Хомолто уонна махтал
Суруйааччы Егор Неймохов уонна тустуук Вячеслав Карпов иккиэн эдэрдэригэр көрсүбэтэхтэриттэн хомойбуттарын биллэрбиттэрэ. Биирэ хаһыатынан кытта. … Онтон түөрдуонча сылынан доҕордоспуттара. Өссө бииргэ кинигэ суруйбуттара. Барыта дьикти…
Бу күннэргэ саха норуотун тапталлаах суруйааччыта Егор Неймохов баара буоллар 70 сааһын туолбут үбүлүөйүн бэлиэтиэхтээҕэ. Кини 1970-с сыллар ортолоруттан бэчээттэнэрэ. Улахан суруйааччы тахсан эрэрэ оччоттон кылгас да суруйууларыттан биллэр эбит. Мин оҕо эрдэхпинэ билигин гроссмейстер буолан сылдьар убайым Петр Ушницкай спорт туһунан ханна, туох бэчээккэ тахсыбытын кырыйан ылан, уруһуй альбомугар силимниирэ. Челябинскайга барарыгар чымадааныгар уурбута. Ыйытыыта суох убай гиэнин аһыам дуо? Суругунан көҥүл ылан, ол онно бэйэм кырыйан силимниири салҕаабытым. Онно 1974 с. Дьокуускайга араас регионнартан кыттыылаах аһаҕас түһүлгэттэн репортаж тахсыбыта баар. Хаста хос-хос аахпытым буолла? “Слава Карпов уонна алтан турбалар…” диэн биир лоскуйугар ордук болҕомтобун ууран, саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри, соппутуойугар тиийэ, өйбөр туппутум. Болҕойбут строкаларым ааптарын, сюжетын, уобарастарын, омсолоох дьоруойун өйдөөн хаалабын. Хаһан эрэ, хайаларын да көрүстэхпинэ, тоҕоостоох түгэн үөскээтэр, тоҕо итинник буолтун ыйытыах санаа киирээччи. Сыл аастаҕын аайы ити ойуулааһын «тоҕо оннук суруллубута буолла?” диэн араастаан толкуйдатар. Ол да иһин Вячеслав Карповтан итиннэ сыһыаннааҕы хастыы да сыл буола-буола, санаата уларыйдаҕын аайы, ыйытарым. Оннук түгэни элбэх ааптар биир эмэ бэчээттэниилэрэ үөскэтэр. Ол түһүлгэ ааспыта алтыс сылын туоларын чугаһыгар Егор Неймохов “Эдэр коммунистан” “Хотугу сулуска” баран, кини босхолообут миэстэтигэр, ыччат хаһыатыгар, миигин корреспонденынан ылбыттара. Биир күн 1980 с. олимпийскай путевкалары былдьаһыылаах ССРС чемпионатыттан кэлбит дьонтон интервьюлаан, Дьокуускайга баар специалистартан комментарийдатан, бэйэм санаабын киллэрэн, “Уолаттарбыт хайдах туһуннулар?” диэн ыстатыйабын сэҥээрбит. -“И. Ушницкай” диэн Илья Ушницкай спорду итинник суруйар буолла дуо? -- диэн дьиибэргээн кэлбит. Онно билсибиппитигэр: "Аны спорт туһунан биир сэһэни суруйан баран бүтэбин, атын тиэмэлэргэ литературанан дьарыктаныам", - диэбитигэр соһуйбутум. Кини суруйууларыттан мин умсугуйуум улаатара. Хаарыан суруллуохтаахтары аахпат буолбуппут диэн хомойбутум. Ол эрээри литература үрдүк. Онно туох эрэ былааннаах буолан, ол саха норуотугар ордугун биллэҕэ дии санаабытым. Онтон ыла, көрүстэхпитинэ, иһирэхтик кэпсэтэр буолбуппут. Сотору тустууга анаммыт “Хапсыһыы” сэһэнэ тахсыбыта. Биир дойдулааҕым, ыалым, тустуу улахан фаната Василий Фомин Саха театрыгар спектакль туруорбута олус табыллыбыта. Аҕа доҕотторум Герасим Васильев – сүрүн дьоруойу Толя Доҕооробу (дьон үксэ Слава Карпов прототиба диир. — И.