03.10.2021 | 18:00

Харыстаныахха, харыстыахха

Ааптар: Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына
Бөлөххө киир

Бу төрүттэрбит сэрэтиилэрэ,
Бу төрүттэрбит бэлиэлэрэ,
Бу төрүттэрбит эмчиттэрэ,
Харыстыахха, харыстаныахха...

Бу сыл атырдьах ыйын 13 күнүгэр эмискэ ылларан. Бастаан сэниэтэ суох буолуу билиннэ, онтон температура таҕыста, күөмэйим дэлби аһыйда. Оннук температуралаах үс күн сыппытым. Ковид ыарыыга ыллардым диэн санаа киирдэ. Ол сытан өйүм-санаам барыта ыгылынна, кэлэр-барар сирбин булбат курдук буоллум. Онуоха Намҥа баар маас оҥорор эмчит Александр Саввич Эверстовка эрий диэн билэр эмчитим сүбэлээтэ, кини мааһа үс күнүнэн туруорар диэтэ. Мин тута эрийдим. Үөрүөм иһин, Александр Саввич төлөпүөнүн ылла, ыалдьыбыппын иһиттэ, сарсыныгар ол алгыстаах мааһы илиибэр  туттум. Онно күүс-көмө буолбут дьоммор махтанабын. Мин дьэ өлбөт мэҥэ уутун туппуттуу үөрдүм, Айыыларбар, эмчиппэр махтанным уонна Александр Саввич эппитин курдук бу мааспын үс күн соттон бардым. Омуна суох, ол күн соттооппун кытта чэпчээтим, сыты ылбат этим, сыт ыларым билиннэ, төбөм ыарыыта тохтоото, тыынарым дьэҥкэ чэпчээтэ. Чалахай тахсыа диэн сэрэппитин курдук үс күн күүстээх сөтөлү кытта күп-күөх сытыган курдук чалахай, хойуу килиэй курдук туох эрэ пластик сыттаах, өссө уһун да уһун сыраан чалахай үс күн супту кэллэ. Силлиирбэр икки үрүҥ харахтаах, кубаххай өҥнөөх чиэрбэ сыылан тахсарга дылы. Ол аайы ону таһаара сатаан сэниэм эстиэр диэри силлии сатыыбын.  Тахсымаары сыстан баран сылдьар, туох баар ийэ-хара көлөһүнүм аллан, алгыстаах мааспыттан көрдөһө-көрдөһө соттон, ол чалахай үһүс күммэр сырдаата. Дьэ, маннык амырыын ыарыыны айан, инчэҕэй эттээх эрэйдэнэр ыарыытын билэн эрэр эбиппит. Өйгүн–мэйиигин, сэниэҕин эрийэн, тыыҥҥын хаайан тыын быһаҕаһынан тыыннаран, туох баар олох күндүтүттэн араара сатаан эрийэр-мускуйар эбит. Өрүттэн баран, мин эмчиппэр махтанан, маннык үтүөкэн киһи үрүҥ күммүн өрүһүйэн, оҕолорум, сиэннэрим тустарыгар олоҕум сырдаата диибин! Алгыстаах маас бу тыл күүһүн иҥэриммит буолан көмөлөстөҕө диэммин бэйэм тыл үөрэхтээҕэ буолан күүскэ итэҕэйэбин! Дьэ, ол кэнниттэн үтүөрбүт үөрүүбүн биллэрэн, аны махтал тыллардаах суругу кэргэнигэр ыыппытым, ол суругум бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ дьиктитик тарҕанан, билигин ол алгыстаах маас үгүс киһини атаҕар туруорда, олохторун быыһаата, ковидынан ыалдьыбыттары чэпчэттэ.

 

Григорий Иванович, Уус Алдан:

– Мин бу хамсык ыарыыга улаханнык ылларан балтараа ыйтан ордук улууспар, онтон куоракка эмтэнэн тахсыбытым. Былырыын сыстан ыалдьаммын, тыҥам 80% сиэтиллэн, арыый өрүһүннүм. Балыыһаттан тахсан да баран ый курдук ороҥҥо сытан, кислородунан тыына сыппытым. Табаарыһым Александр Эверстов алгыстаах маас оҥорорун билэрим, киниэхэ эрийэммин ол мааһы соттон билигин атахпар туран, син бэйэм кыахпынан үлэлээн, дьиэм иһигэр-таһыгар да сылдьабын, дьоҥҥо да араас үлэҕэ көмөлөһөбүн. Онон орто дойдум олоҕор эргиллэн, өссө да олоро түһэр баҕа, кыах баар буолла. Дьоҥҥо-сэргэҕэ этиэм этэ, бу хамсык сымыйа буолбатах, чахчы баар, ол эрээри бу вирус киһи кистэнэ сылдьар ыарыыларын көбүтэн киһини кэбирэтэрэ кутталлаах.  Бу хамсык тымныйыынан киирэр, ол иһин үгүс дьон балыйтараллар. Ыалдьыбыккытын биллигит да, ханна да сылдьымаҥ, тутатына суһаллык миэрэ ылыныҥ, хамсыгы тарҕаппат туһугар бары кыһаллыаҕыҥ!

