07.09.2022 | 20:00

Хатастар үйэтитиигэ үлэлэрэ инникигэ эрэли үөскэтэр

Хатаска өр сыллаах туруорсуу, эккирэтиһии кэннэ былырыын Куорат күнүгэр нэһилиэк историятын музейа аһыллан, бар дьон сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ. Ааһан эрэр сылга музей бэрт сэргэхтик, үтүө түмүктээхтик, киэҥ далааһыннаахтык үлэлээтэ.
Хатастар үйэтитиигэ үлэлэрэ инникигэ эрэли үөскэтэр
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Музей үлэтигэр-хамнаһыгар олохтоох дьаһалта, “Тускул” култуура киинэ, түмсүүлэр болҕомто уураннар быйыл да, былырыын да сөптөөх дьаһаллар, тэрээһиннэр буоллулар. Онтон саамай кэрэхсэбиллээҕэ, үтүө түмүктээҕэ дьаһалта көҕүлээһининэн, дьон-сэргэ ылыныытынан “100 сыл – 100 солкуобай” диэн аахсыйа ыытылынна.

Түөрт хонук иһигэр 81 489 солкуобай харчы хомулунна. Онуоха эбии “Мастерфайбер” ХЭХ 10 000 солк., музей аһыллыытыгар краевед учууталлар хомуйбут уонна быыстапкалаабыт тэрилтэлэр биэрбит 25 000 солк. харчылара, онно эбии спонсор С.В. Таран көмөлөһөн, музейбыт дьиэтин ититиигэ наадалаах араас  матырыйаал атыылаһылынна. Маны барытын Василий Пинигин  бэйэтин массыынатыгар тиэйэн таһаарда. Ону таһынан, субуотунньукка мустан үлэлээбит дьону эбиэттэтэргэ “Дэлэй” маҕаһыын салайааччыта Алексеева П. төһүү күүс буолла.

Үлэ сахалыы сиэринэн үөһээ айыыларбытын алгыстаах алаадьынан айах тутан, барыта этэҥҥэ барарын туһугар көрдөһүүттэн саҕаланна. Күн-дьыл туруга эмиэ хара сарсыардаттан күлүм-чаҕыл күн уотунан оонньоон, дьон-сэргэ көҕүлүүр күүһүн күүһүрдэргэ дылы буолла. Бары кэлбит, мустубут дьон өйдүүн-санаалыын, ис-тас туруктуун күүрээннээх үлэҕэ бэлэмнэрэ көһүннэ. Туттар тэрил – харандааһыттан саҕалаан  күн эгэлгэ тиэхиньикэтигэр тиийэ баар. Хатаспыт олохтооҕо, күтүөт Петр Попов тутууга туттуллар  хомуллар кирилиэһин аҕалан, үлэни хас эмэ төгүл түргэтэттэ.

Үлэ хаамыыта Малышев Андрей Лукич быһаччы салайыытынан сааһыланан, наарданан сүпсүлгэнэ суох барда. Музейбытыгар  мантан салгыы киирэр аан – халҕан оҥоһуллуохтаах, ититиитэ холбоноругар анал үлэлэр ыытыллыахтаахтар.

Манна даҕатан эттэххэ, былырыын баччаҕа нэһилиэкпит музейа туспа дьиэлэнэн-уоттанан үөрдүбүт буоллаҕына, быйылгы сыл үйэтитии үлэтэ күүскэ баран, эдэр көлүөнэ ыччакка хаалларар үгүс матырыйаал хомулунна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...