14.02.2020 | 12:41

Хайа омук буоларбын «не знаю»

Хайа омук буоларбын «не знаю»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Төрөөбүт тылынан саҥарар, өбүгэлэрбит үгэстэрин, култууратын билэр оҕо быдан сайдыылаах, киэҥ билиилээх, саха омуга буоларынан киэн тутта иитиллэн тахсар.

Омук быһыытынан туспа тыллаах-өстөөх, сиэрдээх-туомнаах, ырыалаах-тойуктаах, дьарыктаах буоларбытын өбүгэлэрбит үгүс үйэлэр усталарыгар харыстаан илдьэ кэлбиттэрин оҕолорбугар тиэрдэр иэстээхпит. Ийэ тылбытын атарахсыппат, симэлиппэт туһугар хас биирдии саха киһитэ туруулаһа сатыахтаах..

Куоракка саха саҥалаах элбээтэ диэн үөрбүппүт баара...

Кэннэки 6-7 сылга куоракка улуустартан уонна өрөспүүбүлүкэ таһыттан кэлии лаппа үрдээн, үөрэх оҕотун ахсаана 20% элбээн, 46 тыһ. тиийдэ диэн этэллэр. Ол эрээри бүтүн куорат үрдүнэн баара-суоҕа 4 эрэ үөрэх кыһата олорчу сахалыы оскуола аатын ылар. Уоннааҕы 50-ча оскуола тухары саха тылын эбэтэр предмет быһыытынан үөрэтэллэр, эбэтэр биир-икки кылааһы арыйан үлэлэтэллэр. Онон, өйдөөн-дьүүллээн көрдөххө, улуустартан кэлбит саха тыллаах оҕо нуучча оскуолатыгар үөрэнэргэ күһэллэр. Онуоха эбии кэнники кэмҥэ ыччат ортотугар ийэ тылтан арахсан нуучча буола сатааһын муодата күүскэ тэнийдэ. Үчүгэй куһаҕана суох буолбат дииллэринии, күннээҕи олохпутугар сайдыы балысханнык киирэн, оҕолорбут тыллана иликтэриттэн ютубка, интэриниэккэ араас оонньуулары, мультиктары көрөн, бэйэлэрэ да билбэттэринэн нууччалыы, сорохтор өссө, хайҕатаары, английскайдыы тылланан тураллар. Ол түмүгэр норуот дьиҥ сахалыы саҥарааччытын ахсаана сарбыллан, кэхтии суолугар үктэнэн эрэр диэн толкуйга кэлэҕин.

Саха кылаастарыгар сурутуу кэмчи

Куорат уһуйааннарыгар кыра эрдэхтэриттэн сылдьыбыт саха ыалын оҕолоро бары кэриэтэ төрөөбүт тылларынан сатаан саҥарбат омукка кубулуйаллар: майгы-сигили, быһыы-таһаа, туттуу-хаптыы, тыл-өс барыта.

Куоракка аҕыйах оскуолаҕа саха кылаастара аһыллан үлэлииллэр. Ол гынан баран нуучча оскуолаларыгар саха кылаастарыгар төрөөбүт тылы, ааҕыыны предмет эрэ быһыытынан үөрэтии ыытыллар, онтон атын предметтэри нууччалыы үөрэтэллэр. Саха кылаастарын аһыы, РФ сокуонугар олоҕуран, төрөппүттэр оҕолорун ханнык тылынан үөрэтэргэ сайабылыанньа биэрэллэриттэн, сурутууларыттан, туруорсууларыттан тутулуктаах.

Аны күһүҥҥү үөрэх сылыгар бастакы кылаастарга сурутуу саҕаланна. Оскуолаларга сылдьан сураһан көртүм, саха кылаастарыгар сурутуу суоҕун тэҥэ. Үөһээ эппитим курдук, уһуйааҥҥа сылдьыбыт саха төрөппүттээх кырачааннар төрөөбүт тылларынан сатаан саҥарбат “тоҥ нууччалар”. Мин оскуолаҕа сылдьан биир саха эбээлээх бастакы кылаас уолун тохтотон, хайа омук буоларын ыйыппыппар, саннын ыгдах гыннаран баран “не знаю” диэхтээтэ. Аныгы сайдыылаах үйэҕэ, дьэ, ити курдук омугун да кыайан быһаарбат ыччаты иитэн таһааран эрэбит...

Бүлүү куоратыттан көһөн кэлбит сахалыы бэркэ саҥарар саха эдэр дьахтара уолун бастакы кылааска суруйтара аҕалбыт. “Оҕом Бүлүүгэ нууччалыы уһуйааҥҥа сылдьыбыта, сахалыы сатаан саҥарбат, манна таһынааҕы ыалларбыт Чурапчыттан көһөн кэлбиттэр, уолаттара сахалыы саҥараллар, онно наһаа ымсыырабын. Оҕобун саха кылааһыгар биэрдэхпинэ, хайдах буолуой, сатаныа дуо?”- диэн миигиттэн сүбэлэтэр. “Сахалыы ыытыллар уруокка нуучча оҕотун аҕалан олортоххо тугу өйдүө дии саныыгын?”- утары ыйытааччы буоллум. Хаарыан оҕону төрүттэрин ситимин быһан кэбиспиттэрэ хомолтолоох...

