13.02.2023 | 21:00

ХАЙА

Бастакы чааһа
ХАЙА
Ааптар: Валерия Потапова
Бөлөххө киир

Тимир сарсыардааҥҥы аһылык кэннэ саамай наадалаах малын-салын ылан баран, бөһүөлэктэн тута тахсан барбыта. Кини көхсүгэр батастаах курун кэтэ сылдьара, оттон санныгар балаакката, утуйар мөһөөччүгэ уонна ыһыга быанан уонна сиилкэнэн бааллан ыйана сылдьаллара. Биилигэр кэтэр  суумкатыгар кэнники ыйдарга кичэйэн хомуйбут кумааҕылара бааллара. Буерактан тэйэн истэҕин аайы, халлаана улам алдьанан, былыттанан ыган барбыта уонна онто даҕаны суох санньыйбыт санаатын ордук холуннарбыта. Бастаан утаа, халыҥ пылааһын олус сылаас, тыыннарбат курдук санаабыта эрээри, сотору кэминэн бу таҥаһын сөпкө ылбытын өйдөөбүтэ. Инчэҕэй халыҥ хаарга батарыта түһэрэ, бөдөҥ бэс мастаах ойуурга тиийэн баран, атахтарыгар халыҥ хаарга хаамарга аналлаах талаҕынан бүрүллүбүт уллуҥу кэппитэ. Хаамара дьэ чэпчээбитэ, батары түспэт буолбута. Ол эрэн, ойуур иһинэн хаамарын сөбүлээбэтэҕэ, дьиксиммитэ. Көнө ырааһыйа сиринэн барара ордук этэ, тоҕо диэтэр, киэҥ нэлэмэн сиргэ өстөөх саһар кыаҕа суоҕа. Оттон ойуурга хас мас төрдүн аайы саһан хорҕойон сытыан сөп буоллаҕаа...

Тимир бу түгэҥҥэ хайдах эрэ ытырыктаппыта, хас мас аайы туох эрэ күлүгэ сөрүөстэн турар курдуга. Хас лабаа хамсаатаҕын аайы өстөөхтөрө сыҕарыйан иһэргэ дылылара. Тула өттүбүттэн кэтээн көрөллөр дуу диэн санаа аалбыта. Бу дьиксинэр санаатыттан бэрт нэһиилэ босхолонон, син аралдьытыммыта. Киэһэлик ойуур саҕатын булан, тохтоон, үүт тураан туманынан силбэһэн турар тыйыс хайалары хантайан көрбүтэ. Күөх халлаана хараҥарыар диэри Тимир хонор сирин оҥостуох, кулуһун оттуох тустаах этэ буоллаҕа.

Тула хаама түһээт, хата тыалтан хаххалыыр томтордоох сири булан, сытар тэллэх оҥостон, бэс мутуктарын тоһуталаан барар. Оттон уотун оттоору хаппыт амынньыарын хомуйан бүтэн эрдэҕинэ, арай чыпчылҕан түгэнэ ойуура иһийэн, чуумпура түһэр. Онуоха бу чуумпулуур чуумпуга Тимир киһи саҥатын истэ түһэр. Мутуктарын түөһүгэр ыксары туппутунан көнө түһэр. Болҕойон иһиллиир. Ким эрэ көмөҕө ыҥырар саҥата хатыланар. Кууһан турбут мутуктарын атаҕын анныгар быраҕаат, имир саҥа кэлэр сирин диэки барар. Дэхси сирдээҕэр ойуур иһигэр киһи саҥата оттон-мастан тэйэн дуорааннанар буолан, саҥа хайа диэкиттэн кэлэрин киһи тутатына кыайан быһаарбат. Киһи саҥата эмиэ да чугастан, эмиэ да тэйиччиттэн ыҥырар курдук уларыйа сылдьан иһиллэр. Ону тулуйбакка Тимир иннин диэки сүүрэр, тула иһийэ түһэр. Оттон дьэ олох бу чугастан киһи саҥата хардарар. Бэс хойуу лабаатын силэйэн, Тимир кыра ырааһыйаҕа тахсан кэлэр уонна кинини сир анныттан ыҥырбыттарын дьэ өйдүүр. Аллара көрө түһээт, халыҥ хаарга биллэр-биллибэттик көстөр быыс-хайаҕас баарыгар хараҕа хатанар.

