22.06.2021 | 11:30

Хомус Музейа уонна Киинэ саха хомустарын бастакы каталогтарын таһаарда

Хомус Музейа уонна Киинэ саха хомустарын бастакы каталогтарын  таһаарда
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аан дойду норуоттарын хомуһун Музейа уонна Киинэ саха хомустарын бастакы каталогтарын таһаарда, онно пуондаттан 628 үнүстүрүмүөн киирдэ диэн бу тэрилтэ  пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 
Манна Саха сирин 21 оройуонуттан уонна киин куораттан 142 маастар хомуһа киирбит. Итини таһынан хаһан, киминэн оҥоһуллубута биллибэт 54 хомус баар. Каталог хомус оҥоһуллубут сириттэн көрөн сэттэ салаалаах: Дьокуускай, Киин, Илин эҥэр, Бүлүү, Хоту уонна Соҕуруу оройуоннар бөлөхтөрө уонна ким оҥорбута биллибэт хомустар.  «Каталогка терминнэр кылгас тылдьыттара уонна схемалара баар. Каталог икки тылынан – нууччалыы  уонна английскайдыы суруллубут», - диэн этиллэр пресс-сулууспа иһитиннэриитигэр. 


Каталог сэдэх, ураты буолааһынын сүрүнэ – манна XVII  үйэттэн саҕалаан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри саха норуотун хомуһа барыта мунньуллубут. Манна үлэлээбит дьон хомуһу ойуулуурга саҥа көрүүнү, хомус чаастарыгар саҥа терминнэри киллэрбиттэр. 
Каталог тахсыыта Аан дойду норуоттарын хомуһун Музейа уонна Киинэ тэриллибитэ 30 сылыгар уонна тэрилтэни төрүттээччи И.Е. Алексеев – Хомус Уйбаан 80 сааһыгар анаммыт.  Саҥа таһаарыы сүрэхтэниитэ быйыл күһүн буолар. 
Эһиил каталог өссө икки туомун таһаарар былаан баар. Онно хомус музейын пуондатыттан аан дойду норуоттарын варгааннара киириэхтээхтэр. 30 сыл үлэлээбитин тухары Аан дойду норуоттарын хомуһун Музейа уонна Киинэ Сир араас муннуктарыттан 1700 тахса 57 норуот варгааннарын хомуйбут. 
Каталогу музей кэлэктиибэ эрэдээктэрдэри, тылбаасчыттары, фотографтары уонна компьютернай дизайнердары кытта ыкса үлэлээн, Саха сирин култуураҕа Министиэристибэтин үбүнэн, Алмаасэргиэнбаан спонсорскай көмөтүнэн таһаарбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Сонуннар | 08.09.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Понедельник, 9 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Проавто 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+...