28.09.2021 | 12:00

Хас биирдии идэ ис хоһоонноох

Ааптар: Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ
Бөлөххө киир

Хатас нэһилиэгин биир эрэнэр, элбэҕи күүтэр киһитэ, ыал аҕа баһылыга Тимур Харитонов  СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Махтал суругун тутан дьонун-сэргэтин үөртэ. 
Тимур  Саха сиригэр  кэлиҥҥи сылларга хаһан да буолбатах  улахан содуллаах баһаардарга  үлэһит уонна киһи быһыытынан үтүө өрүттэрин, талан ылбыт идэтин дьиҥ чахчы баһылаабытын иһин наҕараадаланна.

- Тимур Борисович, саха киһитин сиэринэн, кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын билистэххэ?

- Мин 1982 сыллаахха  ахсынньы аам-даам тымныы күнүгэр Дьокуускай куоракка Екатерина Афанасьевна уонна Борис Петрович Харитоновтар  дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтүм. Дьонум миэхэ Тимур диэн ааты талбыттар. Хомойуох иһин, бэрт кылгас кэм иһигэр ийэм ыалдьан күн сириттэн күрэнэн, төрөппүттэрбэр  соҕотох оҕо буолабын. Чороҥ соҕотох туран хаалбыт аҕам кырачаанын  кыайан көрбөккө, эбээлээх эһээбэр иитиллибитим.  Онон оҕо сааһым ааспыт  Хатаһыгар күн бүгүҥҥэ диэри олохсуйан, үлэлии-хамсыы сылдьабын. (Нэһилиэк олохтоохторо  кини  өссө  массыынаны өрөмүөннүүр  биир талаанын ураты чорботон бэлиэтииллэр – ааптар).

- Оскуоланы бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар тахсаргар туох идэни талбыккыный?

- Оскуолабар ортотук үөрэммитим, ордук техническэй  өттүгэр дьоҕурдаах этим. Онон, 2000  сыллаахха оскуолабын бүтэрэн  баран, Дьокуускайга ПТУ-11 автослесарь-суоппар идэтигэр киирэн,  2001 сыллаахха бүтэрбитим. Ити сыл тута Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэ киирэн, 2004  сыллаахха технолог идэтин баһылаабытым.

2002 сыллаахха  устудьуоннуу сылдьан, сүрэҕим аҥаарын Светабын көрсөн,  эһиилигэр ыал буолан,  эйэ дэмнээхтик олоробут. Кэргэним –  Хатас  дьаһалтатын социальнай үлэһитэ.  Үс оҕолоохпут: улахан кыыспыт Сати быйыл Казаннааҕы архитектура-тутуу судаарыстыбаннай университетын  (КГАСУ) устудьуона буолла,  орто кыыс Аурелия –  Хатас орто оскуолатын  8 кылааһын үөрэнээччитэ, кырачаан уол Тамерлан – оҕо уһуйаанын  иитиллээччитэ.

- Эн санааҕар, дьиэ кэргэн нус-хас олохтоноругар киһиэхэ туох, ханнык хаачыстыба нааданый?

- Дьиэ кэргэн нус-хас олохтоноругар, мин санаабар,  үчүгэйдик үлэлиэххэ-хамсыахха наада. Үлэлээх буоллаххына,  сарсынҥы күнҥэ эрэллээх буолаҕын  уонна бэйэ-бэйэни өйдөһүү-өйөһүү, эйэҕэс сыһыан – нус-хас олох мэктиэтэ.

- Уол оҕо буолан иитиллэн тахсаргар ордук кимиэхэ махтанаҕын?

- Төрөппүттэрим миэхэ күн сирин көрдөрбүттэригэр улахан махталлаахпын. Эбээлээх эһээм билигин орто дойду олоҕор суохтарын да иһин, сөптөөхтүк иитэн улаатыннарбыттарыгар сүгүрүйэбин.  Ийэбин солбуйбут киһибэр, төрөппүт ийэм эдьиийигэр О.А. Покровскаяҕа махтанабын.

- Аныгы олоххо уол оҕону иитиигэ эн көрүүҥ?

- Уол оҕону иитиигэ улахан болҕомтону ууруохха наада дии саныыбын. Интэриниэт, тэлэбиисэр эрэ иннигэр олордубакка, сиргэ-уокка, булка-аска бэйэҕин кытары батыһыннара сылдьыахха, сахалыы сиэргэ-туомҥа, ийэ айылҕаны харыстыырга, тулалыыр эйгэтигэр эйэҕэс сыһыанҥа үөрэтиэххэ наада дии саныыбын.

- Таптал диэн...

- Таптал көрүҥэ элбэх: төрөөбүт дойдугар, айылҕаҕа, дьоҥҥор-сэргэҕэр, кэргэҥҥэр, оҕолоргор. Таптал баар буолан, бу орто туруу бараан дойдуга дьон-сэргэ  ууһаан-тэнийэн олордохпут.

«... Биир идэлээхтэрим өҥөлөрө»

- Үлэлиир кэлэктиибиҥ туһунан сырдатыаҥ дуо?

- Н.Н. Гаврильев салайааччылаах Хатастааҕы ахсыс  нүөмэрдээх баһаарынай чааска үлэлиибин. Көрөр-истэр, көмүскүүр сирбитигэр Хатас, Табаҕа, Владимировка уонна  куорат киинигэр диэри икки этээстээх мас дьиэлэр эмиэ киирэллэр. Кэлэктииппит  иллээх-эйэлээх, түмсүүлээх, нэһилиэк олоҕор спорт, култуура, үлэ хамсааһыннарыгар көхтөөхтүк кыттабыт.

