар, тахсан эрэр "сулусчааннар" толорууларыгар нүөмэрдэр!"

Дьэ үлэ чааһа бүтүүтэ кулуупка лыык курдук дьон симилиннэ. Боронсуускай, боростуой араас духуу, одьукулуон сыта табах, хотон, гараас, буокка сыттарын кытта булкуһан, киһи дэбигис өйдөөбөт уустук "арамаата" саалаҕа тунуйда. Бүтэр уһукка кулууптан чугас олорор толуу Бачыына "ытыар диэри" ыгыччы киэргэнэн, саха ууһа оҥорбут былыргы өйөнөрдөөх устуулун барбах эрэ аҥаар илиитинэн күөрэччи көтөҕөн, долгуйа устан киирэн, саамай сыана аннынан туруоран, устуулун кыычыгыратан-хаачыгыратан олорунна, саһыл саҕатын көннөрүннэ. Чугас олорооччулар туохтан эрэ күлсэн бычыгыраспыттарыгар куоҕас гынан эргиллэн көрдө: пахаай, устуулун өйөнөрүгэр кирдээх эр киһи наскыта ыйана сылдьарын көрбөккө соннук тутан киирбит эбит дии! Бачыына, киһи эрэ буоллар, саатан "кытар" гынна, наскыны сулбу ойутан ылан сонун сиэбигэр симиннэ, эдэр учууталынса кыргыттар ону көрөн өссө эбии иэрийэ-иэрийэ күлсэн тыбыырдылар. Быыс аһылла да илигиттэн көр-нар саҕаланнаҕа диэтэҕиҥ...

Быыс хайаҕаһынан сааланы кылатан көрө турар Моника:

– Оо дьэ, Өмүрэх Өлөөнө баар эбит, эмиэ тиийэн кэлбит! Эмиэ өмүрэн тугу эрэ туойан туран кэнсиэри ыһара буолуо, эрэйиин! Холуочук Миитэрэпээнниин иккиэн саамай саала ортотугар дьохсоһон аҕай олороллор эбит. Таҥара көмөтүнэн этэҥҥэ кэнсиэрбитин ыыттарыҥ эрээ! – диэн уоһун иһигэр ботугураата, кистии-саба бэл кириэстэнэн ылбахтаата. Кулиса быыһыгар киирии тыл этээри кэлэн турар дьаһалта баһылыгын солбуйааччы уолу таба көрөн, тарбаҕынан ыҥыран ылан кытаанахтык дьаһайда:

– Миша... Ээ, бырастыы гын, Михаил Пудович, олох сэрэтэбин: былыргы колхуос мунньаҕар тыл этэр оҕонньоттор курдук уп-уһуннук тыл этэн ньаҕайдаммаккын, манна сыллааҕы отчуоттуур-быыбардыыр мунньах буолбатах! Кылгастык уонна өрө күүрүүлээхтик Сомоҕолоһуу күнүнэн эҕэрдэлиигин, баҕа санааҕын этэҕин – бүттэ! Наһаа уһаары гыннаххына, сутурукпун көрдөрүөм, оччоҕо тохтуугун, өйдөөтүҥ?

Саҥа үрдүк үөрэҕи бүтэрэн кэлэн учууталлаан иһэн соһуччу баһылык солбуйааччытынан анаммыт эдэр уол улгумнук кэҕиҥнээтэ, эдьиийин кытта бииргэ үөрэммит сытыы-хотуу Моникаттан мэлдьи толло үөрэнэн хаалан, хаһан да утары тыл этээхтээбэт буоллаҕа, төһө да билигин "тойон" дуоһунастаах буоллар...

Быыс тэлэс гына аһылынна: "Үтүө киэһэ буолуохтун, күндү биир дойдулаахтарым! Бүгүн үөрүү күнэ, бүгүн Сомоҕолоһуу күнэ! Ыллам ырыа ылланнын, хомоҕой хоһоон хоһулуннун, үҥкүү-битии өрөгөйдөөтүн!..."диэн микрофоҥҥа куллугураабытынан-добдугураабытынан, бэйэтэ тиктибит килэбэчийбит ыыс-араҕас солко бинсээктээх Куолус обургу сыанаҕа куйбас гына түстэ. Балайда хааһахтан хостоон эрэрдии субурутан, тохтоло суох уруйдаан-айхаллаан, санаан кэлэ-кэлэ ытыс таһыннаран баран, эҕэрдэ тылы "дириҥ ытыктабыллаах" Михаил Пудовичка биэрдэ. Баһылык солбуйааччыта уол сыанаҕа тахсан дьороллон туран, мух-мах соҕус да буоллар, аҕыйах тылынан эҕэрдэлээтэ, салгыы тугу этиэхтээҕин долгуйан умнан кэбиһэн, тоҕо эрэ нэһилиэк олоҕор туох саҥа уларыйыылар баалларын, кулууп өрөмүөнүн эҥин кэпсиэх курдук буолан иһэн, сыана кытыытын диэки кылап гына көрбүтэ: Моника хааһын түрдэһиннэрэн, быыкаа сутуругун болчоччу туттан турар эбит! Уол этиитин ортотугар кэлэҕэйдээтэ, онтон дьэ өйдөнөн кэлэн, үтүө баҕарыыларын кытта этиитин түмүктээтэ.

