19.06.2020 | 17:54

Хатастар онлайн ыһыахтыахпыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Наталья Руфова – “Тускул” култуура киинин уопсастыбаннай түмсүүлэрин салайааччыта:

– Саха киһитэ орто дойду олоҕуттан биир саамай сыаналыыр, күүтэр, кэтэһэр, бэлэмнэнэр, санаата көтөҕүллэр кэмэ –  сайын барахсан. Ол да иһин, ырыаҕа-хоһооҥҥо хоһулларыныы, ''өртөн ыла бэлэмнэнэн'', сааһыттан тутулуга суох  сылын ахсын салгыбакка ыһыах бырааһынньыктаах. Ол хас биирдии киһи сүрэҕэр ийэ эмиийин илгэтин кытта иҥпит кэһиллибэт үгэспит.

 Быйылгы ыһыах олох хардыытын балаһыанньатынан бэрт дьиктитик ааһыахтаах. Ол гынан баран, биһиги, сахалар, сатаммата диэн саллыбат, табыллыбата диэн толлубат идэлээхпит. Онон хас биирдии ыал тэлгэһэтигэр бэйэтин чугас дьонун кытта көрсүө диэн эрэллээхпит.  Дьокуускай куорат дьаһалтатын быһаарыытынан бу күннэргэ хас биирдии ''Сэрии оҕото'' диэн статустаах аҕам дьоммутугар алгыс алаадьытын састаабын уонна сиэр-туом отун бэлэх ууннулар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Хатаска оннук бэлэҕи 108 киһиэхэ түөлбэлэр салайааччылара уонна көмө буолар дьонноро, Хатас дьаһалтатын үлэһиттэрэ түҥэттилэр. 

 Биллэн турар, омос көрдөххө, тугун кыратай диэххэ сөп эрээри, сүрүн суолтата – болҕомто. Онон бүгүҥҥү күн чаҕыл уотун курдук сырдык санаа сыдьаайдаах буолла, сүүһүнэн киһи болҕомто диэни биллэ. Эбээлэрбит, ийэлэрбит үөрбүт харахтарыттан кинилэр чугас дьонноро эмиэ үөрдэхтэрэ.

Киһиэхэ кып-кыра, быычыкаайык наада. Бары этэҥҥэ буолуоҕуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...