Хирургия саҥа хайысхата олоххо киирдэ
Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах клиническэй балыыһатыгар хирургия саҥа көрүҥүн – витреоретинальнай хирургияны туһанан эрэллэр. Ити хайысха харах сетчаткатыгар уонна стекловиднай эттигэр уустук эпэрээссийэлэри оҥорорго төһүү күүс буолуоҕа.
Медиктэр этэллэринэн, итинник хирургия уустук хайысхата сайдарыгар EVA диэн хирургическай тэрил ылыллыбыта көмө буолбут. Онон быраастар харах ыарахан эчэйиитин кытта ситиһиилээхтик эпэрээссийэлиир кыахтаммыттар.
DORK ситим өйөбүлүн специалиһа Андрей Братко этэринэн, Нидерландыга оҥоһуллубут саҥа аппараат атылыыта суох. Ити көмөтүнэн, харах диагноһа төһө уустугуттан көрөн, эпэрээссийэ 20 мүнүүтэттэн хас да чааска тиийэ оҥоһуллар эбит.
Маны таһынан, эпэрээссийэ кэмэ кылгыыра бэлиэтэнэр, холобур, катарактаны 5-7 мүнүүтэ иһигэр ылан быраҕыахха сөп үһү. Сетчатка хоҥнубутун 2 чаас иһигэр көннөрөр буолбуттар.
Хирургия бу методиката үрдүк таһымнаах технологиялаах буолан, дьон сааһыттан тутулуга суох этэҥҥэ аһараллар эбит. Ол иһин харах чөлүгэр түһэр кэмэ аччаан биэрэр диэн медиктэр этэллэр. Ыарыһах балыыһаҕа биир эрэ күн сытан тахсыан сөп эбит.
EVA ситим сыаната 10 мөлүйүөн буолара этилиннэ.