- Ээй, - диэн Тимир хаһыытыыр. – Эн манна бааргын дуо?

- Ээ, - аллараттан иһиллэр. Онуоха Тимир умса түһэн быыс төлөҕөһүнэн киһини көрө түһэр. – Ээ, - кинини көрөөт, киһитэ хаһыытыыр. –  Айыы таҥара, кэмниэ-кэнэҕэс. Мин манна өлөр киһи буоллум дии санаабытым.

Киһи сирэйин өндөппүтүгэр хараҕын бэрэбээскинэн бааммыт бэҕэһээҥҥи уол буоларын Тимир тута билбитэ.

- Бааһырдыҥ дуо? – Тимир ыйытар.

- Атахпын бүлгүрүттүм, - уол хардарар. – Улахан куттала суох. Миэхэ көмөлөс эрэ баһаалыста.

Чугастааҕы маһы көрөөрү Тимир аппаттан тэйэ түһээтин кытта, киһитэ:  “Ханна бардыҥ? Тохтоо, миигин хаалларыма. Мин эйиэхэ харчы биэриэм, ээй”, – диэн хаһыытыы түһэр.

Тимир чугас турар бэскэ быатын баайан, чиҥэтэ тарда турда. Ол тухары киһитэ хаһыытыырын тохтоппото. Быатын баайан баран, онтукайын аппаҕа саҥата суох аллара бырахпыта, быата уол сирэйигэр тиийэн түстэ. Онуоха төһө да кыараҕаһын үрдүнэн уол ыйылыы түһэн баран туора ыстанна.

- Бэйэҥ тахсаҕын дуо? – Тимир ыйытта, - биитэр тардан ылабын дуо.

- Кыайан тардаҕыҥ дуо? – сонурҕаабыттыы уол тута ыйытта.

Кубулҕаттаах күһүҥҥү халлаан курдук кини майгыта тута уларыйа оҕуста. Били куттаммыта ааһан, аны билэ-көрө сатыыр түбүгэр түстэ.

- Хайдах гынабыный? 

Тимир кинини бэҕэһээ наһаа билэ-көрө сатаабатаҕа. Бытыктаах баараҕай күөлүгэр кини хачаайы, хатыҥыр буолан көстүбүтэ. Сылаастааҕар тымныыга сынньанан тыын ылар ыараханын иһин, Тимир күүһүн-күдэҕин, сэниэтин эһэр санаата дьиҥэр суох этэ. Ол эрээри, хайыахпыный, хаалларан кэбиспэт буоллаҕым дии санаабыта.

- Быаны биилгэр баан, - диэтэ кини, - онтон таас эркинтэн атаххынан тэбин.

- Сөп, - диэн уол бэрт сэргэхтик хоруйдаан, быаны биилигэр бааммытынан барда.

Тимир кэтэһэ таарыйа бэстэр төбөлөрүн быыһынан көстөр халлааны одууласта. Хайаҕа халлаан түргэнник хараҥарбыт, сотору хонор сирин борук-сорукка оҥостууһу. Бу уол хайдах манна кэлэн түбэстэ? Буерэккэ диэри мантан балачча ыраах ээ. Бытыкка түбэһимээри сарсыарда эрдэ тахсыбыта буолуо дуо.

