24.08.2021 | 16:00

ХИФУ филологическай факультета YouТube ханаалга литературнай булуогу арыйар буолла

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

М.К.Аммосов аатынан ХИФУ филологическай факультета, ыччат дьыалаларыгар  федеральнай агентство гранынан наҕараадаланан, YouТube ханаалга өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакы литературнай булуогу арыйар буолла. Ол туһунан ХИФУ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Хабаровскай куоракка ыытыллыбыт «Амур» Ыччат форумун чэрчитинэн, ХИФУ филологическай факультетын старшай преподавателэ Дмитрий Жирков сырдатар үлэҕэ медиабырайыагы олоххо киллэрэргэ 300 тыһыынча солкуобайдаах граны сүүйбүт. 
Кини куорат тас көрүҥүн диджитал-үнүстүрүмүөннэр көмөлөрүнэн уус-ураннык оҥорон көрүү медиабырайыагын көмүскээбит. Дмитрий Жирков салалтатынан 11 медиакиинэ оҥоһуллуохтаах. 
«Факультет Саха сиригэр бастакы уонна соҕотох литературнай булуогу YouТube ханаалга таһаарар буолла. Биир сыл тухары ХИФУ устудьуоннарыттан турар хамаанда, ааҕыыны сөбүлүүр дьон ортотугар 11 сыаналаах бириистэрдээх айар күрэхтэри ыытыаҕа», – диэбит Дмитрий Жирков.
Булуокка киин куорат култуурунай олоҕо литературнай тиэкистэр көмөлөрүнэн сырдатыллыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....