Хомунаалынай тиэхиньикэни гааска көһөрүөхтэрэ
«Бары билэргит курдук, уопсастыбаннай тырааныспар пааркатын, ОДьКХ эйгэтигэр үлэлиир муниципальнай тэрилтэлэр хомунаалынай тиэхиньикэлэрин саҥардыыга уонна элбэтиигэ былааннаммыт үлэбитин салгыыбыт. Тиэхиньикэ «пробега» сылын аайы улаатан иһэр, оптуобус саҥа маршруттара баар буоллулар, уулуссалар уһаан биэрдилэр, ыраастааһыны элбэттибит. Ол иһин, бензин уонна дизельнэй оттук сыаната үрдүү турарын учуоттаан, оттукка туттуллар ороскуоту аҕыйата сатыыбыт, ити сүрүн хайысхалартан биирдэстэринэн буолар», - диэтэ социальнай ситимҥэ Евгений Григорьев.
Алтынньы 2 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна СӨ Промышленнаска уонна геологияҕа миниистирэ Максим Терещенко, Олохтоох дьаһалта структурнай салааларын уонна муниципальнай тэрилтэлэрин салайааччылара кыттыылаах мунньахха, «Жилкомсервис» МУТ 65 массыынатын судаарыстыбаннай субсидия көмөтүнэн гааска көһөрөргө дуогабардастылар.
«ЯПАК» муниципальнай тэрилтэ уопутугар олоҕуран көрдөххө, гаас оттукка көһөрдөххө сыллааҕы экономия уонунан мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһэр. Промышленнас уонна геология министиэристибэтин кытта үлэбитин салгыахпыт», - диэн бэлиэтээтэ куорат баһылыга.