30.04.2021 | 18:00

ХИФУ-га быйыл киирэр уларыйыылар

(Абитуриеннар болҕомтолоругар!)
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Биологическай наука доктора, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи университет ректора Анатолий Николаевич Николаев – аныгы кэм ирдэбиллэригэр олоҕуран, саҥа технологиялары үлэтигэр хото киллэрэр салайааччы. Бу соторутааҕыта кини абитуриеннары кытта көрсүһүүтэ онлайн ньыманан барбытын үгүспүт сэргээтэ. Аһаҕас кэпсэтиигэ эрдэттэн ыйытыылары бассаабынан, электроннай почтанан туппуттара өссө табыгастаах буолла.

Ректор “Аһаҕас кэпсэтиититтэн” быһа тардан, сүрүн тосхоллоругар тохтоон ааһыахпыт. Быйылгы абитура сезона, аан дойдуну аймаабыт дьаҥынан сибээстээн, өссө хайдах быһыылаахтык барыа билигин да чуолкай биллибэт.

“2020 сыл барыбытыгар ураты буолбута, ХИФУ-га биир да абитуриены сирэй көрсүбэккэ онлайн ылбыппыт, ол оҕолорбут быйыл бастакы куурустарын түмүктүөхтэрэ”, – диэн ректор кэпсээнин саҕалаата. 2020 сылга 23000 сайаапка биэрбит абитуриентан 5509 оҕо киирбит эбит. Ол иһигэр 13 БКЭ-гэр 100 бааллаах, 26 араас олимпиадалар кыайыылаахтара киирбиттэр. 463 – федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэн тус сыаллаах миэстэ арыллыбыт. БКЭ орто баала 64,78 этэ. Уопсай куонкуруһунан киирээччилэр БКЭ орто бааллара  65,63 буолбута.

 

Быйылгы абитуриентан ирдэнэр докумуоннар:

Абитуриент пааспара:

Үөрэҕин туһунан докумуон;

СНИЛС (быйыл саҥа ирдэнэр буолла);

Үөрэххэ киириигэ чэпчэтиилэринэн туһанар бырааптааҕын туһунан докумуоннар (инбэлииттэр, ОВЗ, олимпиада түмүктэрэ о.д.а.);

Үөрэххэ туттарсааччы ситиһиилэрин туоһулуур докумуоннар (абитуриент бэйэтин баҕатынан);

Тус сыаллаах үөрэхтээһин туһунан дуогабар (“целевойдаах” оҕолортон);

Онтон да атын докумуоннар. 2 хаартыска – университекка эксээмэн туттарааччылартан.

 

Докумуоннары туттарыы хас да ньыманан барыаҕа:

Абитуриент бэйэтэ аҕалан биэрэр эбэтэр дэбиэринэстээх киһитин ыытар;

Электроннай форматынан priem2021.s-vfu.ru ХИФУ электроннай информационнай систиэмэтигэр ыытыллар;

“Поступление в вуз онлайн” суперсервис көмөтүнэн “Госуслуги” портал нөҥүө;

Почтанан: 677000, Дьокуускай к., Белинскэй уул. 58, ХИФУ Сүүмэрдиир хамыыһыйата.

 

Абитуриент университекка тэҥинэн 5 араас үөрэх хайысхатыгар, 3 араас филиалга докумуонун туттарыан сөп.

Үөрэххэ туттарсааччы ситиһиилэрин сыаналааһыҥҥа кэккэ уларыйыылар киирдилэр. Үксүн спортивнай ситиһиилэр хааллылар. 10 баалга диэри эбиниэххэ сөп.

Маны таһынан, Арассыыйатааҕы олимпиадалар кыайыылаахтара үөрэххэ быһа киирэллэр. Сүрүнэ – профильнай предмеккэ 75 баалтан элбэх баалы ылбыт буолуохтааххыт.

