17.07.2022 | 10:22

Хатас хатан дьоно — Бэрдьигэстээххэ

Хатас хатан дьоно — Бэрдьигэстээххэ
Ааптар: Наталья Руфова
Бөлөххө киир

Сахабыт сирин уостан түспэт уратыларыттан биирдэстэрэ - күн-дьыл көстүүтэ. Биһиэхэ эрэ кыһын 60 кыраадыска диэри тыйыс тыыннаах тымныы түһэр, онтон сайын 30 тахса кыраадыс куйааһырар. Дьэ, санаан кэбиһиҥ, бу кыраадыстар хальаҥнааһыннарын. Төрүт дойдубут уратытын эппит-хааммыт, өйбүт-санаабыт кыайар  буолан тулуйабыт. 

Бу күннэргэ сайыммыт оройугар дьиҥ-чахчы сырылатар куйаас күннэр тураллар, кыра наадалаах киһи таһырдьа быкпат  итиитэ. Күрэхтэһиэхтээҕэр, күөн көрсүһүөхтээҕэр буолуох, хамсанар да ыарахаттардаах курдук. Дьэ маннык түгэҥҥэ, маннык кэмҥэ тулуур-дьулуур, олоххо баҕа, кытаанах санаа баар дьоно Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр муһуннулар. XX-с төгүлүн ыытыллар СӨ доруобуйатынан хааччахтаах дьонун спортивнай бэстибээлигэр 15 улуустан муһуннулар. Айан бөҕөтүн айаннаан, хомунан-тэринэн, күүстэрин-уохтарын мунньунан тиийдилэр. Бу манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэбит салалтата сылын аайы үгүс элбэх үтүө тэрээһиннэри ыытар буолан, улуустарбытыгар ханнык баҕарар таһымҥа ыытыллар спортивнай да, култуурнай да тэрээһиннэри ыытарга усулуобуйа баара олус үчүгэй. Горнайдар былырыын Манчаары оонньууларын сүрдээх үрдүк таһымҥа ыыппыттара. 

XX-с СӨ доруобуйаларынан хааччахтаах дьон спортивнай бэстибээлигэр хатастар кыттыыларын туһунан "Саха" НКИХ кэрэспэдьиэнэ, биир дойдулаахпыт Михута сэһэргиир: 

— Үлэм чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ ханна да тиийдэхпинэ Хатас дьонун-сэргэтин хайаан да көрсөбүн. Бу да сырыыга оннук буолла. Андрей Анатольевич Петров уопсай тэрээһиҥҥэ, Константин Дмитриевич Гаврильев судьуйалааһыҥҥа, Туйаара Люминаровна, Василий Иванович Копыриннар, Павел Осипов Дьокуускай куорат хамаандатыгар  кыттааччы быһыытынан кэлбиттэр. Тэрээһин аата да этэринии, спортивнай, култуурунай бэстибээл диэн буоларын быһыытынан  спорт көрүҥнэрин (волейбол - олорон эрэн, дартс, дуобат, хабылык, хаамыска уо.д.а) таһынан Ийэ хотун уонна Эрчимэн Бэргэн диэн күрэхтэрдээх.

Василийдаах Туйаара спорт да өттүгэр кытталлар,култуура өттүгэр да бааллар. Онон волейболга оонньуохтара, түөртүү түһүмэхтээх Ийэ хотун, Эрчимэн Бэргэн диэн күрэхтэргэ кыттыахтара. Тэрээһин үс күннээх. Бүгүн түмүк күн. Дьоммутугар ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ уонна олоххо дьулуурдарыгар, кытаанах санааларыгар сүгүрүйүөҕүҥ. Ох курдук оҥостон көрсүбүт, усулуобуйаны олохтообут  Горнай улууһун дьонугар-сэргэтигэр барыбыт аатыттан махтаныаҕыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...