06.03.2022 | 13:46

Хатаска СӨ Норуот уонна норуот уус -уран оҥоһуктарын маастардара баар буоллулар

Хатаска СӨ Норуот уонна норуот уус -уран оҥоһуктарын маастардара баар буоллулар
Ааптар: Наталья Руфова
Бөлөххө киир

Быйылгы 2022 сыл өрөгөй күннэрэ, бэлиэ түгэннэрэ элбэҕинэн өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатыгар кыһыл көмүс буукубаларынан суруллар төрүөтэ элбэх. Биһиги хатастар ол долгунтан, хамсааһынтан туора турбатыбыт. Нэһилиэкпит, куорат, өрөспүүбүлүкэ, өрөгүйүөннэр икки ардыларынааҕы таһымнаах тэрээһиннэри тэрийэбит, көҕүлүүбүт даҕаны, кыттабыт даҕаны. 
Бүгүҥҥү кэпсээним уон иккис төгүлүн ыытыллар Норуот маастардарын күнүгэр анаммыт «Якутия мастеровая» диэн киэҥ далааһыннаах, хас эмит күн устата барар улахан бырагыраамаҕа кыттыһан А.Е.Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр кэккэ тэрээһиннэргэ кытынныбыт. Бу биһиги саха норуотун аар саарга аатырдар, дорҕоонноохтук ааттатар тарбахха баттанар тэрээһин буоларын быһыытынан үөһээ салалта да өттүттэн өйөөһүннээх, өйдөөһүннээх, өйөбүллээх. Ол курдук ботуччу бириэмийэлэрдээх, анал бочуоттаах ааттары иҥэриилээх уо.д.а. Сайдыан-үүнүөн, үөрэниэн баҕалаахтарга маастар кылаастардаах, научно-практическай кэнпириэнсийэлээх, айар-тутар лабораториялардаах, кэпсэтэр, санаа атастаһар балаһааккалардаах, атын өрөгүйүөннэртэн ыалдьыттардаах, куонкурустардаах, күрэхтэрдээх, көрүүлэрдээх. Бу тэрээһин саха сатаабатаҕа суох диэн этии мээнэҕэ буолбатаҕын толору дакаастыыр. 


Хатас нэһилиэгин Тускул КК иһинэн «Дом ремесел» диэн анал ааттанан 2019 сылтан норуот айымньытын, ииһин-күүһүн, уһаныыны, уһаарыыны өрө тутар талба талааннаах дьоммутун бииргэ түмпүппүт түмүгэр быйылгы быыстапкаҕа анал павильон биэрдилэр. Онон бүтүн өрөспүүбүлүкэ иистэнньэҥнэрин, уустарын, туойдьуттарын, туосчуттарын, кылынан оҥорооччуларын уонна да атын көрүҥҥэ айар-тутар дьонун кытта бииргэ буоллубут. Манна саха норуотун талааннаахтарын үлэтин сүрүннүүр Я.В.Игнатьева салайааччылаах «Симэх» киин өйөбүлүгэр махталбыт муҥура суох. Киин диэн буолла да ол аата түмсүү, сомоҕолоһуу, былааннааһын-барыллааһын буолар. Инньэ гынан кэккэ сылларга күүстээх, үтүө түмүктэрдээх үлэ барда. Быйылгы быыстапкаҕа 14 киһи үлэтэ турда, манна биһиэхэ «Ситим» оҕо айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ күүс- көмө буоллулар. Ол иһин туой диэтэххинэ туой, мас диэтэххинэ мас, тимир диэтэххэ тимир оҥоһуктар, иис-күүс араас көрүҥэ – төрүт ииһи сөргүтүүттэн (реконструкция) саҕалаан кыбытык, стилизованнай  инвертирование, валяние, быысапка, кылтан оҥоһуллубут сувенирнай оҥоһуктар (саха иһиттэрэ), Хатас талаҕыттан оҥоһуллубут корзиналар, таба тириититтэн оҥоһуллубут паннолар бааллар. Хас биирдии оҥоһук бэйэтин көрөөччүтүн, сүгүрүйээччитин булла – Майя  Захаровна Дегтярева,  Виктория Викторовна Баишева, Валентина Иннокентьевна Михайлова, Октябрина Семеновна Михайлова, Алексей Алексеевич Апросимов, Капитонова Инга Андреевна, Гаврильева Оксана Павловна ааттара хаста эмэтэ ааттанна, кэпсэннэ. Ордук улахан интэриэһи Саввина Людмила Степановнаны төрүт ииһи сөргүтүүнэн тикпит саха дьахтарын сарыы соно, ынах тириитэ  бэргэһэтэ, үтүлүгэ, Андрей Лукич Малышев үөрэнээччилэринээн Владимир Захарович Ефремовтыын, Алексей Дмитриевич Осиповтыын  тиит мастан оҥорбут сибиэһэй мас дыргыл сыттаах кытахтара, Олесова Татьяна Иннокентьевна бэйэтэ, Алексеева Анастасия Ивановна сиэннэринээн кыбытык ньыматынан тигиллибит улахан паннолара ыллылар. Дегтярева Мария Сергеевна муора кыылларын оҥорбут паннолара (таба тириитэ, тирии, быысапка) быйылгы уопсай улахан тэрээһин үгүс элбэх маастарын, сэргии көрө кэлээччилэрин болҕомтотун, сөҕүүтүн-махтайыытын ылыан ылла. Инньэ гынан бу оҥоһук өрөгүйүөннэр икки ардыларынааҕы улахан көрүүгэ кытынна.  


