Хатас сырдыыр
Евгений Петрович Пермяков, Хатас нэһилиэгин баһылыга:
–Хатаска үгүс үлэ ыытылынна. Онтон аҕыйаҕы холобурдаатахха, былырыын 2014 сыллаахха сабыллыбыт сыбаалка бөҕө тиэйиллибитэ. Бэдэрээтчитинэн “Жилкомсервис” тэрилтэ үлэлээтэ.
“Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыагынан Аржаков уонна Совхознай уулуссалар оҥоһулуннулар. Совхознай уулуссаҕа суолу сырдатыы үлэтэ ыытылынна, урут манна биир да лаампа суоҕа. Маны таһынан биир сыл иһигэр уопсайа 193 светильник холбонно. Бу иннинэ 240-ча светильниктаах этибит. Инникитин бу үлэ салҕанар.
Быйыл Каландарашвили уулуссата аспаалланыахтаах уонна Ойуунускай уулуссата гравийданыахтаах. Сидор Алексеев уулуссата эмиэ өрөмүөннэниэхтээх. Хатаска туоруур суолтан саҕалаан, өрүһү туоруур суолга диэри өрөмүөн ыытыллыахтаах. Бэйэбит эмиэ кыра-кыралаан суолларбытын өрөмүөннээтибит.