- Баһаарынай идэтин таларга эдэр ыччакка тугу сүбэлиэҥ этэй?

- Бастатан туран, ис сүрэхтэн тахсар баҕа санаа  наада. Чэгиэн доруобуйалаах, эт-хаан өттүнэн кыахтаах, кытаанах характердаах, эппиэтинэстээх уонна сорудаҕы толоругас  буолуохха наада.  Ону таһынан  ыксаллаах быһыыга-майгыга уолуйан туран хаалбакка, сатабыллаахтык хамсаныы, идэ ымпыгын-чымпыгын билии ирдэнэр. Сүбэлээн этэр буоллахха, киһи үчүгэйдик толкуйдаан, бигэтик быһаарынан эрэ баран талар идэтэ. Биһиги  үлэбит үксүгэр –   нэһилиэнньэни баһаартан сэрэтии уонна  көмүскээһин.

- Быйылгы алдьархайдаах баһаардарга үлэлээн,   бэйэҕэр туох саҥаны биллиҥ, үөрэнниҥ? Маннык идэлээххиттэн кэмсинэн ылыы суоҕа дуо?

- Быйыл ойуур улахан баһаардара туран, нэһилиэктэргэ  улахан куттал үөскээн,  сайын тыа баһаарыгар элбэхтик сырыттыбыт. Билии-көрүү син баар буолла диэххэ сөп. Ол иһигэр, ойуур баһаарыгар хайдах-туох дьаһаныахха сөбүн, от-мас көрүҥүттэн тутулуктанан  хайдах умайарын, тыа баһаарын тохтотор араас ньымалары биллибит. Сахам сирин дьонугар, төрөөбүт-үөскээбит айылҕабар көмөлөһөр идэни талбыппыттан тоҕо кэмсиниэмий?  Дьоҥҥо туһалыырбыттан үөрэбин эрэ буоллаҕа.

- Баһаарга үлэлээбит дьон туһунан кэпсии түһүөҥ дуо? «Киһи хайдаҕа иэдээҥҥэ биллэр» дииллэр.

- Баһаарга үлэлээбит уонна  үлэлиир дьонҥо, бастатан туран,  муҥура суох махталбын тириэрдэбин. Тыа баһаарыгар эдэр устудьуоннартан саҕалаан саастаах дьонҥо тиийэ хорсун санаалаах  дьон үлэлээтэ, сыратын-сылбатын биэрдэ, көлөһүнүн тохто.   Кинилэр идэлээх дьон быыһыгар  биир тэҥ үлэҕэ сылдьаллара киһини үөрдэр.

Быйыл уоппускам кэмигэр ойуур баһаарыгар баҕа өттүбүнэн  (доброволеһынан) үлэлии барбытым. Горнай улууһун Мытаах  нэһилиэгин тыатыгар 11 киһини (үксүлэрэ устудьуоннар) аҕалбыттара.  Үлэбит диэн  РЛО-нан (ранец) кыра  көрдүгэннэри умулларыы, утары өрт  ыыттахтарына, минерализованнай балаһаны уонна суолу харабыллааһын этэ. Тыраахтар кэнниттэн күрдьэҕинэн  балаһалары көннөрбүппүт,  хаппыт, умайа турар сэрэхтээх мас охтубутун  штиль эрбиинэн ыраастаабыппыт.

- Ити үлүгэр ыксаллаах кэмҥэ өйгөр-санааҕар хатанан хаалбыт түгэн баара буолуо.

- Бэрдьигэстээхтэн минерализованнай балаһаны  оҥоро кэлбит аҕам саастаах тырахтарыыс туһунан кэпсиэм.  Хомойуох иһин, аатын-суолун ыйыппакка хаалбыппын. Бу аҕам саастаах киһи икки түүн устата утуйар уутун умнан туран, ыас хараҥаҕа кытыы тыа, маар, үрэхтэр  быыстарынан   ДТ-75 тыраахтарынан  хас да көстөөх сиргэ   минерализованнай балаһаны оҥорон соһутан турардаах.

Биһиги үлэбитигэр мэлдьи даҕаны ыксаллаах түгэннэр тахсаллар. Ону киһи  өйүгэр хатыы сатаабат. Арай,  быйыл буолбут ойуур баһаара,  төһөлөөх  элбэх иэннээх хара тыабыт барахсан умайбыта хараастыылаах түгэн буолан өйбөр-санаабар өр кэмнэргэ хаалыа...

- Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаевтан  Махтал сурук тутууҥ эйигин инникитин туохха эбээһинэстиирий?

- Ил Дархантан Махтал сурук туппутум олус үөрүүлээх уонна долгутуулаах этэ. Дьиҥэр, тыа баһаарыгар сылдьыбыт биир идэлээхтэрим  барыларын өҥөлөрө! Биллэн турар,  инникитин өссө ситиһиилээхтик үлэлиирбэр эбээһинэстиир.

– Киһи аата олоххо эмиэ дьайарын туһунан этэллэр.  Эн Тимур (Тимир)  диэн аатыҥ олоххо буһаргар-хатаргар көмөлөһөр дуо?

- Киһи аата олоҕор-дьаһаҕар уонна майгытыгар-сигилитигэр  дьайар дии саныыбын. Мин аатым сахалыыта Тимир диэн буоларынан, ыстаал курдук буһарыллан-хатарыллан,  араас ыарахан түгэннэргэ кытаатыннаран, сорох кэмҥэ сымнатан биэрэн көмөлөһөр дии саныыбын.

- Инникитин даҕаны туппуккун ыһыктыбат майгыгынан, тулуургунан, дьулуургунан саҥаттан саҕа саҕахтары арыйан ис, ыччат дьоҥҥор үтүө холобур буола тур.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...