Хатыҥ-Үрэх шоссетыгар сылаас тохтобул аһылынна
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Строительнай уокурук Управатын салайааччыта Василий Рязанскай, Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутаата Марианна Андреева, куорат көхтөөх олохтоохторо кытыннылар.
Антон Алексеенко бэлиэтээбитинэн, уустуктары аахсыбакка, хотугу куораппытыгар сылаас тохтобуллары үлэҕэ киллэрии салҕанар.
«Бүгүн 25-с №-дээх оптуобус «2-с дамба» түмүк тохтобулугар саҥа эбийиэги арыйдыбыт. Куорат олохтоохторугар табыгастаах буоларын курдук сылаас тохтобулларга ураты болҕомтону ууруохпут», - диэтэ Антон Алексеенко.
Управа салайааччыта Василий Рязанскай информациятынан, Хатыҥ-Үрэх шоссетын территориятыгар барыта чааһынай сектор, онно 4 тыһыынчаттан тахса чааһынай дьиэ баар.
«Билиҥҥи туругунан тохтобуллары «ЯПАК» МУТ көрөр-истэр. Куорат олохтоохторун көрдөһүүлэринэн манна атыы-эргиэн киоскатын арыйар былааннаахпыт. Бу оройуон олохтоохторо «3-с дамба» тохтобулга уонна Хатыҥ-Үрэх шоссетын 9-с км тохтобулугар сылаас павильоннары тутарга көрдөһөллөр. Олохтоохтор бэрээдэги бэйэлэрэ көрөргө бэлэмнэр», - диэн бэлиэтээтэ Василий Рязанскай.
Быйыл Строительнай уокурукка өссө икки сылаас тохтобул аһылынна – Окружной шоссеҕа «Авторынок Лера» уонна Лермонтов уулуссаҕа «Свердлов» тохтобуллар.