У.), кинини булкуйар уобараһы Артуру – Куприян Михайлов бэрткэ да оонньообуттара. Ол кэмнэртэн ырыаһыт туһунан “Көтүү”, “Сайсары күөлгэ түбэлтэ” (силиэдэбэтэл Макар Яковлев прототибынан), “Хаһыы”, “Таптал түөрт кэмэ” кинигэлэрэ утуу-субуу тахсан испиттэрэ. Хаһыаппытын тупсарыыга патриотизм күүстээх этэ. Ааттаах-суоллаах, үчүгэйдик суруйар дьоҥҥо материал сакаастаан, күүһүрдэ сатыырбыт. Биирдэ Егор Неймохов, кырдьык, спорт эйгэтигэр бэйэтэ да, суруйбута да көстүбэтэҕэ хас да сыл буолбут кэмигэр “Эдэр коммуниска”, Павел Пинигин спортан атаарылларынан, ити олимпийскай чемпиоммут туһунан киниттэн ордук ким суруйуой диэн көрдөһөр санаа киирдэ. Аны аккаастаан кэбиһиэ диэн дугдуҥнаатым. Ол гынан төлөпүөннээтим. Хата, үөрүөм иһин, сөбүлэстэ. Уруккуларыгар марыыннаабат, атын ким да эппэтэх санаалардаах, ханна да бэчээттэнэ илик хаартыскалардаах суруйуутун бэрт түргэнник аҕалбыта. Үс нүөмэр кэнники балаһаларыгар бэчээттээн, историяҕа киллэрдэхпит. Онтон “Аргыс” диэн альманах тэрийбитэ. Бэйэтэ кылаабынай редактор этэ. Арай, төлөпүөн тыаһаата: “Уйбааҥҥын дуо?.. Ээ, мин Егор Неймоховпын. Альманахпар кик-боксер Александр Иванов туһунан очерката суруй эрэ”, -- диэтэ. Итинник киһи бэйэтинэн көрдөһөрө – чиэс! Түргэнник толороору, түүннэри суруйбутум. 2000 сылга мин собкордуу сылдьар “Саха сирэ” хаһыаппар быстах кэмҥэ сурук отделын сэбиэдиссэйинэн киирбит этэ. Альбина Шараборина олус да үлэһит киһи эбит диэн бэркиһиирэ. Егор Петрович улаханнык ыалдьыбытын Михаил Ефимович Николаев Германияҕа ыытан эмтэтэн быыһаабытын, ол үрдүнэн өр барбат туруктаах эрээри, үлэлии аҕай олорорун, кинигэ бөҕөнү суруйа сылдьарын сөҕөрүм. Ол иһин аһынан, уоппускаҕа сылдьан, кэлэ-бара кабинетыгар киирэрим эрээри, сынньатаары, наһаа өр сэһэргэһэ сатаабакка, көннөрү кэпсэтэр этим. Тапталлаах тиэмэҕиттэн хайдах да арахса сатаатаххына, эргиллэ тураҕын. Ким эрэ, ордук ытыктыыр киһиҥ “итини – ону”, “миигин – кинини” суруй диэтэҕинэ, таҥнарыахсыт курдук буолуоххун баҕарбаккын. Егор Неймохов спорка эмиэ ол курдук эргилиннэҕэ. Кэлин хас да тустуу кинигэлэригэр литературнай суруйуутун оҥорон биэрбитэ.
Ити олоҕун тиһэх сылларыгар “Хара мааска”, “Быһах биитинэн”, “Ильмень үрдүнэн туруйалар”, “Сайсары күөлгэ түбэлтэ” (хас да саҥа айымньытын урукку итинник аатынан бэчээттэммит сэһэнигэр эбэн), “Эр киһи уонна дьахтар”, “Алампа” кинигэлэрин таһаарыыларын быыһыгар оҥорбута.
Мин улуу тренер Дмитрий Петрович Коркины кытта балайда чугастык билсибитим. Ол эрээри ыалдьар диэн уруккуттан “сиикэй баастарын” (бастакы үөрэнээччилэриттэн, кини эрэ буолуо дуо, саха норуотун бүттүүнүн эрэллэрэ буолбут үөрэнээччилэрэ туохтан очурга-чочурга оҕустарбыттарын) таарыйан бэргэтимээри, бэйэтиттэн биирдэ да ыйыппатаҕым. Слава Карпов, Вячеслав Карпов ааттарынан уруйдаммыт-айхалламмыт аҕай, үөҕүллүбүт-мөҕүллүбүт, кириитикэлэммит-хайҕаммыт, ааттаһыннарбыт-көрдөһүннэрбит да, кэлин Вячеслав Павлович диэн ытыктаммыт киһини аан бастаан кэпсэтэрбэр Иисус Христос саастааҕа. Оччолорго саҥардыы дуобатынан дьарыктанан, көнө аартыкка киирэн эрэрин истэрим. Ол 1981 с. саҥата Чурапчыга Карповтарга ыҥырыыта суох ыалдьыттыырдыы оҥостон, Дьокуускайтан аттаммытым. Эрдэ төлөпүөннээтэхпинэ, баҕар, көрсөргө сөбүлэһиэ суоҕа диэн сэрэнним. 