15.11.2021 | 15:00

Хайыһар тренерэ

Ааптар: Баһылай Посельскай
Бөлөххө киир

Хатас хайыһарга Алданнааҕы спортоскуолатын филиалын тренерэ, аан дойду үс чемпиона Станислав, Герман, Александр уолаттардаах дьоһун-мааны ыал тапталлаах аҕата, ытык эһэтэ Степан Степанович Контоев Алдаҥҥа сыл устата хаста да кэлэн барар.

Бу да сырыыга Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын кытта даҕаспытынан уон биир оҕотун илдьэ кэлбит. Олимпиецтар хайдах дьарыктаналларын көрөр сыаллаахтар-соруктаахтар. Степан Степановиһы 77 саастаах эрэ буолуо дии санаабаккын. Эдэрдии эрчимэ, күлэ-үөрэ, сонунун улгумнук үллэстэ, спортивнай форматын тута сылдьара көрүөххэ астык. “Айылҕаҕа сылдьар – дьол!”– диэн олоҕун былаһын тухары сөбүлээн туттар девизтээх. Манна күнүн-дьылын, маҥнайгы хаары сөбүлүүр. Алдаҥҥа бу тохсус кэлиитэ эбит. Хас биирдии күн күндү, мүччү туппаттар. Күүскэ дьарыктаналлар. Баазаҕа баар гостиницаҕа үрдүттэн түһэ сытан, иҥэмтэлээх бэлэм аска эрчиллэллэр. Усулуобуйатын олус табыгастаах диэн хайгыыллар. Спортоскуола дириэктэрэ Максим Скупойдуун кэпсэтиитин табан, көҥүл ылан, босхо түһэллэр. Сайаана Халгаева, Марина Лугинова, бырааттыы Сандаар, Сайдам Поротовтар, Артем Герасимов, Наташа Иванова, Витя Иванов, игирэ Павел, Василий Сивцевтэр бааллар. Игирэ хайыһардьыт уолаттар Аммаҕа өрөспүүбүлүкэ турнирын кыайан, убаһанан наҕараадаламмыттар.

Биһиги оҕолорбут Арассыыйа хамаандатыттан улаханнык астыммыттар. Арыый эрдэ кэлэн күүстээх дьарыкка сылдьаллар. Өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, сүрдээх үчүгэй базаны туттарбыттарын иһин, төгүрүк сыл эргиччи эрчиллэр усулуобуйа тэриллибитигэр, махталлара улахан. Хайыһарга уонна биатлоҥҥа Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандалара кэлэн эрчиллэллэрин улахан ситиһиинэн ааҕаллар. Аан дойду аатырбыт хайыһардьыттара хамсаналларын-имсэнэллэрин да көрөн үөрэнэллэрин кэпсииллэр. Тренердэрэ Степан Контоев: “Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук!”- диэн саха бэргэн өһүн хоһоонун ахтар. Сорох бастыҥ оҕолоро Яков Гаврильевич Поповка бу Алдан спортоскуолатыгар дьарыктаналлар. Кандидат нуорматын толорорго үлэлэһэллэр. Степан Степанович атын да оҕолорун каникулларыгар аҕалтыыр. Оҕолоругар көтүппэккэ лекция ааҕар, бэсиэдэ оҥорор. Өрдөөҥүттэн олохтоммут үгэс быһыытынан, саҥа күннэрэ сарсыардааҥҥы чэбдигирдэр сэрээккэттэн саҕаланар. Ыраата барбакка эттэххэ, сайыҥҥы үөрэтэр түмсүүлэргэ күн-дьыл туругуттан тутулуга суох таһырдьа сибиэһэй салгыҥҥа сэрээккэлииллэр. Пандемиянан сибээстээн уонна элбэх үлэни оҥороору, күҥҥэ иккилии дьарыгы оҥордулар. Улахан оҕолоро соруттарыыта суох куруук бэйэлэрэ дьарыктанар буолтара быданнаата. Степан Степанович кинилэргэ эрэнэр. Дьарыктыыр оҕолорун таптыыра оччо, ол иһин оҕолор тренердэрин тылыттан тахсыбаттар, истэллэр, тугу этэрин эҥкилэ суох толороллор. Кыһыҥҥы каникулга Приморьеҕа барар былааннаахтар, онуоха төрөппүттэргэ эрэнэр, күүскэ үлэлэһэр. Хайыһардьыттар – удьуор үлэһиттэр! Кинилэргэ кыаллыбат диэн суох. Дьарыктыыр оҕолорун таптыыра оччо, ол иһин оҕолор тренердэрин тылыттан тахсыбаттар, истэллэр, тугу этэрин толороллор. Кыһыҥҥы каникулга Приморьеҕа барар былааннаахтар, онуоха төрөппүттэргэ эрэнэр, күүскэ үлэлэһэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...