19.08.2022 | 16:00

«Харысхал» аһымал пуондата өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаны саҕалаата

«Харысхал» аһымал пуондата «Добро в руках» сылын аайы ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаны саҕалыырын туһунан пуонда пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Харысхал» аһымал пуондата өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаны саҕалаата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аахсыйа оскуола үөрэнээччилэригэр, ол иһигэр маҥнайгы кылааска киирэр кырачааннарга ананар. Үөрэх дьылын аһымал аахсыйаттан саҕалаан, оҕолор үтүө дьыаланы оҥороллор, бэйэлэригэр сиэрдээх майгыны, эппиэтинэһи, аһыныгас буолууну сайыннараллар.

Тэрээһин сүрүнэ – балаҕан ыйын 1 күнүгэр кыттыһан учууталга биир улахан сибэкки дьөрбөтүн атыылаһыы уонна ордубут харчыны эмпкэ наадыйар инбэлиит оҕолорго ыытыы.

Быйыл киирбит сириэстибэ Петя Матвеевка тыҥатын вентиляциялыырга анаммыт небулайзеры атыылаһыыга барыаҕа. Ити көмөҕө 128 997,40 солкуобайы хомуйар сорук турар. Оҕо диагноһа олус уустук,  ИВЛ-аппараатыттан арахсыбакка эмтэнэрин курдук Aeroneb Pro саҥа небулайзер ирдэнэр.

Аахсыйаҕа кыттарга 89142705887 нүөмэргэ сайаапканы уонна дааннайдары ыытыллар:

1) Үөрэх кыһатын аата;

2) Кылаас салайааччытын араспаанньата, аата, аҕатын аата;

3) Сибээстэһэр нүөмэр;

4) Кыттар оҕолор ахсааннара.

Бары үөрэнээччилэргэ «Добро в руках» аахсыйа атрибуттарын –  флажоктары, закладкалары, сертификаттары уонна кылаас аатыгар махтал суругу туттарыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...