«Харыстабыллаах производство» — бары өттүнэн көдьүүстээх бырайыак
Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин социальнай көмүскэлгэ уонна үлэҕэ управлениета “Харыстабыллаах производство” (“Бережливое производство”) бырайыак бириинсиптэрин олоххо киллэрэр үлэни ыытар.
Аныгы тэтимнээх үйэҕэ үгүс тэрилтэлэр үлэлэригэр сонун сүүрээннэри киллэрэн истэхтэринэ эрэ кэми кытта тэҥҥэ хардыылыыр кыахтаахтар. Сыалы-соругу кэмигэр ситиһэргэ, уустук садаачалары толорорго хайаан да бырайыактыыр үлэ барыахтаах. “Харыстабыллаах производство” бириинсиптэрин барыйыактыыр үлэҕэ туһаныы үтүө эрэ түмүктэргэ тиэрдэр диэн Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин социальнай көмүскэлгэ уонна үлэҕэ управлениетыгар кэпсииллэр.
2020 сыллаахха СӨ Бырабыыталыстыбата “Росатом” атомнай энергия судаарыстыбаннай корпорациятын кытта сөбүлэҥ түһэрсибитэ. СӨ Ил Дарханын дьаһалынан “Эффективный регион” бырайыагы олоххо киллэрэр оробуочай бөлөх тэриллибитэ. Бырайыак салайааччыта – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев.
Ол туһунан социальнай көмүскэлгэ уонна үлэҕэ управление методическай салаатын начаалынньыга Дария Пермякова кэпсээтэ:
– “Эффективный регион” бырайыак эһиги управлениеҕытыгар хайдах үлэлиирий?
– Бу бырайыак чэрчитинэн “Харыстабыллаах производство” бириинсиптэрин киллэриигэ үлэлиибит. “Росатом” уонна Арассыыйа үгүс субъектара кыттыһан олоххо киллэрэр бырайыактара. Олох ханнык баҕарар эйгэтигэр киириэхтээх диэн этиллэр. Оҥорон таһаарыы, өҥөнү оҥоруу уо.д.а. хаачыстыбатын үрдэтэр сыаллаах.
– “Харыстабыллаах производство” диэн тугуй уонна хайдах туттулларый?
– Харыстабыллаах производство – ханнык баҕарар үлэни сүтэриитэ, буортута суох салайан ыытыы. Оҥорон таһаарыыттан саҕалаан, доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр кытта туттуллуон сөп. Тэрилтэлэр үлэлэрин тупсарар, тэтимирдэр, өҥөнү туһанааччыларга табыгастаах усулуобуйаны олохтуур кыахтаах бырайыак.
“Эффективный регион” бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн биһиги “Регионнааҕы ийэ хапытаалын биэриини”, “Социальнай көмүскэл уонна үлэ управлениета уонна МФЦ бэйэ икки ардыгар үлэлэрин тупсарыыны” бырайыактаан тэрийдибит.
Ол курдук, урут ийэ хапытаалын туһунан ыспыраапканы биһиэхэ кэлэн ылар эбит буоллахтарына, билигин дьон судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларын нөҥүө ылар, ыспыраапка тус кабинетыгар тиийэн кэлэр. Оттон МФЦ-ны кытта үлэҕэ кумааҕыттан электроннай барыйааҥҥа көстүбүт.
Бу бырайыактар өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар тарҕатылыннылар, ол аата өҥөнү оҥоруу кэмин аччаттылар, дьоҥҥо төһө эмэ табыгастаах буоллулар.
– “Харыстабыллаах производство” бириинсиптэригэр үлэһиттэргит анал үөрэҕи ааһаллар эбит...
– “Эффективный регион” бырайыак бырайыактыыр офиһынан “СӨ Ил Дарханын иитинэн үлэлиир Инновационнай менеджмент үрдүкү оскуолата” (ВШИМ) анаммыта. Биһиги управлениебыт үлэһиттэрэ “Фабрика процессов” үөрэтэр балаһааккаҕа үөрэнэллэр. Маны таһынан бэйэбит испитигэр семинардары ыытабыт, харыстабыллаах технологиялар кииннэриттэн экспертэри ыҥыран кэпсэтэбит. Билиҥҥи туругунан “Харыстабыллаах производство” үөрэҕин 30 үлэһиппит ааста, ол иһигэр салайааччыларбыт кытта үөрэннилэр.
– Бырайыактары оҥоруу туһунан кэпсээ.
– Бастаан тиэмэбитин талабыт, онтон процесстар каарталара диэн оҥоһуллар (билиҥҥи, туох сыаллаахпыт уонна идеальнай көстүүтэ), онтон сүрүн кыһалҕалары бэлиэтиибит, салгыы бу кыһалҕалары быһаарар суоллары тобулабыт. Бырайыак хас түһүмэҕин аайы ВШИМ кураторын кытта Обея диэн сиргэ көрсөбүт. Обея – бырайыак туһунан информация түмүллэр сирэ, оробуочай бөлөх мунньахтара буолаллар. Обея көмөтүнэн бырайыактарбыт сыалларын харахпытыгар оҥорон көрөбүт, итэҕэстэри кэмигэр көрөн туоратабыт.
– Билигин туохха бэлэмнэнэ сылдьаҕыт?
– Билигин "Оптимизация процесса предоставления малогабаритных дополнительных технических средств реабилитации для маломобильных граждан" уонна "Оптимизация процесса предоставления крупногабаритных дополнительных технических средств реабилитации для граждан с инвалидностью" диэн бырайыактарга үлэлиибит. Ол аата доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо өҥөнү оҥоруу тиийимтиэ уонна судургу буолара күүтүллэр.
Маны таһынан салайааччылар бырайыактара бэлэмнэнэ сылдьар, кэлэктиип иһигэр психологическай туругу, идэҕэ эстиини (профессиональное выгорание) аһарынарга уонна үлэ усулуобуйатын тупсарарга аналлаах буолуоҕа.
Инньэ гынан “Харыстабыллаах производство” бириинсиптэрин олоххо киллэрии тэрилтэлэр үлэлэрин бары өттүнэн тупсарар уонна өҥөнү оҥорууну саҥа таһымҥа таһаарар кыахтаах.
Дьокуускай куораттааҕы Социальнай көмүскэл уонна үлэ управлениетын методическай салаата