ХИФУ онлайн үөрэххэ көһөр
М.К.Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннара алтынньы 14 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри тэйиччи олорон үөрэнии ньыматыгар көһүөхтэрэ. Ректор Анатолий Николаев бирикээскэ илии батаабытын туһунан ЯСИА иһитиннэрэр.
Дьокуускайга уустук санитарнай-эпидемиологическай балаһыанньа олохтоммутунан, үрдүк, орто үөрэх бырагырааматынан уонна эбии үөрэхтээһин бары көрүҥнэригэр үөрэнэ сылдьар устудьуоннар электроннай ньыманан үөрэниэхтэрэ. Онлайн үөрэх бу ый 14 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри буолуоҕа.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