Үрүмэччилии тэрэйбит үрүҥ баанчыктаах, байбайбыт былаачыйа сыыстаах дьыссаат иитиллээччитэ түөртээх Лаанчык тоотойон тахсан хоһоон ааҕан чаҥыйда:

Түннүкпүтүн түүн кэлэн,

Түүлүнэн ким киэргэттэ?

Таһырдьаны көрүөхпүтүн

Күлүктэтэн кэбистэ?...

Холуочук Миитэрэпээн утуктаан тоҥхоҥноон иһэн, уу-чуумпуга Лаанчык эмискэ чуопчаарбытыгар соһуйан "ходьох" гынна, эргим-ургум көрбөхтөөт: "Ээ, һуох, мин буолбатах..." – диэбитигэр саалаҕа олорооччулар күлсэн ньиргиһэ түстүлэр. Лаанчык барахсан дьон тоҕо күлбүтүн өйдөөбөккө, мух-мах барда, ол да буоллар киһи бэрдэ, толлон тохтоон хаалбакка, хоһоонун ситэри чоргуччу ааҕан бүтэн, үөрэппиттэрин курдук бокулуоннаан баран, ытыс тыаһынан доҕуһуолланан, сыанаттан тырып гына ойон хаалла. Дьэ салгыы кэнсиэртэрэ уутугар-хаарыгар киирэн дьулуруччу тохтоло суох барда, Куолус обургу хас нүөмэр аайы саҥаттан-саҥа өрө күүрүүлээх хоһооннору кыбытан ыла-ыла биллэрэн чаҕылытан истэ. Эдэр ыччаттар барахсаттар, тугу да тахсан толордуннар, өрүү сыана киэргэллэрэ буоллахтара. Бүгүн да "былааһы ыллылар": уулуссаҕа билэр да дьоннорун көрүстэхтэринэ, кыбыстан дорооболоспокко ааһар муҥкук уолаттары кыргыттар, дьэ, хайа эрэ сатабылынан, албаһынан үрдүк сыанаҕа таһааран үҥкүүлэппиттэр ээ! Хата кыргыттары кытта сиэттиспитинэн билээскэлээн битийэн, дьиэрэҥкэйдээн тэйэн уол оҕолоро! Оттон били "Дайааркалар үҥкүүлэриттэн" көрөөччүлэр күлэн биэрдилэр: кылгас-кыараҕас халааттары кэтит-киппэ уолаттар тиирэ кэтэн тахсан, биэдэрэ тутуурдаах үҥкүүлээн дайаҥнаспыттара көрүөххэ көрүдьүөһэ сүр! Бэл, кыраҕа ымыттыбат Бачыына тото күллэ, таһынна.

Саҥа тэриллибит үрэх уҥуордааҕылар түөлбэлэрэ "Ини-бии" драматтан кылгас быһа тардыыны туруорбуттар. Саамай кырыктаах бандьыыт оруолун толорор Дьүлэй Дьөгүөрдэрэ тылын үчүгэйдик билбэтиттэн салайааччылара Мааппа бэйэтинэн суфлердаатар да, былыргы ийэтин эргэ саһыл бэргэһэтин тимиччи кэппит, эбиитин саалынан тууна бааммыт Дьөгүөр тугуу да истээхтээбэт, суфлеругар  "аа" да "аа"буолан аны атын оонньооччуларын үлтү булкуйан кэбистэ, тугу хаһан этиэхтээхтэрин таһыччы умнан, дьэ дьиҥ-чахчы "самодеятельность", "своя игра" буолаахтаатылар. Ол да буоллар көрөөччүлэр сыаҥканы олох сирбэтилэр, сэҥээрдилэр, бэркэ көхтөөхтүк ытыс таһыннылар.

Сыанаҕа чаҕылыҥнас солко-хаарыс таҥастаах, сирэйин аҥаара сабыылаах, киһи билбэт гына кырааскаламмыт "илиҥҥи кыраһаабысса" нуоҕаҥнаан тахсан кэлбитигэр бары соһуйан тылларыттан маттылар, өссө соһуйуохтарын быатыгар араас эгэлгэ фокустары көрдөрөн барбытыгар дьэ өйдөөн саҥа аллайдылар:"Ээ, кулууп остуораһа Зина эбит дии!". Урут да фокус көрдөрөн сөхтөртүүрэ да, маннык сиэдэрэйдик таҥныбатах, оҥостубатах буолара ээ... Омос көрдөххө муҥкук, хара үлэттэн атыны билбэт, атын дьонтон туох да уратыта суох тас көстүүлээх Зина сүрдээх ис-иһиттэн мындыр эбит. Гастроллааччы артыыстары кытта кэлэ сылдьыбыт биллиилээх иллюзионист нүөмэрдэрин көрөн баран, онтон сиэттэрэн, бэйэтэ хасыһан, ааҕан, толкуйдаан, үөрэнэн бастаан боростуой, онтон сыыйа уустук да фокустары көрдөрөргө үөрэммит. Онон кулууптара аны өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кытыннара ыытаары бэлэмнииллэр.

