04.04.2024 | 14:00

Хатаска Х-с үбүлүөйдээх «Байанай» күрэх буолан ааста

Хатаска Х-с үбүлүөйдээх «Байанай» күрэх буолан ааста
Ааптар: Наталья РУФОВА, Хатас
Бөлөххө киир

Хатас нэһилиэгэр «Байанай» күрэх уон сыл уостубакка, умнуллубакка ыытыллан кэллэ. Ол 2012 сыл олунньу 17 күнүгэр оччотооҕу Ил Дархан Егор Борисов 1224 №-дээх ыйааҕынан Саха сирин булдун харыстааһыны сайыннарар, сиэрдээхтик бултааһын үгэһин утумнуур, ытык булчуттар билиилэрин, сатабылларын тарҕатар уонна туһанар, көҕүлүүр сыалтан муус устар бастакы субуотатыгар Булчут күнүн олохтообутуттан саҕаламмыта. Бу дьаһалы биһиги, хатастар, эрэ буолбакка, саха санаалаах барыта даҕаны өрө көтөҕүллэн туран көрсүбүтэ чахчы.

Хатас «Байанай» күрэҕин историятын нэһилиэк олохтоох дьаһалтатын салайааччыта Евгений Петрович Пермяков бу курдук сэһэргээтэ:

– 2014 сыллаахха Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын салайан олорбут муударай өйдөөх, холку майгылаах салайааччы Парасковья Афанасьевна Козлова уһуну-киэҥи толкуйдаан, ол суох, бу суох диэнтэн саҕалаабакка, бу кыаллыаҕа, бу туһугар үлэлэһиэхпит диэн туран, исписэлиистэрин О.К. Васильеваны, Н.И. Руфованы уонна эдэр булчуттар П.А. Никифоровы, М.С. Окороковы кытта өбүгэлэрбит үгэстэрин салгыыр соруктаах «Байанай» күрэҕин ыытан саҕалаабыттара. Ыллыктаах ыра санаа киэҥ аартыкка таһааран, быйыл ол күрэхпит 10-с төгүлүн ыытыллар. Бу тэрээһиммит биир сүрүн сыала – ыччаты булт абылаҥар сыһыарыы, чөл олоҕу тутуһуу, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа иитии. Бу барыта биһиги, хатастар, биир санаалаахпытын, түмсүүлээхпитин, уруккуну умнубаппытын туоһулуур. Инникитин даҕаны күрэхпит ситимин быспакка ыытылла туруо диэн эрэллээхпин. Биир үөрүүлээх сонунунан уонна биһиги сөптөөх суолунан баран иһэрбитин быйылгы өрөспүүбүлүкэ таһымнаах «Байанай күрэҕэ» биһиэхэ, Хатаска, ыытылларга былааннаммыта кэпсиир дии саныыбын.  

Үбүлүөйдээх күрэхпитигэр кыттыбыт хамаандаларбытыгар махталбыт улахан: «Киэҥ Хочо» – хапытаан Тимур Харитонов; «Бастакы Баҕарах» – хапытаан Спартак Тарабукин; «Агрогородок» – хапытаан Алексей Осипов, «Сардаҥа» – хапытаан Алексей Трифонов, «Дьаарын» – хапытаан Карл Антоев итиэннэ Дьокуускай куораттан «Аҕа сүбэтэ» хамаандата – хапытаан Александр Винокуров. Тэрийээччилэри кытта сүбэлэһэн-амалаһан, ирдэниллэр малы-салы, туттуллар сэби-сэбиргэли барытын булан, күрэх көрүҥнэригэр бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ кыттааччылар соруктарын, эппиэтинэстэрин билэллэрин, өбүгэ үгэһин ытыктыылларын таһынан, Хатас «Байанай» күрэҕэ үгэскэ кубулуйбутун эмиэ туоһулуур.

Хамаандалар састааптарын ырытан ааһар эбит буоллахха, быйыл «Сардаҥа» уонна «Бастакы Баҕарах» хамаандалар чилиэннэрэ эдэркээн оҕолор, этэргэ дылы, буорах сытын саҥа ылар дьон. Бу хайҕаллаах көстүү диэн бэлиэтиэҕи баҕарыллар. «Киэҥ хочо» бу күрэҕи көтүппэккэ кыттар хамаанда буолан, дьэ, уопут, билии-көрүү, сатабыл баар эр бэртэрэ. «Агрогородок» эмиэ биир оннук «кырдьаҕас» хамаанда. «Дьаарыннар» эдэрдэр, арай «Аҕа түмсүүтүгэр» 1978 сылтан саҕалаан бэтэрээ үйэ дьонугар тиийэ бааллар. Кыттааччыларбыт ортолоругар ааттаах-суоллаах, үрдүк таһымнаах спортсменнар да, сатабыллаах, мындыр өйдөөх, «бытааннык сылдьыаҥ – ыраатыаҥ» диэччилэр да бааллар.

Дьэ уонна туран биэрбит чаҕыл уоттаах күнү-дьылы баттаһа, күрэхпитин саҕалаатыбыт.