- Мин бэлэммин, - уол хаһыытыыр. Тимир үөһээттэн өҥөйөн көрбүтэ, киһитэ эркинтэн аҥар атаҕынан тэбинэн турар эбит. Тимир салгыны эҕирийээт, быаны тардан баран уһуутуу түстэ. Төһө даҕаны намчы, хатыҥыр курдук буолбутун иһин, уол син ыйааһыннаах эбит. Аппа кырыытыгар төбөтүн оройо көстүөр диэри өсөһөн туран тарта. Онуоха уол кырыыттан тутуһан тахсан кэллэ уонна аҕылыы-аҕылыы хаарга олорунан кэбистэ. Кинини Тимир дьэ сыныйан көрдө. Кини маннааҕы дьонтон ураты хара бараан дьүһүннээҕэ. Бэргэһэтэ суох этэ. Бурул хара баттаҕа бэрэбээскитин кистээн, сүүһүн аннынан сирэйин кырыытын саба түһэ сылдьара. Халыҥ уостаах, уһун муруннаах, кылар харахтаах. Уҥа хараҕар бэрэбээскилээх. Уол симэхтэрэ тимирин көрөн, Тимир бэйэтэ да өйдөөбөккө дьигис гына түспүтэ. Бу тымныыга тимири кэтэ сылдьар соччо бэрдэ суох буолуохтаах. Уол хаҥас атаҕар тирэнэ туран кэллэ уонна хаарын тэбэннэ. Кини Тимиртэн төбө аҥарынан өндөс эбит. Уонна билиҥҥи сөрүүн халлааҥҥа сөбө суох таҥастаах эбит. Ол курдук, түүлээх саҕалаах, чараас пылаастаах, ыстаана уонна саппыкыта аты миинэргэ аналлаахтар этэ. Санныгар хорчоххой таҥас суумканы сүкпүт. Кини бүрэ дьүһүнэ киһини өссө дьиксиннэрэр этэ. Онуоха, кини мичээрдээтэ. Тимир тылыттан матан ылла.

- Махтал, - уол үөрэн-көтөн эттэ, - мин эйиэхэ олоҕум устата иэскэ баалынным. Мин аатым Алтан диэн. Оттон эйиэнэ?

- Тимир, - дьиҥэр онно эн тугун дьыалатай диэн хардарардыы санана туран хоруйдаата, уонна сөбүлээбэтэхтии, - ээ суолтата суох, мин бу бардым, - диэтэ.

- Тимир, чэ Тимир, эн мин өрүһүйээччим буоллун, тугу баҕараргын эт.

Тимир кыайан туттуммакка күлэр.

- Бэйэҕин аһары кыахтаах курдук туттан билбэт киһиҥ баҕа санаатын толоруом диэн баламаттык тылласпатыҥ дуо?

- Аны биһиги билсибэт дьон буолбатахпыт ээ, - үөннээх баҕайытык хараҕынан көрөн, Алтан хоруйдуур. Тимир мөккүһэ дуу, оонньоһо дуу турар санаата суох этэ. Ол иһин кэпсэтиини тохтотон, быа сүөрэн барда. Онуоха Алтан биилиттэн быаны устар санаата суох турда. Тимир быаны тардар, онуоха Алтан: «Мин эйиэхэ төлүүр кыахтаахпын, - диэтэ кини – эйигин хайаны уҥуордуур аартыкка диэри сирдиэхпин сөп».

- Мин ол диэки тиийиэхтээхпин эн хантан билэҕин?

- Уонна ханна барыаххыный? Бу суолунан Тостубут сискэ эрэ тиийэҕиҥ.

- Тимир быаны күүскэ тарпытыгар, Алтан киниэхэ утары хардыылаата.

- Сүөр, - диэн кини дьаһайда. Алтан сөбүлээбэтэхтии көрөн, быаны сүөрэр түбүккэ түстэ.

- Мин син биир ол эҥэр диэки барабын.

- Эн драконнары бултаһаҕын да эмиэ?

Алтан быатын сүөрэн хаарга бырахта.

- Ханна барабын? Абыраа, - кини мичээрдии түһэр. – Ол аата эн дракону бултуу кэлбитиҥ дуо?

- Сис хайа аартыгын нөҥүө туох да суох, - Тимир бэлиэтээн эттэ. Кырдьык аартык уҥуор туох да суоҕа. Арай бүтэн быстыбат тымныы дьэбир хайа салҕанара. Буерак кэнниттэн кэлэр бөһүөлэк хайа нөҥүө өттүнээҕи тэллэҕэр баар диэн бары карталар көрдөрөллөр.

- Баар! Онно мин дэриэбинэм баар.

- Картаҕа кини суох.

Алтан хоонньуттан хаста да сууламмыт кумааҕыны хостоон таһаарда уонна Тимиргэ уунна.

- Хайдах суох буолуой, баар дии манна.

Салҕыыта тахсыаҕа

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...