18.08.2021 | 18:19

Хатастар сонуннарын үллэстэллэр

Ааптар: Руфова Н.И.
Бөлөххө киир

Быйылгы сайын дойдубут олоҕор өйгө-санааҕа хаалар ыксаллаах быһыыны-майгыны үөскэппит баһаардар киэҥ дуол тайҕабытын, мааны айылҕабытын ыыс быдан оҥордулар. Саха дьоно барахсаттар өбүгэ саҕаттан кэлбит үтүө үгэһинэн сарын сарынтан өйөнсөн, биир ньыгыл кэккэ буолан бэйэ-бэйэҕэ көмө тирэх буоллулар. Ол көмө үп-харчы да, ас-үөл да, наадалаах туттуллар тэриллэр да, дьиҥ уот кутаа ортотугар да тиийэн умулларсыы да өттүнэн оҥоһулунна. 


Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын эр дьоно онтон туора турбатылар. Н.М.Андросов Уус Алдаҥҥа Бээрийэ нэһилиэгэр тиийэн үлэлэстэ. Онтон бу күннэргэ оскуолабыт учууталлара хамаанда тэринэн Нам улууһун Таастааҕар айаннаатылар. Оскуолабыт кэлэктиибэ нэһилиэк, куорат, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар буолар араас тэрээһиҥҥэ хаһан да туора турбаттар.
Манна даҕатан эттэххэ, оскуолабыт наһаа үчүгэй сонуннаах – 120 миэстэлээх салҕааһын тутуллар буолла. Бу дириэктэр Слепцов Н.В. уонна кини салайар кэлэктиибин сыаллаах-соруктаах үлэлэрин, кимиилээх киирсиилэрин, туруорсууларын түмүгэ буолар. 
Күндү биир дойдулааҕым аах, киэн тутун, салгыы кэпсээ, сэһэргээ. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....