 

Аптамаат сааны ыһыы-хомуйуу

Маҥнайгы түһүмэх – аптамаат сааны ыһыы-хомуйуу. Судьуйа быһааран, көрдөрөн биэрдэ, «саһа сытар» ыстарааптыыр сөкүүндэлэр ханна баалларыгар болҕомтотун уурда. Имигэс илиилээх, түргэн хамсаныылаах, кыраҕы харахтаах ааттыын «Бастакы Баҕарах» хамаандата бастаата, тилэх баттаһа “дьаарыннаах” “киэҥ хочолор” таҕыстылар.

 

Буурдааһын

Иккис түһүмэх – буур диэн анал тимир тэрилинэн үс сиринэн мууһу алларыы. Бу көрүҥ илии-атах, сис былчыҥнарын күүрүүтүн-налыйыытын таба туһанан, тыынардыын-хамсанардыын биир тэтимҥэ киириини ирдиир. Оттон хаартыскаҕа, видеоҕа түһэрээччилэргэ көрүөхтэн кэрэ кадрдары бэлэхтиир түгэн. Манна мууспут халыҥа араас буолан, мучумаан тахса сырытта даҕаны, дьүүллүүр сүбэ уопуттаах, билиилээх-көрүүлээх уонна саамай сүрүнэ холку майгылаах буолан, баар балаһыанньаттан бэрт үчүгэйдик таҕыстылар. Бу күрэххэ «Аҕа түмсүүтэ» тэҥнээҕин булбата, «Киэҥ хочо» да хаалсыбата, кинилэри тилэх баттаһа «Дьаарын» таҕыста.

 

Ойбону алларыы

Ойбону алларыы – саха омук былыр-былыргыттан илдьэ сылдьар сатабыла, кэпсиир-сэһэргиир, көрдөрөр үгэһэ. Манна хамаандалартан иккилии киһи халыҥ мууһу көйөн, ойбон аллардылар. Ирдэбил быһыытынан, кээмэйдэммит тэрил ойбонноругар босхо киирэн тахсыахтаах. «Аҕа түмсүүтэ» хамаанда манна даҕаны иннигэр кими да түһэрбэтэ. «Дьаарыннар» иккистээтилэр, «агрогородоктар» үһүскэ тахсан үөрдүлэр-көттүлэр.

 

Массыынаны соһуу

Бу түһүмэххэ лидердэрбит уларыйдылар, кэнники испит хамаандалар хайдах эрэ сэргэхсийдилэр, бэйэ бодотун тардыныы буолла. Түмүккэ «Агрогородок» бастаата, «Киэҥ хочо» –  иккис, «Дьаарын» – үһүс.

 

Кутаа уоту оттуу, чэйи оргутуу

Күрэхтэһиибит биир саамай ыһыылаах-хаһыылаах, хамсаныылаах, тиритиилээх-хорутуулаах, кыайан иһэн хотторуулаах, хотторон иһэн кыайыылаах түһүмэҕэ – кыс хаары киэр хаһыйан, кутаа оттон, чэй өрүүтэ. Ким хайа иннинэ «Сардаҥа» хамаанда кутаата өрө күүдэпчилэнэн умайбыта, хойуу буруота унаарбыта эрээри, уулара оргуйан биэрбэккэ атахтаата; ким эрэ олох үчүгэйдик баран иһэн, биэдэрэтин хаара ууллан кутаата умулунна. Ол да буоллар күрэх аата күрэх, ким эрэ бастаата, ким эрэ кэнникилээтэ. 

 

Буулдьанан ытыы

Саха киһитэ оччоттон баччаҕа диэри тииҥи харахха түһэрэрин туһунан уос номоҕор сылдьар. Быйылгы ытыыга дьыаланы биирдэ-иккитэ табыы быһаарда. Урукку сыллар фавориттарыгар ситиһии мүчүк гыммата. Арай «Киэҥ хочо» хамаанда ылбыт тэтимин ыһыктыбакка, бу да көрүҥҥэ бастаата, инники сылларга уопсай түмүккэ «тоҥолохторун ыстааччы» «баҕарахтар» бу түһүмэххэ иккис буолан үөрдүлэр. Ол гынан баран түөлбэ салайааччыта Николай Семенович холку, «быйыл маҥнайгы сылбыт, онон туох да киһи хомойоро суох; хата, ытыыга уонна аптамааты ыһыыга, хомуйууга үчүгэйдэттибит» диэн үөрэр.

 

Түмүк

«Байанай» күрэхпит түмүктүүр тургутуута – аҕыс түһүмэхтээх эстафета көрөөччүлэри даҕаны, кыттааччылары даҕаны сэниэлэрин ылла. Көрөөччү «ыалдьар» ыһыытын, кыттааччы күүрээнин барытын дьүүллээччи чиэстээхтик уйан, кыларыйан турар кырдьыгы тутан турда.

Ити курдук уопсай түмүккэ «Киэҥ хочо» кыайыы өрөгөйүн биллэ, иккис миэстэ – «Агрогородок», үһүс миэстэ – «Дьаарын» хамаандалар. Бириистэр сыл аайы үгэс курдук ботуччулар, уу харчынан даҕаны бэлиэтэннилэр, араас анал бириистэри даҕаны туттулар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...