Федоровтар, Уваровскайдар дьиэ кэргэттэрэ:

–  Балтараа ыйдаах сиэним уонна кыыһым, 8, 12, 15 саастаах сиэннэрим бары биир кэмҥэ сыстыһан ковидтаан хаалбыттарыгар, Никольскайга маас оҥорон биэрээччи киһи баар диэбиттэригэр, нүөмэрин булан эрийэн, ыксаллаах балаһыанньабын кэпсээбиппэр Александр Саввич амарах сүрэҕинэн өйдүү охсон маас оҥорон биэрбитигэр, бары дьиэ кэргэн эмтэнэн, сэниэлэнэн, кыраадыстара түһэн, амтаны, сыты билэр буолбуттара. Онон итинник абыраллаах маас оҥорор элбэх киһини өрүһүйбүт эмчиппитигэр тугунан да кэмнэммэт үтүөтүгэр барҕа махталбытын этэбит. Биһиги бэйэбит тугу гынарбытын билбэккэ, саҥа төрөөбүт оҕобут кытта ыалдьан куттаталыы сырытта.

Дьон үтүөрэн үөрэриттэн саҕа дьол суох. Онон бу алгыстаах маас диэн тугун, хайдаҕын уонна эмчити илэ көрсөөрү, Нам Никольскайыгар баран кэлбиппин эһиэхэ кэпсиэхпин баҕарабын.

Алекандр Саввич мин тиийэрбэр олох иллэҥэ суох, эмтии олорор этэ. Дьыбааҥҥа өссө хас да киһи кэтэһэн олорор, дьон быыстала суох киирэллэр, хостон үөрэн, астынан тахсаллар. Эмчити кытта кэпсэтээри кэтэһэн олорор кэммэр кэргэнэ Наталья эмтэнэн үтүөрбүт дьон туһунан кэпсии олордо. Ол курдук Горнай улууһуттан инсуллаан өр хаампакка сыппыт П.А. Яковлев хаамар буолбут, 52 cыл ороҥҥо-тэллэххэ сыппыт Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Т.А. Эверстованы эмтээн туруорбут, дьиэ кэргэнэ бары хамсыкка ылларан, саҥа төрөөбүт кыһыл оҕолоро кытта, онуоха бары бу алгыстаах мааһынан соттон үтүөрбүттэрин  туһунан эһэлэрэ Р.К. Тихонов кэпсээбит. 

Онтон бу Александр Саввич курдук эмчити биир бэйэм бастакыбын көрсөбүн. Бу дьикти, маны төрүт итэҕэлбит хайысхатынан өйдүөххэ сөп дии саныыбын. Үөһээ Айыылар тургутан, маннык улахан хамсыгы бу маннык туруктаах киһи эмтээтин, дьэ хайдах ылыналлар эбитий диэх курдук. Ким эрэ итэҕэйэр, ким эрэ итэҕэйбэт. Билигин олохпутун барытын материальнай эрэ баайынан сыаналыыр кэммитигэр, аспытын-таҥаспытын эрэ быһаарынан, ону күннээҕи кыһалҕа оҥорон сырса сылдьан, хантан чараас эйгэ дьиктитин көрөн быһаарыахпытый, онуоха атын таһымы биһигиттэн төрүттэрбит, өбүгэлэрбит ирдииллэрин билбэппит.

 

Алгыстаах маас күүһэ туохха сытарый?

