24.06.2021 | 17:00

ХИФУ-ны бүтэрээччилэр кыһыл дипломнары туттулар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка 558 үөрэҕи бүтэрээччи кыһыл диплому тутта. Ол туһунан ХИФУ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. 
ХИФУ уонунан сыллар тухары үлэ ырыыныгар үрдүк квалификациялаах каадырдары бэлэмнээн таһаарар диэн СӨ үөрэҕириигэ уонна наукаҕа миниистирэ Михаил Сивцев бэлиэтээтэ. «Сылын аайы университеты 3,5 тыһыынча кэриҥэ, кэтэхтэн үөрэммиттэри аахтахха 4,5 тыһыынча киһи бүтэрэн тахсар. Оскуола учууталлара бары ХИФУ, СГУ бүтэрээччилэрэ диэн чуолкай этиэхпин сөп», - диэн этэр миниистир.


ХИФУ филологияҕа салаатын бүтэрбит Сардаана Протопопова магистр дипломун ылбыт. «Суруналыыстыка салаатын магистратуратыгар киирэр санаам бакалавриакка үөрэнэ сылдьан, ППОС пресс-сулууспатыгар үлэлээбиппиттэн саҕаламмыта. Суруналыыс кырдьык мин идэм эбит диэн өйдөөбүтүм. ХИФУ биһиэхэ тэҥҥэ үөрэнэр уонна үлэлиир кыаҕы биэрбититтэн үөрэбин. Үөрэҕим кэмигэр волонтердаабытым, общественнай үлэнэн, науканан дьарыктаммытым. Преподавателлэрбит бары саҕалааһыннарбытын өйүүллэр этэ», – диэн Сардаана санаатын үллэстэр.
Омук устудьуоннарын аатыттан математика уонна информатика институтун бүтэрбит Ву Ба Шанг тыл эппит. Кини бу кэм тухары үөрэҕириигэ уонна наукаҕа сыһыаннаах үлэлээһин чэрчитинэн элбэх дойдуларга уонна куораттарга сылдьыбытын бэлиэтээтэ. «Бары бүтэрээччилэргэ биһиги олохпут дьоһун кэрчигин түмүктээн саҥаҕа киирдибит диэн этиэхпин баҕарабын. Хас биирдиибитигэр олоххо дьоллоох билиэт тигистин, толкуйдарбыт уонна бырайыактарбыт олоххо киирдиннэр диэн баҕа санаабын этэбин », – диэн түмүктээбит Ву Ба Шанг.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...