Бу сылдьан сахалыы үөрэтэр 3-с кылаас учууталын көрсөн кэпсэттим. Үс сыллааҕыта оскуолатыгар сахалыы кылаас арыллан, 30-ча оҕону үөрэтэ ылбыт. «Оҕолорум бары куоракка нууччалыы уһуйааҥҥа иитиллибит буолан, үөрэтэргэ олус ыарахан, омук оҕолорун сахалыы үөрэтэр курдук өйдөөн биэрбэттэр. Арай икки оҕом эрэ – Уус Алдантан уонна Сунтаартан кэлбиттэр – уу сахалар. Хата, кэлиҥҥи кэмҥэ эдэр төрөппүттэр оҕолорун сахалыы үөрэттэрэ сатыыллара элбээн эрэр»,- диэн кэпсээнин түмүктээтэ. Мантан көстөрүнэн, куоракка сахалыы оскуолалар аҕыйахтара, уһуйааннар суохтара кырачаан саха оҕолоро төрөөбүт тылларынан саҥаралларыгар, үөрэнэллэригэр биир сүрүн харгыс буолбут.

Төрөөбүт тылын билбэт оҕо төлкөтүн сарбыйар

20-с үйэ 80-с сылларыгар Даркылаахха ГРЭС кэтэҕэр сааһыра барбыт саха ыалыгар дьукаах олорбутум. Аҕалара Чурапчы, ийэлэрэ Таатта дьахтара. Бу ыал туран тоҥ тиити тосту тардар күүстээх-уохтаах биэс уолаттардаах этилэр. Хомойорум баар, төһө да сирэйдэринэн саха буолбуттарын иһин, ийэлээх аҕаларын сахалыы тыыннара сыстыбатах “тоҥ” нуучча этилэр. Кыра эрдэхтэриттэн атын омукка кубулуйан хаалбыт оҕолор улаатан да баран сахаҕа чугаһаабатахтара. Аҕалаах ийэлэрин, сахалары аанньа ахтыбат атастара, доҕотторо, ойохторо – бары атын омук дьоно этилэр, арыгыга умньаммыттара, түптээх олоҕу олорботохторо, уһаабатахтара... Дьиҥэр, бу уолаттар сахалыы тыыҥҥа иитиллибиттэрэ буоллар, омугу ууһатар, кэскили тэнитэр эр бэртэрэ буолуохтара хааллаҕа.

Уонча сыллааҕыта Алдан политехникумугар үөрэнэ сылдьар саха оҕолорун  олохторун-дьаһахтарын билсээри, дириэктэртэн көҥүллэтэн кэпсэтэ сылдьыбыттаахпын. Араас улуустартан тиийбит саха оҕолорун ортотугар биир сахалыы ыраастык саҥарар кыысчаан баарын сэҥээрэн, хайа улуустан кэлбитин ыйыппыппар, «мин манна, Алдаҥҥа төрөөбүтүм, нууччалыы уһуйааҥҥа сылдьыбытым, оскуолаҕа үөрэммитим. Дьиэм иһигэр сахабын, уулуссаҕа таҕыстахпына нууччабын», - диэн соһуппута. Бу – нуучча дойдутунан аатырар Алдан оҕото.

Биир кэмҥэ алтыһа сылдьыбыт доҕорум Анатолий Игнатьевич Чемчоев байыаннай үөрэхтээх буолан, өр сылларга өрөспүүбүлүкэ таһыгар, биир да саха суох сиригэр сулууспалаабыта эрээри, оҕолоро төрөөбүт тылларын умнубатахтарын кэпсиирэ.

Түмүк тыл оннугар

Сылтан сыл, күнтэн күн ийэ тылбытын атарахсытыы  мөлтүөхтээҕэр күүһүрэн, күөдьүйэн, тылбыт туттуллар ыыра кыараан иһэр, аһара баран сорох сорохтор сахалыы саҥаралларыттан кыбыстар буолбуттар үһү.

Маннык ыксаллаах быһыы-майгы, түгэн үөскээбит кэмигэр   киин куоракка сахалыы тылынан үөрэтэр “Саха гимназия” (дириэктэр Софронеева В.В.), национальнай оскуола “Айыы кыһата” (дириэктэр Шамаева Л.П.), Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат (дириэктэр Шамаев И.И.), А.Г. уонна Н.Г. Чиряевтэр ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия дьиҥ сахалыы тыыннаах оскуолалар бэйэбит омукпут оҕотун иитиигэ-үөрэтиигэ, аныгы үрдүк култууралаах, сайдыылаах  оҥорууга суолталара  сүҥкэн. Инники өттүгэр тыа сириттэн куоракка көһөн кэлии тохтообот чинчилээх. Онон кэнэҕэски ыччаппыт төрөөбүт тылынан үөрэнэригэр, иитиллэригэр анаан сахалыы тыллаах уһуйааннары, оскуолалары элбэтиигэ, төрөөбүт тылбытын харыстааһыҥҥа, сайыннарыыга Өрөспүүбүлүкэ, куорат салалтата биир өйүнэн-санаанан ылсыһан кимиилээхтик үлэлииллэрэ эрэйиллэр. Оччоҕо эрэ өбүгэлэрбит үгүс үйэлэргэ илдьэ кэлбит атын уруулуу омуктар сөҕөр-махтайар, ытыгылыыр ураты кэрэ, туохха да кэмнэммэт сүдү баайбыт – сахалыы  тылбыт өлөн-өһөн, сүтэн хаалыа суоҕа диэн бигэ эрэллээх буолуо этибит.

Николай МЕСТНИКОВ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...