14.12.2023 | 17:30

Харыйаны кэрдии иһин ботуччу ыстараап көрүллэр

Өрөспүүбүлүкэҕэ харыйаны үүннэриинэн, кэрдиинэн уонна атыылааһынынан официальнай сирэйдэр эрэ дьарыктанар бырааптаахтар диэн иһитиннэрэр регионнааҕы Экология министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Харыйаны кэрдии иһин ботуччу ыстараап көрүллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Саҥа дьылга бэлэмнэнии үгэннээн турар кэмэ. Саха сирин лесничествота  харыйаны харыстыырга, харабыллыырга туһуламмыт үлэни ыытар. Ол курдук, сэрэтэр үлэ чэрчитинэн, гражданнары кытта кэпсэтэбит, эриэйдэлэри ыытабыт, билиҥҥитэ сокуону кэһии түбэлтэтэ тахса илик. Көҥүлэ суох маһы кэрдии иһин ыстараап көрүллэрин санатыахпытын баҕарабыт. Ыстараап суумата харыйаны атыылаһан ылбыттааҕар ботуччу буолар», – диир Шестаковскай учаастактааҕы лесничество үлэһитэ Айаал Баишев.

Маһы кэрдии ойуурга хоромньуну таһаарара биллэр. Сокуоннайа суох маһы кэрдиинэн дьарыктаныы иһин ыстараап көрүллэр. Ол курдук, маһы кэрдии иһин ыстараап кээмэйэ гражданнарга – 3000-4000 солкуобай, дуоһунастаах сирэйдэргэ – 20 000-40 000 солкуобай,  юридическай сирэйдэргэ – 200 000-300 000 солкуобай.

Тиэхиньикэни туһанан кэрдибит буоллахтарына, эбэтэр харыстанар зонаҕа кэрдии иһин, холуобунай буруйу оҥоруу бэлиэтэ суох буоллаҕына, ыстараап суумата гражданнарга – 4000-5000 солкуобай, дуоһунастаах сирэйдэргэ – 40 000-50 000 солкуобай, юридическай сирэйдэргэ – 300 000-500 000 солкуобай. Кэрдибит мастара уонна туттубут тэриллэрэ былдьанар.

Хоромньу кээмэйэ кыра буоллаҕына ыстараап суумата 5000 солкуобайга диэри. Мас сэдэх көрүҥүн кэрдии иһин холуобунай миэрэ туттуллуон сөп.

Маһы атыылаһыы, эбэтэр атыылааһын дуогабарын Дьокуускайдааҕы лесничествоҕа эбэтэр «Якутлесресурс» филиалыгар түһэрсиэххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...