Хатас сонуннара
Театр вешалкаттан саҕаланар дииллэринии дэриэбинэни киирии аартыгыттан сыаналыыллар. Инньэ гынан ити боппуруоска улахан болҕомто ууруллар.
Бу күннэргэ Хатаска кэлээччи-барааччы эр дьон түмсүүтүн, сомоҕолоһуутун илэ чахчы харахтарынан көрдүлэр, сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ. Ол курдук Хатаска киириҥ, кэлиҥ ыалдьыттааҥ, биир өттүгэр дьоллоохтук айаннааҥ диэн суругу чөлүгэр түһэрдилэр, сэргэхситтилэр. Манна үлэлээбит уолаттарбыт олох оркестр муусукааннарын курдук хас биирдиилэрэ тугу гыныахтаахтарын, ким туохха эппиэттиирин чопчу билэр буоланнар биир күнүнэн бу дьэндэтэн, дьэргэтэн таһаардылар. Бары да эт-хаан өттүнэн кыанар, өй-санаа өттүнэн хотоойу, хорсун, үлэ-хамнас өттүнэн хорутуулаах буоланнар биир күн иһигэр кыалынна.
Бу ''Хатас хамсааһына'' диэн саҥа тэриллибит түмсүүгэ Хатаспыт сайдар - үүнэр аартыга арылыччы аһыллан олох араас хайысхатыгар маннык сүүрээннэри киллэрэр баҕалаах, түмсүүлээх - сомоҕолоһуулаах буоллахха кыаллар боппуруос элбэҕин билэр - көрөр дьон түмсүүтэ буолар. Ону кинилэр маҥнайгы хамсааһыннара ырылыччы көрдөрдө. Аныгыскы суруйуубар бу кимнээҕин, сыалларын-соруктарын сиһилии суруйуом. Күндү биир дойдулааҕым аах, салгыы кэпсээ, сэһэргээ, киэн тутун, Хатас хамсааһына дьыалатын саҕалаата.