Хас да оптуобус сырыыта уларыйар
Ол курдук, бастатан туран, 6 №-дээх оптуобус сырыыта уларыйар. Чэппиэртэн этиллибит маршрут тиһэх тохтобула «Три Сосны» диэн ааттаах буолар.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүтүгэр: “Дьокуускай үрдүнэн 18 маршрут баар. Үгүстэр чопчу биир хайысханан үлэлээбиттэрэ ыраатта. 10-20 сыллааҕыта олохпут атын этэ. Биһиги куораппыт эдэр, сыл аайы улаатар, кэҥиир. Холобур, бу сыл иһигэр 7000 киһинэн элбээтибит. Онон оптуобустар хайысхаларын, сырыыларын дьон-сэргэ ордук сылдьар, саҥа тутуулар барар сирдэрин учуоттаан оҥоруохтаахпыт. Сайдыы ирдэбилинэн хас биирдии маршрут үлэтэ туһунан көрүллүөхтээх”, – диэбитин хаһыаппытыгар суруйбуппут.
Маны таһынан, муус устар 22 күнүттэн 15, 25, 41 №-дээх оптуобустар Бүлүү трагынан, Чайковскай уулуссатынан сылдьар буолуохтара. Санатан эттэххэ, Ильменскэй уулуссаҕа намыһах дабылыанньалаах гаас ситимин өрөмүөннүүр үлэ ыытыллар, онон оптуобустар сырыылара быстах кэмҥэ уларыйбыта.
Бу иннинэ үөһэ этиллибит маршруттар Винокуров уулуссатынан ааһар этилэр. Манна суол кыараҕас, ГОСТ ирдэбиллэригэр эппиэттээбэт диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата суруйар.