09.11.2021 | 14:28

Хочуолунай оннугар спорткомплекс арыллыаҕа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куорат Билибин уулуссатын 1 №-гэр баар урукку «Промкомлекс» хочуолунай дьиэтигэр (бас билээччи «Теплоэнергия» АУо) оҕолор буоксанан уонна кикбоксингынан дьарыктанар спорткомплекстара арыллыаҕа. Куорат баһылыга Евгений Григорьев хочуолунай дьиэтигэр сылдьан, көрөн-истэн баран итиннэ сыһыаннаах сорудахтары биэрдэ. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Евгений Григорьев Сайсары уокуругун олохтоохторо социальнай, спорт эбийиэктэригэр олус наадыйалларын бэлиэтээтэ. 
«Бу соругу ситиһэргэ урукку хочуолунай дьиэтигэр хапытаалынай өрөмүөн ыытан, наадалаах тэриллэринэн хааччыйан баран буоксаҕа уонна кикбоксиҥҥа дьарыктыыр Академия арыйарга быһаарынныбыт. Тоҕо Академия диир буоллахха, эбийиэк наһаа улахан иэннээх – 1200 кв. м., тутуу бары нуорматынан оҥоһуллубут. Спорт эбийиэгэ оҥордохпутуна өрөспүүбүлүкэҕэ атылыыта суох буолара чуолкай. Бу буокса уонна кикбоксинг сайдыытыгар улахан кылаатынан буолуоҕа», – диэтэ  куорат баһылыга. 
Хочуолунай,  ититиинэн туһанааччылар ГРЭС-2 холбоммуттарынан сибээстээн, 2019 сылтан үлэлээбэт. Ол туһунан «Теплоэнергия» АУо генеральнай дириэктэрэ Михаил Воробьев иһитиннэрдэ. Хочуолунайга чугаһыыр суоллар табыгастаахтар, массыына парковката баар, онон бу дьиэ саҥа социальнай эбийиэк буоларыгар бары өттүнэн табыгастааҕа бэлиэтэннэ.
«Хочуолунай дьиэтигэр инженернэй коммуникация барыта баар – уот ситимэ, итии уонна тымныы уу, ититии, канализация. Билиҥҥи туругунан хочуолунайы суох оҥоруу хаамыыта барар. Манна урут ыарахан хочуоллар турбуттара, онон дьиэ акылаата бөҕө диэн бэлиэтиэххэ наада», – диэтэ  Михаил Воробьев.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...