 

Арассыыйа Үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтин бирикээһинэн олохтоммут БКЭ алын таһыма:

Нуучча тыла – 40 баал.

Математика – 39 баал.

Физика – 39 баал.

Химия – 39 баал.

Информатика уонна ИКТ  – 44 баал.

Биология – 39 баал.

История – 35 баал.

География – 40 баал.

Обществознание – 45 баал.

Литература – 40 баал.

Омук тыла – 30 баал.

Болдьохтор

Быйылгыттан үөрэххэ киирбит оҕолор испииһэктэрэ тахсарыгар ааты, араспаанньаны буолбакка, СНИЛС нүөмэрин ыйар буолуохтара. Ол аата СНИЛС нүөмэрэ  абитуриент уникальнай куодун оҥорор.

ХИФУ-га докумуоннары тутуу бэс ыйын 20 күнүттэн саҕаланар, от ыйын 25 күнүгэр түмүктэнэр. Эбии сүүмэрдээһин сэтинньи 15 күнүгэр диэри ыытыллар.

Университет бэйэтэ ыытар эксээмэннэрэ от ыйын 12-25 күннэригэр буолаллар. Чуолкай расписание бэс ыйын 1 күнүгэр тахсыаҕа. Биллэн турар, барыта эпидемиологическай балыһыанньаттан тутулуктаах буолуоҕа. Болдьохтор сыҕарыйан биэриэхтэрин сөп.

 

Үөрэххэ ылыы быйыл икки эрэ түһүмэҕинэн барар:

От ыйын 30 күнүгэр – эксээмэнэ суох быһа киирээччилэр испииһэктэрэ чуолкайданар;

Атырдьах ыйын 5 күнүгэр – үөрэххэ киирии сүрүн түһүмэҕэ түмүктэнэр. От ыйын 28 күнэ – үөрэххэ киирбит оҕо сөбүлэҥин биэрэр бүтэһик күнэ.

 

Быйыл 779 тус сыаллаах үөрэхтээһин миэстэтэ арыллар – бу былырыыҥҥытааҕар элбэх. Онон абитуриеннар эрдэттэн тэрилтэлэри кытта дуогабар (целевой) түһэрсэ сылдьыахтарын сөп.

М. К. Аммосов аатынан ХИФУ – дойдубут үрдүнэн тэриллибит 10 федеральнай университеттан биирдэстэрэ. Арассыыйа хотугулуу-илин өттүн үөрэхтээһининэн хааччыйар бөдөҥ үөрэх кыһата. 19000 тахса устудьуон үөрэнэр. 1600 тахса преподаватель үлэлиир. 500-тэн тахса омук сириттэн кэлэн үөрэнэр устудьуон баар.

 

***

Маны таһынан, ректорга киирбит ыйытыылартан кылгастык билиһиннэрэбит:

Юлия Громова, 11 кылаас үөрэнээччитэ:

Мин 9-с кылааска СВОШ олимпиадатыгар филологияҕа бастаабытым. Онтукам быйыл үөрэххэ туттарсарбар көмөлөһөр дуо?

 

Үрдүк үөрэххэ туттарсыы олимпиадатын испииһэгэр баар буоллаҕына, бу ситиһииҥ федеральнай таһымнаах күрэх киэнэ буоллаҕына, быйыл үөрэххэ туттарсаргар туһанаҕын. 75 баалтан кырата суох баалы ылбыт түгэҥҥэр, быйыл үөрэххэ быһа киирэҕин.

 

Нина Ноговицына, Дьокуускай куораттааҕы лицей дириэктэрин солбуйааччы:

Биһиги гимназиябытыгар лингвистическэй кылаастаахпыт. Оҕолорбут ХИФУ-га уонна атын куораттарга туттарсан көрөр былааннаахтар. Биһиги университеппыт ханнык атын үөрэх кыһаларын кытта устудьуоннары атастаһыы бырагырааматынан үлэлиирий?

