24.11.2021 | 16:00

Хоһоон ааҕыытыгар аһаҕас күрэс

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын кѳрсѳ, Ньурба оройуонун Малдьаҕар нэhилиэгин В.И. Максимов аатынан орто оскуолата 100 сылынан, Малдьаҕар  нэhилиэгин бастакы учуутала,  Дьокуускайдааҕы учительскай семинария бастакы выпускнига (1914-1917с.с)., Ньурба улууһун исполнительнай комитетын бэрэссэдээтэлэ, бэрэссэдээтэл солбуйааччыта (1924-1927 с.с)., Бүлүү уеһын общественнай куттала суох буолуутун комитетын чилиэнэ, продовольственнай уонна сир управаларын бэрэссэдээтэлэ (1923 с.), Саха Сирин киин ситэриилээх комитетын чилиэнэ-1926 с., Хонтуруолунай хамыыhыйа чилиэнэ (1927-1929 с.), Саха сирин прокуратуратын үлэһитэ (1929-1931 с.с.), адвоката (1931-1951 с.с.) – Михайлов Николай Климович төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан, Өрөспүүбүлүкэтээҕи бөлөҕүнэн хоһоон ааҕыытыгар аһаҕас күрэс биллэрэбит. 


Балаһыанньата:
Тэрийээччилэр:
- Малдьаҕар нэhилиэгин олохтоох бибилэтиэкэтэ;
-  Николай Климович Михайлов убайын Семен Климович Михайлов сиэнэ Любомир Михайлов уонна кини дьиэ кэргэнэ.
Кыттааччылар: 
- Тэрилтэ үлэhиттэрэ, учууталлар, араас сылларга Малдьаҕар оскуолатын бутэрбит оҕолор. 
Күрэс сыала-соруга:
- Дьоҥҥо-сэргэҕэ Сахабыт сирин Автономията тэриллэр  кэмин саҕанааҕы тыынын хоhоон нѳҥүѳ тиэрдии;
-Төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии, дойдунан киэн туттууну, өрө көтөҕүллүүнү, патриотическай өйү-санааны көҕүлээһин;
-   Нэhилиэк чулуу дьонун аатын-суолун сырдатыы, үйэтитии.
- Хоhоон авторын киэҥ эйгэҕэ билиhиннэрии.
Ыытыллар кэмэ:
Хоһоону сэтинньи 27- ахсынньы 1 күннэригэр тиксэрэҕит.
Күрэс ирдэбилэ:
- 18 сааһыттан үөһээ саастаахтар кытталлар. 
- Хоhоону бѳлѳҕүнэн, эбэтэр соҕотоҕун ааҕыаххытын сѳп.
- Кыттааччы барыта Маргарита Егорова "Ньурба ньургун уолаттара ини-бии Михайловтар ааттара суппэттэр" диэн биир хоһоонун нойосуус ааҕан видеоҕа устан ватсаабынан 89659934056 нүөмэргэ ыытар. Толору ааккытын, электроннай почтаҕытын, оройуоҥҥутун, нэһилиэккитин чуолкайдык суруйан ыытаҕыт.
Сыанабыла, наҕараадалааһына:
-    Хас биирдии кыттааччыга туоһу сурук электроннай почтаҕа ыытыллар.  
-    Бастаабыт хоhооннор 1, 2, 3 миэстэлэргэ харчыннан бириэмийэлэниэхтэрэ:
1 миэстэ - 5000 солкуобай
2 миэстэ - 3000 солкуобай
3 миэстэ - 2000 солкуобай
-    Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан бастаабыт уонна биһирэммит хоһооннор бибилэтиэкэ @lib_bysyttax инстаграм сирэйигэр тахсыаҕа. 

Тэрийэр бөлөх

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....