01.12.2021 | 14:30

Хомунаалынай тиэхиньикэ паарката саҥардыллара уонна кэҥиирэ былааннанар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат уокуругар суолу көрүү-харайыы хаачыстыбатын тупсарар сыаллаах олохтоох дьаһалта хомунаалынай тиэхиньикэ пааркатын саҥардар уонна кэҥэтэр үлэни ыытар. Төгүрүк суукканан уонна сылынан үлэлиирин учуоттаатахха, аналлаах тиэхиньикэ алдьаныыта-кээһэниитэ  80 %-тан тахсар. Ол туһунан  «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ иһитиннэрбит. 
«2021 сылга 18 анал тиэхиньикэни атыылаһыы көрүллүбүт, ол иһигэр икки суол массыынатын, алта МТЗ-82.1 тыраахтыры, алта ДЗ-98 грейдери, икки «КАМАЗ 6520» массыынаны, хаар таһааччыны уонна тиэйэр экскаваторы», – диэн кэпсээбит «СЭГХ» МХТ дириэктэрэ Айаал Егинов.
Күн аайы Дьокуускай уулуссаларыгар «Якутдорстрой» АУо 76 аналлаах тиэхиньикэтэ, ол иһигэр 26 «КАМАЗ» самосвал, 18 «КАМАЗ КО-806 ПР» суол массыыната, 3 «КАМАЗ КО-806» тиэхиньикэ, 6 ДЗ-98 грейдер, ТКМ-237 хаар таһааччы, 6 МТЗ баазатыгар тыраахтыр, 6 фронтальнай погрузчик, 5 «Бобкэт» дьоҕус погрузчик, көлүөһэлээх бульдозер уонна погрузчик-экскаватор үлэлииллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...