26.12.2020 | 13:56

Хомус доҕордоох Аэлита Ершова

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха политехническай лицей 9 кылааһын үөрэнээччитэ Аэлита Ершова Бүтүн Арассыыйатааҕы «Синяя птица» куонкуруска Саха сирин ааттатта. Ааспыт өрөбүлгэ кини куоластааһын түмүгүнэн финалга тахсары ситистэ.

Көрөөччүлэр Аэлиталаах Вахтанг нүөмэрдэрин, хомус уонна битбокс дьүөрэлэһиилэрин бэркэ сэргээтилэр-сэҥээрдилэр. Биһиги кыыспыт кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр саҥатын, айылҕа тыаһын-ууһун таһааран, дьон-сэргэ биһирэбилин ылла.  

Кэрэни кэрэхсиир кыыс «Добун» ансаамбылга маҥнайгы кылаастан дьарыктанар. «Атын ханнык да куруһуокка сылдьыбаппын. Иллэҥ кэммэр уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн», – диир.

Аэлита Ершова «Синяя птица» куонкуруска сайаапкатын хаһан ыыппытын, ыҥырыыны тутан баран төһө долгуйбутун, хайдах бэлэмнэммитин биһиги ааҕааччыларбытыгар кэпсээтэ.

–Сайаапкабын балаҕан ыйыгар Альбина Михайловна Дегтярева ыыппыта. Икки ый курдук буолан баран, кастины аастыҥ диэн биллэрбиттэрэ. Мин олус үөрбүтүм. Бу иннинэ атын жанрга уопутум суоҕуттан кыратык долгуйбутум.

–Мэлдьи биир хомуһунан оонньуугун дуу эбэтэр хас да инструменнааххын дуу?

–Мин хас да хомустаахпын. Бары тус-туспа тыастаахтар. “Синяя птица” куонкуруска кытта барыам иннинэ саҥа хомустары атыыласпыппыт. Маастардара – Р.Г. Чемчоев уонна Г.Н. Комиссаров. Өссө Москваттан өр сылларга көрдөөбүт, хас да сылы быһа баҕарбыт хомуспун булбутум. Атын хомустарбыттан ураты тыастаах уонна сыаната ыарахан. Ону куонкурус тэрийээччилэрэ бэлэхтээбиттэрэ. Олус үөрбүтүм. Маастара – Литвинов. 

–Вахтаны кытта нүөмэргитин хас күн бэлэмнээбиккитий?

–Икки күн эрэ бэлэмнэммиппит. Ол да буоллар, мин санаабар, барыта табыллыбыта. Сыанаҕа туран эрэ бэйэ-бэйэбитин кытта харахпытынан өйдөһөрбүт, бу кэнниттэн туох кэлэрин музыканан кэпсэтэрбит.

–Көстүүмҥүн ким тикпитэй?

–Эскиһин Эстрада театрын режиссера, дизайнера Амгалена Нотара оҥорбута, сүбэлээн-амалаан биэрбитэ. Ону түргэн-тарҕан туттуулаах Опера уонна балет театрын иистэнньэҥэ Алина Яковлева тикпитэ.

–Кыттааччылары кытта доҕордостуҥ дуо? Туох дьоҕурдаах оҕолор баалларый?

–Бастаан оҕолор бэйэлэрэ кэлэн билсэллэр этэ. Хомуһум тыаһын, кыыллар саҥаларын истэн, дьиктиргээн чугаһыыллара. Кинилэр кыраларын көрүмэҥ. Бары бэйэлэрин көрүҥнэригэр дьиҥнээх виртуозтар. Бииртэн биир дьоҕурдаах оҕолор бааллар: ыллыыр, үҥкүүлүүр, гимнастиканан дьарыктанар, ролигынан хатааһылыыр, араас инструменнарга оонньуур, о.д.а.

–Москва хайдах куорат эбитий? Ханна сырыттыҥ, тугу сонургуу көрдүҥ?

–Москва – олус улахан куорат. Аатырбыт Кыһыл болуоссакка сылдьыбыппыт. Тула өттүбүт сандааран, күлүмүрдээн, олус кэрэ. Барыта уот-күөс, саҥа дьыллааҕы ырыа.

Хомусчут кыыс дьүүллүүр сүбэ хас биирдии тылын долгуйа истибитин үллэһиннэ. Ол курдук, кыттааччылар талааннарын Арассыыйа норуодунай артыыһа Сергей Безруков, эстрада ырыаһыта Дима Билан, виртуоз пианист Денис Мацуев, балет артыыһа Николай Цискаридзе сыаналыыллар. Биһиги кыыспыт нүөмэрин Сергей Безруков олус сөхпүтэ-махтайбыта, Дима Билан биһирээбитин билиммитэ.

Аэлита – ыал кырата, мурун бүөтэ. Владимир диэн улахан убайдаах, Любовь диэн эдьиийдээх.

–Ийэлээх аҕам – миигин мэлдьи өйдүүр-өйүүр күндү дьонум. Кинилэргэ күүс-көмө буолалларыгар махтанабын.

Бу күннэргэ Аэлита түмүктүүр түһүмэххэ бэлэмнэнэр. Ийэтэ Евдокия кэпсээбитинэн, мантан Москва куоракка СӨ үтүөлээх артыыһа Валентина Романова тиийбит.

Эдэркээн хомусчут Чыскыырайы кытта өссө биир хатыламмат нүөмэри бэлэхтииллэрин долгуйа күүтэбит. 

Хаартыскаҕа: айар күрэх түгэннэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....