23.07.2021 | 10:35

Хатастан икки худуоһунньук Сойууска киирдэ

Ааптар: Наталья Руфова
Бөлөххө киир

От ыйыгар буолбут Манчаары оонньуутугар уолаттарбыт кыайыы-хотуу көтөллөнөн үөрдүбүттэрэ. Бу күннэргэ эмиэ биир үтүөкэн сонун кэллэ. 'Ол курдук, 'Тускул '' КК иһинэн уруһуй эйгэтигэр элбэх киһи дьарыгырар. Дьэ онтон икки саамай бастыҥмыт Худуоһунньуктар сойуустарыгар чилиэн буоллулар! Татьяна Дмитриевна Попова уонна Владимир Захарович Ефремов тустарынан суруйа сылдьыбытым. Татьяна Дмитриевна үлэтэ 2020 Третьяковскай галереяҕа Улуу Кыайыы үбүлүөйүгэр анаммыт быыстапкаҕа кыттыбыта. Владимир Захаровичтаах дьиэ кэргэнинэн - бииргэ төрөөбүттэр, кинилэр сыдьааннара уруһуйунан кинигэ-альбом таһаарбыттара. Иккиэн талааннара арыллыбытын мүлчү туппакка, күүскэ үлэлээн, дьарыктанан, таһымнара үрдээн, көрүүлэрэ кэҥээн, сатабыллара тупсан, маннык үрдүк сыанабылы ыллылар. Киэн туттабыт, астына-дуоһуйа кэпсиибит, ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...