 

Атын үөрэх кыһатыгар тэҥинэн туттарсар буоллаххытына, бастакы уочарат оригиналгытын ханна туттараргытын быһаарына охсуоххутун наада буолуо. Атын куоракка ыытаҕыт дуу, биһиэхэ аҕалан биэрэҕит дуу...

Оттон атастаһыы бырагыраамаларын туһунан эппиэттээтэххэ, ХИФУ “Арктика университеттарын ассосиациятыгар” киирсэр, “Север северу”, “Кыһыҥҥы оскуолалар”, о.д.а. атастаһыы бырагыраамалара бааллар. Устудьуоннар икки диплому тэҥинэн көмүскүүр кыахтаахтар. Атын омук дойдуларын кытта үлэлиир быраактыка эмиэ баар. Холобур, Францияҕа баран үөрэммит, диплом көмүскээбит оҕолор бааллар.

Атастаһыы бырагырааматынан Европа, Кытай, Корея, о.д.а. дойдуларга, ону тэҥэ Арассыыйа атын университеттарыгар үөрэнэр кыах элбэх.

 

Ольга Николаевна Лонгинова, Төҥүлү оскуолатын үлэһитэ:

Арай наһаа баҕарар оҕо бүддьүөттэн үбүлэнэр миэстэҕэ сатаан хапсыбакка хааллаҕына, төлөбүрдээх үөрэх ортотунан төһө буолуой?

 

Биллэн турар, биһиги үрдүк бааллаах оҕолор кэлэн үөрэххэ киириэхтэрин баҕарабыт. Абитуриеннар БКЭ ылбыт орто баалларынан бөдөҥ университеттар рейтиннэрин таһаараллар. Баала тиийбэтэх оҕо төлөбүрдээх үөрэххэ киирэр. Манна БКЭ түмүгэ алын кээмэйиттэн кырата суох бааллаах буолара булгуччу ирдэнэр. Төлөбүрдээх үөрэх бэйэтин сыаната ортотунан быйыл 265 тыһ. солкуобайтан 400 тыһыынча солк. тиийэр. Үөрэх сыаната барыта Федеральнай министиэристибэнэн хонтуруолланар. Араас чэпчэтиилэр көрүллүбүттэрин кэннэ, күнүскү үөрэх сыаната 125 тыһ. солкуобайтан саҕаланар. Ол аата университет улахан аҥаарын бэйэтэ уйунар.

Үөрэххэ 1-2 бырыһыаннаах кирэдьииттэр баар буолаллар. Ити боппуруоһу үөрэтиҥ. Потребительскай кирэдьииттэрдээҕэр сыаналара чэпчэки буолан тахсар.

 

Лена Николаевна Карамзина, төрөппүт:

Мин уолум федеральнай таһымнаах олимпиадалар призердара. Атын куорат университеттарыгар киирэр кыахтаах, ол иһигэр ХИФУ эмиэ көрөр. Үөрэххэ киирэригэр чэпчэтиилээх буолуо дуо? Талааннаах устудьуоннары өйүүр бырагыраамалар бааллар дуо?

 

Биһиэхэ киирдэҕинэ актыыбынай устудьуоннарга өйөбүл элбэх. Истипиэндьийэлэрэ үрдүүр, туйгуннарга, наукаҕа ситиһиилээхтэргэ, спортивнай, култуурунай ситиһиилээхтэргэ үрдүк истипиэндьийэ көрүллэр.

Сылга биирдэ 150 устудьуон Москваҕа кыһыҥҥы сынньалаҥҥа баран кэлэр. Атастаһыы бырагырааматынан атын куораттарга, тас дойдуларга үөрэнэн кэлиэхтэрин сөп. Научнай лабораторияларга, түмсүүлэргэ үлэлиир кыах бэриллэр. Көхтөөх устудьуоннары өйүүр хайысха арааһа элбэх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...