12 квартиралаах мас дьиэҕэ олороллоро. Тиийбитим – хаһаайын суоҕа. Хаһаайка Татьяна Петровна сэргии көрсөн, остуолун тардыбытынан барбыта. Аны, киһим кэлбэтин? Арай хаһыаттарга эрэ көрөр киһибин түннүк нөҥүө бу олорор дьиэбит аанын диэки ааһан эрэрин көрдүм. Кэллэ диэн үөрбүтүм бэрдиттэн буоллаҕа дуу, комментаторскай куолаһынан: “Вячеслав Карпов!” -- диэн доргуччу биллэрбиппин кулгааҕым эрэ истэн, кыбыһынным. - Бу, Уйбаан Уһунуускай кэлэн, эйигин кэтэһэн олорор. Эйигин түннүгүнэн көрөн баран, урут тустууга курдук куолаһын улаатыннарда, “Вячеслав Карпов!”—диэтэ. Хата, Вячеслав Павлович, бэрт эбит диэбиттии, үөрэ илии тутуһан дорооболосто. Сэһэргэһии быыһыгар: -Улахан суруйааччыбыт кэлэр үһү дуу?—диэн эҕэлэээхтик иҥиэттэн кэбистэ. Мин тута Егор Неймохов кэлэр буоллаҕа, сөбүлээбэт эбит диэн, били, сэрэнэн ыйытарым дуу диир санаам тохтоото. Ити күннэргэ өссө Тарскай зонатааҕы күрэхтэһиитин кэмигэр уонна Петр Калачевтаахха хаста да көрсүбүппүт. Киһим номнуо дьээбэлэһэр буолта. “Хапсыһыы” спектакль туруоруллубутугар Вячеслав Павлович сылдьарын көрөн баран, бу айымньы туох соруктааҕын өйдөөбүт дии санаабытым. Онтон ыла ордук бодоруһан баран, сыл аайы кэриэтэ: “Хаһыаппар эн хайдах көммүтүҥ туһунан суруйарбыт буоллар, ыччакка, очурга-очурга оҕустарартан сэрэнэллэригэр уонна саастаахтарга даҕаны бүдүрүйбүт да көнөр диэн санаа үөскүүрүгэр олус туһалаах буолуо этэ…”диэн мэлдьи ыынньаҕалата сылдьар буолтум. Оннук ыынньаҕалатыым онус-хаһыс сылыгар: “Баанньаа, олох диэн уустук. Баҕар, эн миигин суруйбутуҥ тахсарын кытта, иһэн кэбиһиэм дии”, -- диэбитэ. Кэлин эргитэн өйдөөтөххө, санаата өссө ситэ илик эбит. Ити кэннэ хайдах эрэ аны ыйытыа суохпун дуу дии санаабытым. Ити эһиилигэр бэйэтин туһунан суруйарга көрдөстө. Мин эмиэ били ыынньаҕалатыым көбөн кэллэ. Онно, дьэ, бэлэм буолбут, хаһан да иһиэ суоҕун бигэтик өйдөөбүт быһыылааҕа. Ол түмүгэр «Орто дойду» хаһыаппар “Хара уонна үрүҥ” диэн ыстайаларым циклэ тахсыбыта. Вячеслав Карпов, ырыаһыт Владимир Татаринов очурдаах-чочурдаах олохтон көнө суолга туран өрүттүүлэрэ, ол быыһыгар Сахаачча кылгас чаҕылҕай олоҕун ситимнээн суруйуум саҕаламмыта. Ити курдук, олох диэн уустук. Ол эрээри, баҕар, ол 1974 с. Егор Неймохов оннук суруйбатаҕа буоллар, итинник суруйуулар ситимнэһиэхтэрэ саарбах этэ. Татьяна Петровна Карпова: - Герасим Васильев Дьокуускайга “Хапсыһыы” спектакль кэнниттэн Славалыын билсэн, өссө үчүгэйдик оонньуур туһуттан, Чурапчыга биһиэхэ хоммута. Егор Петровичтыын Вячеслав Павлович олус табыллан үлэлээбиттэрэ. Кини Ороһуоспаҕа биһиэхэ ыалдьыттыы кэлэн сүбэлэспитэ. Ол кэннэ күн аайы мин диктофоҥҥа суруйтаран илдьибиппиттэн суруйан иһэрэ. Иккиэн маннык буолуохтарын билэн, ыксыыр курдуктара…
Сайын кинигэ тахсыбыта. Ол Новосибирскайтан кэлиэр диэри Егор Петрович тиийээхтээбэтэҕэ. Былаан бөҕөлөөх сылдьан, даачатыгар кэргэнинээн кэккэлэһэ хааман чугаһаан иһэн охтон баран быыһамматаҕа (олоҕун тиһэх кэмин туһунан огдооботун Мария Петровна Неймохова биһиги редакциябыт көрдөһүүтүнэн Санкт-Петербургтан ыыппыт ахтыытын аныгыскы нүөмэргэ ааҕыаххыт). Киниэхэ бастаан репортаһыгар омсолоох дьоруой, онтон “Ат өрөҕөтүгэр, уорҕатыгар олох” тиһэх кинигэтин сүрүн сэһэргээччитэ Вячеслав Карпов ити ыар сураҕы истииттэн уйадыйан, сотору оҕустаран охтубута… Быраастар, кэргэнин, чугас дьонун өйөбүллэринэн билигин арыый буолбутугар махтал.