Олохтоох чаҕылхай "сулус" рэпер Бүөккэ уол атаһа Радиктыын эрчимнээх үлүгэрдик сыанаҕа ыстанан тахсан, аныгы муода рэп ааҕан лабыгыраһан барбыттарыгар Өмүрэх Өлөөнө соһуйан кыланна:

– Ээ, атын күтүр бабыгыраатыҥ, атын күтүр бабыгыраатыҥ ээ, бу туохтарбыт бабыгыраһан бардылаар! Арах-арах!

Саалаҕа олорооччулар эмиэ күлсэн ньиргиһэ түстүлэр. Кулиса кэтэҕэр Моника сирэйин саба тутунна: "Чэ, кэбиис!" Хата Өлөөнө сотору этэҥҥэ уоскуйан, уолаттар ыллаан бүппүттэригэр, кимнээҕэр да уһуннук ытыс таһынна, бэл, "биис" диэн хаһыытаата.

Кырдьаҕас хомуньуус учуутал Пуд Михалыч урукку сылларга Өктөөп бырааһынньыктарыгар өрүү ааҕар Ойуунускай "Өрүөл кэриэһэ" хоһоонун быйыл да ааҕан доргутта. Уот-кылыс тыллардаах улуу бэйиэт хоһооно, мэлдьи да буоларыныы, дохсун ытыс тыаһынан, "бравоо" хаһыынан доҕуһуолланна.

Нарын-намчы көстүүлээх, онтон итэҕэһэ суох нарын-намчы куоластаах Пааса кыыс хата бүгүн тоҕо эрэ ырыатын тылын булкуйбакка, "Кыыс Амматын" бэркэ ыллаан эйээртэ, баянист дьээдьэ Федятын сүрдээҕин соһутта, үөртэ. Урут кыыс сыыһа ыллаан бардаҕына, көрөөччүлэртэн кистээн сутуругун көрдөрөн, кынчарыйан баран баянын саҥаттан оонньоон саҕалааччы. Атын да түөлбэлэртэн нүөмэрдэр бэркэ сэргэхтик толоруллан истилэр: бэтэрээннэр ансаамбыллара, фольклорнай нүөмэрдэрэ, Куолус мэлдьи "биискэ" толорор "Тыллаах дьахтар монолога", онтон да атыттар...

Дьэ ол эрээри бүгүҥҥү "хомуур кэнсиэр" дьиҥнээх "арыйыыта", саҥа талаана, саҥа "сулус" "Билиистээх" түөлбэттэн көһүннэ. Куолус: "Бу үрдүк сыанаҕа уруйдуу көрсүҥ Анатолий Авксентьевы!" – диэн сыана кытыытыттан эҕэрдэлээбитигэр, сэмээр үктэнэн сыанаҕа тахсыбыт мааны таҥастаах, баабачыка хаалтыстаах билбэт уоллара соһуччу үрдүк баҕайы куолаһынан "O, sole mio..." ыллаан дьүрүһүттэ. Саалаҕа олорооччулар суугунаһа түһэн баран чуумпура иһийдилэр, сорох-сорохтор соһуйан айахтарын аттылар: бай, даа, хачыгаар Туола эбит дии!  Мэлдьи чох биһиллибит сирэйдээх, үлэ таҥастаах сылдьарын эрэ көрө үөрэммит дьон уолларын дьэ субу эрэ өйдөөн, сыныйан көрдүлэр. Бэрт ыраас дьүһүннээх, эбиитин туох да оһуобай үчүгэй нарын куоластаах эбит, өссө уолуҥ итальянскайдыы эрэ ыллыыр ээ, бу истиэххэ бэрдин! Уол ыллаан бүтэн сүгүрүйбүтүгэр, саалаҕа  ытыс тыаһа тохтообокко ньиргийдэ, бэл номнуо холуочуга ааһа быһыытыйбыт Миитэрэпээн, омунугар, ойон тура-тура, күрдьэх саҕа ытыһын ытыһыгар охсон лабырҕатта. Дьэ Туола уол сыанаҕа төннөн тахса-тахса бокулуоннууруттан да сылайда быһыылаах. Онтон Куолус обургу ойон тахсан кэнсиэр манан бүтэрин, көрөөччүлэр болҕомтолоругар, дохсун ытыс тыастарыгар махтанарын биллэрдэ. Түмүккэ сахалыы сайбаччы таҥныбыт бэтэрээн дьахталлар ансаамбыллара мустубут дьону оһуохайга ыҥырда, онон бары фойеҕа сууллан тахсан оһуохайдаан күөгэлдьиттилэр. Ол кэнниттэн дьэ бары да астынан-дуоһуйан, өрө көтөҕүллэн дьиэлээтилэр.

Маннык сэргэх тэрээһиннэр биһиэхэ өрүү үксүү турдуннар, дьону-сэргэни түмтүннэр, сэргэхситтиннэр, курус санааны-оноону киэр кыйдаатыннар, чуҥкук, хараҥа киэһэлэрбитин сырдаттыннар эрэ диибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...