Хатастар куорат баһылыгын үлэтин үчүгэйинэн сыаналаатылар
2022 сылга нэһилиэккэ куорат атын уокуруктарынааҕар элбэх иэннээх суол тутуута уонна өрөмүөнэ ыытыллыбыт – элбэх оҕолоохтор кыбаарталларыгар киирэр 5,323 км усталаах суол оҥоүуллубут, Октябрьскай, Ленин уулуссаларыгар – хапытаалынай, Совхознай, Молодежнай, Федорова, Шараборин, Панаев уулуссаларыгар өрөмүөн. Кэлэр сылга олохтоохтор өрүскэ киирэр суолу кэҥэтии боппуруоһун туруорсаллар. Маны сэргэ Озёрнай, Аммосов уулуссаларыгар кумах куттарыыны, балыыһа суолугар искусственнай мэһэйдэри оҥорууну ыйыталаһаллар.
Хараҥа уулусса – тыа нэһилиэгин тыын кыһалҕата. Ааспыт сылга Хатаска «Сырдык столица» муниципальнай бырагырааманан Баҕарах-1, Баҕарах-2, Хоринскай, Федорова уулуссаларга уот холбоммут. Маны сэргэ суолу тутуу чэрчитинэн Петров, Еремеев, Совхознай, Газовиктар уулуссаларыгар уонна элбэх оҕолоохтор кыбаарталларыгар уулусса уота тардыллыбыт. Эһиил Дорожнай уулуссаҕа уот тардыллара былааннанар.
Хатас нэһилиэнньэтэ сыллата элбии турарынан, оскуолаҕа миэстэ тиийбэтэ сыл аайы сытыырхайар. Онон былырыын П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатастааҕы агрооскуолаҕа саҕаламмыт 120 миэстэлээх салҕааһын тутуута быйыл, 2023 сылга, түмүктэниэхтээх. Маны сэргэ үөрэхтээһин эйгэтигэр Хатаска «Точка роста» киин үлэҕэ киирбитэ.
Спорт эйгэтигэр элбэх үлэ ыытыллар. Ол курдук, Хатас нэһилиэгэр киирсэр Владимировка бөһүөлэгин Сиэллээх уулуссатыгар саҥа спортивнай балаһаакка, үлэҕэ киирбит. 2023 сылга Хатаска бэйэтигэр «Главстрой» МКУ спорт комплексын үлэҕэ киллэрээри турар. Маныаха эбии нэһилиэнньэ олохтоох библиотека тиэргэнигэр воркаут-балаһаакка туттарыан баҕарар.
Тиэргэни тупсарыы хайысхатыгар Ленин уулуссатын 67, 67/1, 67/2 №№-дээх дьиэлэрин таһыгар өрөмүөн оҥоһуллубут. Социальнай гаастааһын бырагырааматынан 146 сир учаастага хабыллыбыт.
Былырыын Хатаска бэйдиэ сылдьар сылгылары тутар штрафстоянка арыллыбыта. Олохтоохтор ыстараап аһары үрдүк диэн ыйыталлар. Маныаха баһылык ол көдьүүстээҕин, кэлиҥҥи кэмҥэ хаһаайыттар сылгыларын мээнэ мэччитэ ыыталлара аҕыйаабытын бэлиэтээтэ. «Маннык быһаарыы, бастатан туран, нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар туһуттан ылыллыбыта. Сылгылаах дьон эппиэтинэһи сүгүөхтээхтэр», - диир баһылык.
Олохтоохтор маны сэргэ сир учаастактарын ИЖС категорияҕа көһөрүүнү, уопсастыбаннай тырааныспар сырыытын, төлөбүр кээмэйин, тротуардары оҥоруу, күөллэр ууларын толорторуу, Владимировка бөһүөлэгэр сылаас тохтобулу туттуортарыы туһунан ыйыталастылар. Бары ыйытыылар, этиилэр боротокуолга бэлиэтэннилэр.
Отчуот түмүгүнэн Хатас нэһилиэгэ куорат Олохтоох дьаһалтатын үлэтин үчүгэйинэн сыаналаата.