Александр Саввич  сахатын дьонун туһугар ис сүрэҕиттэн күүскэ ылсан, баҕаран бу хамсыгы кытта алгыс тылынан киирсэ сылдьар. Омук кимин-ханныгын билинэригэр бигэ мэктиэ буоларыгар чулуу дьон төрүүллэр. Ол оннук киһинэн айылҕаттан айдарыылаах А.С. Эверстов-Тумса Хааннаах Суор Ойуун диэн ааттаах идэлээх эмчит буолар. Бу ааты төрүттэрэ түүлүгэр эппиттэрин истибит. Тугу барытын түүлүнэн тойонноон, ситимнээн быһаарар эбит. Биһиги төрүт өбүгэлэрбит Улуу Суорун үс хаттыгастаах алтыс халлаан таһымыгар баар дииллэр, бу идэлээхтэр таһымнара, ол аата ойууттар, удаҕаттар, уустар, иистэнньэҥнэр, тыл уустарын таһыма эбит. Онтон алгыс диэн тыл суолтата көстүбэт эйгэлиин алтыһар таһым диэн суолталаах. Киһини үтүктэн киһи ойуун буолбат, айыллан төрөөбүт киһи, улууларга уһуйуллан, туһунан ньыманан буспут-хаппыт дьон буолаллар. Тоҕо айдарыылаах диибиний? Эмчит кэпсээниттэн, кини кыра оҕо эрдэҕиттэн, оскуолаҕа киирэр сааһыттан дүҥүрдэнэ оонньуура эбитэ үһү. Аны хааннарыгар баар аата ааттаммат айылҕалаах сүдү эдьиийин уҥуоҕа 2-c Хомустаахха баарын, кини инсуллаан сыттаҕына хаар маҥан баттахтаах оҕонньор өрүү кэлэн көрөрүн, түүлүгэр “мин аатым Ньыыкан” диэн эппитинэн да суолталаатахха, улуу эмчит туохха көстүбүтэ биллэр диир. Чахчы Ньыыкан этэн турар дииллэр, мин курдук эмчит кэлиэҕэ диэн. “Аатыҥ тоҕо Хааннаах Суор диэний?” – диэн ыйытыыбар сүрдээх мындыр толкуйунан  хаан тохтотооччу буоларым бэлиэтэ диэтэ, хааннаах буолла да сиэмэх диэн буолбат диэн быһаарда.

 

Дьон тоҕо ыалдьарый?

«Аспытын көрүммэппит, үрүҥ аһы аһаабаппыт, хамсаммаппыт, үлэ диэн наар олорор үлэ буолла”, – диир эмчит. Ньыыкан эмиэ итинник этэн турар, айылҕаны киһи аймах утары баран алдьатыытыттан, уу, салгын киртийиититтэн ыарыы элбиир. Үрүҥ ас аҕыйаан, киһи аймах тиис, куртах ыарыытыгар ылларда диэн.

Александр Саввич анал медик үөрэҕэ суох эрээри, ким туга, ханан, тоҕо ыалдьыбытын чопчу этэн, тутан-хабан эмтээн үтүөрдэр. Хас биирдии эмтээһинин алгыс тылынан арыаллыыр уонна алгыстаах мааһын туттаран ыытар. Наһаа эдэр саастарыттан сүһүөхтэрэ ыалдьар, бааһыраллар диир. Аны дьон бу ковидтан наһаа кутталга киирдилэр диибин. Онуоха: “Ыарыы истибэт, көрбөт. Итэҕэлбит мөлтөх. Манна ыарыы тарҕанар биричиинэтинэн, киһи бэйэтэ ыалдьыбытын билбэт, ол иһин онно-манна сылдьар, аны ити вакцина бу ыарыыны тохтоппот, саһа сытар ыарыыларын көбүтэр. Ону бу алгыстаах маас ыраастыыр, ыарыы тарҕанарын тохтотор”, – диэн быһаарда.

Онон, түмүкпэр этиэм этэ, бу алгыстаах мааһы илиигитигэр туттугут да, өлбөт мэҥэ уутун ылбыттыы, хааҥҥытыгар сүүрэр итэҕэлгитин уһугуннарыҥ, ыарыыттан куттанымаҥ, харыстаныҥ, идэлээх, көҥүллээх эмчиппит сүбэтин истэн толоруоҕуҥ. Александр Саввич оҕолуу санаатынан, ыалдьыбыкка барытыгар көмөлөһөр баҕалаах, ол эрээри кинини эмиэ харыстыаҕыҥ, манна итэҕэйбэт буолар араас санааны киллэрэр, тылы-өһү ыытар сатаммат. Алгыс тыл күүстээҕин бары билэбит. Алгыс диэн суолтатын эмиэ өйдүүбүт. Бу маас тыл күүһүнэн эмтиир. Аныгы медицина инсулу, ДЦП-ны да кыайбатаҕын алгыһынан эмтиир сүдү киһибитигэр барҕа махталы кытта, чэгиэн сылдьан дьонун-сэргэтин бу ыарахан хамсыктан эмтииригэр өйбүтүнэн-санаабытынан күүс, тирэх буолуоҕуҥ диэн этэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...