ХИФУ Ханой университетын кытта бииргэ үлэлэһэр
Ахсынньы 20-22 күннэригэр Ханойга ХИФУ официальнай делегацията сырытта. Сотору кэминэн, сөбүлэһии чэрчитинэн, өрүттэр тэрээһиннэр былааннарын торумнуохтара. Проректор, ХИФУ норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһин департаменын дириэктэрэ Нюргун Максимов бэлиэтээбитинэн, Ханойдааҕы предпринимательство уонна технология университета – Вьетнам нуучча тылын үөрэтэр бастыҥ үрдүк үөрэҕин кыһата.
«Университет 200-тэн тахса преподавателэ ССРС уонна Арассыыйа үрдүк үөрэхтэрин кыһатыгар үөрэммиттэрэ. Билигин 100-чэ устудьуон нуучча тылын үөрэтэр. Норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһин проректора, тойон Чан Дык Минь, нуучча уонна кэриэй тылын үөрэтэр факультет декана тойон Ле Тхань Ван бэйэлэрин этиилэригэр ХИФУ-ну кытта бииргэ үлэлииргэ улахан интириэстээхтэрин биллэрдилэр», – диэтэ Нюргун Максимов.
ХИФУ филологическай факультетын декана Галина Жондорова кэпсээбитинэн, Нуучча тылын күннэрин чэрчитинэн, нуучча тылын кыраныысса таһыгар тарҕатыыны уонна үөрэтии методикатын дьүүллэспиттэр.
«Үрдүк үөрэх кыһатын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыгас үөрэтии бырагыраамаларын оҥорууга, устудьуоннары уонна преподавателлэри атастаһыыга интириэстээхтэрин эттилэр. Бастакы кыттыгас тэрээһиннэрбитин 2023 сылга ыытыахпыт диэн дуогабардастыбыт», – диэн кэпсээтэ Галина Жондорова.
Сүрүн хайысхаларынан ХИФУ-га үөрэттэрэргэ устудьуоннарын гыраанынан уонна стипендиянэн өйөөһүнү, итиэннэ Вьетнам преподавателлэрин, дистанционнай технологиялары уонна көһө сылдьар семинардары туһанан, нуучча тылын баһылыыр таһымнарын үрдэтиини ыйдылар.
Хотугу-Илиҥҥи федеральнай университеттан Вьетнамҥа норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһин проректора Нюргун Максимов, филологическай факультет декана Галина Жондорова уонна нуучча тылын омук тылын курдук үөрэтэр кафедра сэбиэдиссэйэ Светлана Петрова сырыттылар. Вьетнам өттүттэн ректорат бэрэстэбиитэллэрэ, Норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһин института, нуучча уонна кэриэй тылын үөрэтэр факультет, преподавателлэр уонна нуучча тылын үөрэтэр устудьуоннар бааллар.