ХИФУ искусственнай интеллект эйгэтигэр үлэлиир исписэлиистэри бэлэмниир Арассыыйа тутаах университеттарын испииһэгэр киирдэ
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ искусственнай интеллект (ИИ) эйгэтигэр исписэлиистэри бэлэмнээһин рейтинигэр Арассыыйа тутаах университеттарын ахсааныгар киирдэ. Бу туһунан университет ректора Анатолий Николаев иһитиннэрдэ.
Рейтини РФ наукаҕа уонна үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтэ «Искусственнай интеллект эйгэтин альянса» ассоциацияны кытта оҥордо. Үрдүк үөрэх кыһаларын рейтиннэрэ үөрэҕи бүтэрээччилэри бэлэмнээһин хаачыстыбатын үрдэтиигэ көмөлөһүөҕэ.
«ХИФУга ИИ эйгэ исписэлиистэрин бэлэмнээһининэн математика уонна информатика института дьарыктанар. Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ИИ олох бары тутаах эйгэлэригэр киллэрии суолтатын туһунан урут этэн турар. «Искусственнай интеллект» федеральнай бырайыак чэрчитинэн 21 бакалавриат уонна 85 магистратура бырагыраамата бигэргэннэ», - диэн ректор бэлиэтээтэ.
Анатолий Николаев этэринэн, бу стандартынан ИИ хайысхатыгар 2030 сылга 70 тыһыынча устудьуону бэлэмниир былааннаахтар.