Эппитим курдук быыстапкабыт киэргэлэ, киин көстүүтэ мас оҥоһуктар. Мас оҥоһуктары оҥорооччу маастардары мээнэҕэ маһы ыллатар дьоннор диэн хоһуйбаттар. Кырдьыга да оннук. Олох табыллыбыт оҥоһуктар сылааһынан, сырдыгынан сыдьаайаллар, тойук туойарга, сэһэргииргэ, хайдах эрэ киһи илиитигэр сыста түһэргэ дылылар.  Дьэ уонна дьон -сэргэ санаатын истиэҕиҥ.
 – Үөһээ Бүлүүттэн   Роберт Софронов уонна Егоров Михаил-Саттаанай диэн эдэрчи эр дьон ордук мас оҥоһуктары интэриэһиргээтилэр. Сүрдээх эйэҕэс-сайаҕас кэпсэтинньэҥ буолан биэрдилэр.  Маннык тэрээһиннэргэ саҥардыы сылдьан эрэллэр эбит. Быыстапкаҕа сылдьыы, көрүү-истии тугу биэрэрий диэн ыйытыкпар Саттаанай – «Оо, манныктарга сылдьан туһанарым элбэх. Көрөбүн даҕаны, көрдөрөбүн даҕаны. Улуус улуус ото-маһа уратылардаах, маастар, маастар буочара туһунан. Бу кытахтары көрөн сөҕөбүн, тиит мас хайдаҕын билэбин буоллаҕа дии» - диэн эппиэттээтэ. Роберт Софронов саҥа саҕалаан эрэр эбит. Ордук чорооннору имэрийэ-томоруйа, тута-хаба көрдө. Өссө биир сэргээбиттэрэ Андрей Лукич үөрэнээччилэрдээҕин уонна ол оҥоһуктар эмиэ манна кэлэн тураллара диэн бэлиэтээтилэр. 


- Быыстапкабыт биир сэргэх ыалдьыта Саха драматическай театрын тумус туттар артыыската, көрөөччү кутун-сүрүн туппут Софья Баранова ордук Мария Сергеевна Дегтярева тикпит сонун сэргээтэ. Сон иннэ-кэннэ, үтүлүгэ, бэргэһэтэ барыта быысапка, биир да оҕуруота, тимирэ суох, онон көстүүтэ ураты уонна анаан тигиллибит киһитигэр «лып» курдук олороро маастарыстыба биир хаачыстыбата буоллаҕа. 
- Онтон Домна Уйгурова хайдах эрэ ис иһиттэн чуумпу, иһиллии, бигии сылдьар. Быыстапкабыт хас биирдии оҥоһугун сэргии, кэрэхсии, үөрэ көрдө. Кини үөрүүтүттэн салгыҥҥа туох эрэ сылаас, сып-сырдык сардаҥа кэлэргэ дылы. «Дьэ Хатастар истэр-көрөр тухары олус сэргэх, түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах олохтоох дьоҥҥут. Көрө-көрө үөрэбин, истэ-истэ сэргиибин» - диэн сүргэбитин көтөхтө. Бу да быыстапкаттан оннук санаа, сырдык сыдьаай баар диэбитин улахан хайҕабыл быһыытынан ылынныбыт. 


Яковлева Дария Иннокентьевна Намтан анаан быыстапканы көрө-истэ диэн ынахтарбын ыатым да кэллим диирэ истэргэ наһаа үчүгэй. Ордук төрүт ииһи интэриэһиргиир эбит. Саҥа тигэн эрэбин диир. 
РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Федот Макаров биһиги быыстапкабытыгар быһаччы сыһыаннаах. Биир дойдулаахтарыгар куруутун өйөбүл, көмө-тирэх буолар. Бу да сырыыга кини олоҥхоҕо анаммыт триптих хартыынатыттан тигиллибит триптихтэн биирэ – Олесова Татьяна үлэтэ баар. Уонна быыстапканы көрө кэлэн туран В. Ефремовка наадалаах, тоҕоостоох сүбэлэри биэрдэ, мастарыскыайыгар кэлэ сылдьарыгар ыҥырда.
Дьэ, ити курдук араас улуустартан  кыттааччылары таһынан анаан айаннаан кэлэн көрөөччү элбэҕэ «Якутия мастеровая» дьиҥ чахчы наадалаах, инникигэ сайдыыга, киэҥ эйгэҕэ тахсыыга туһуламмыт  үлэ буоларын чаҕылхай туоһута буолар. 


Дьэ уонна сонунум саамай сүөгэйин, сөлөгөйүн истиҥ -сэргээҥ. Төрөөбүт төрүт ииспитин өрө туппут, сөргүтүүгэ, үйэтитиигэ үгүс элбэх үлэлээх, айар-тутар  аартыгын суолунан талаанын арылхайдык арыйбыт Людмила Степановна Саввина СӨ Норуот маастара диэн өрөгөй ааты тутта! Дегтярева Мария Сергеевна СӨ норуот уус уран оҥоһуктарын маастара үрдүк аатын ылла!    Мантан антах кинилэри кытта кэпсэтиибит уонна бүгүҥҥү сахалыы таҥастаах дьон барааттаан хаамыыларыгар Хатас талба талааннаахтара тикпит соннорунан  кыттыыларын туһунан суруйуу тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...