Харчыта ыл уонна ирдэбилгэ эппиэттээ
Ленин проспегын маҕаһыыннара, тэрилтэлэрэ бары биир тыыннаах, биир истииллээх буолуохтара. Ону, ол эбэтэр куорат дизайн-кодугар сөп түбэһиини, ситиһэр сыалтан Олохтоох дьаһалта урбаанньыттарга субсидия биэрэр. Бу сыалга быйыл уопсайа 5 мөл. солк. тахса үп көрүллүбүт.
Ол туһунан ааспыт нэдиэлэҕэ Куорат баһылыгын иһинэн Урбааҥҥа уонна туризмҥа координационнай сэбиэт мунньаҕар кэпсэтии буолла. Сүрүн иһитиннэриилэри куорат кылаабынай архитектора Семен Сергеев уонна Административнай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Феликс Антонов оҥордулар.
Ленин проспегын өрөмүөнэ түмүктэнэн эрэр
Ленин проспегар 2021 сылга саҕаламмыт киэҥ далааһыннаах хапытаалынай өрөмүөн алтынньынан түмүктэниэҕэ. Өрөмүөннэммит аспаал суолу таһынан манна саҥа тротуардар, сквердэр, бэлисипиэт суоллара оҥоһулуннулар. Барыта куорат эйгэтин, уулусса-суол ситимин, тырааныспар, сатыы дьон сылдьар сирдэрин, уопсастыбаннай туоналары комплекснай үөрэтии түмүгэр олоҕурбут дизайн-кодка сөп түбэһиннэрэн.
Биллэрин курдук, киин уулусса – сүрүннээн урбаан эйгэтэ: ас-таҥас, мал-сал маҕаһыыннарын таһынан, хардыы аайы араас кафе, ресторан. Бүгүҥҥү туругунан уопсайа 81 маннык тэрилтэ баар. Уонна, эмиэ бары билэрбит курдук, бу сыллар тухары бары «таптаабыттарынан» оҥостон, киэргэнэн кэллилэр.
Быйылгыттан, Дьокуускай куораппыт мантан ыла дизайн-кодунан оҥоһуллуохтааҕынан, бу 81 тэрилтэ бары биир тыыннаах, истииллээх буолаллара ирдэнэр. Этэргэ дылы, судургута суох боппуруос. Үчүгэйэ диэн, «саҥа таҥаска» куорат субсидия харчы биэрэр. Тус дохуотуттан куорат дизайн-кодугар ночоотурары ыарырҕатар урбаанньыкка ол, биллэн турар, табыгастаах.
«Ленин проспега бигэргэтиллибит дизайн-кодунан оҥоһуллар. Хас биирдии дьиэни бас билээччи урбаанньыт онно сөп түбэһэргэ субсидия ылыан сөп. Маныаха быйыл 5 мөлүйүөн 400 тыһыынча солкуобай тыырылынна. Бу субсидияны сыллата үлэлэтиэхпит»,– диир Евгений Григорьев.
Эриэйдэ ыытыллар
Феликс Антонов салайааччылаах Куорат административнай хамыыһыйата быйыл бэс ыйын саҥатыттан проспект атыы-эргиэн тэрилтэлэрин тас көстүүлэрин бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэри ыытан, элбэх итэҕэс-быһаҕас баарын бэлиэтээбит – бөх, кир-хох ыһыллыыта, истиэнэ хайыта барыыта, толоос сурук-бичик о.д.а. Биллэн турар, эриэйдэ сүрүн сыала – дьиэни бас билэр урбаанньыттары кытта куорат дизайн-кодугар сөп түбэһэр дьаһаллары ылынар туһунан кэпсэтии.
Координационнай сэбиэт мунньаҕар баһылык Евгений Григорьев, Сэбиэт чилиэннэрин санаатын өйөөн, чугастааҕы кэмҥэ Ленин проспегар дьиэни бас билээччилэри, уокурук бэрэстэбиитэллэрин, тупсаран оҥорууга исписэлиистэри кытта туспа сүбэ мунньах наадатын эттэ.
Киин уулуссаҕа үлэ билигин даҕаны салҕанар
Манан сибээстээн баһылык Урбаан, потребительскэй ырыынак уонна туризмы сайыннарыы департамеҥҥа урбаанньыттары биир ый инниттэн суол сабылларын туһунан сэрэтиэхтээхтэрин санатта.
Евгений Николаевич итини сэргэ Координационнай сэбиэт кэлэр мунньаҕар киоскалар хаһаайыннарын уонна «Якутскэкосети» регионнааҕы оператор салалтатын ыҥыран, бөҕү тиэйии кыһалҕатын дьүүллэһэр тоҕоостооҕун ыйда.
Урбаанньыттарга туһаайан
Урбаан, потребительскэй ырыынак уонна туризмы сайыннарыы департаменын потребительскэй ырыынакка салаатын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Татьяна Павлова Дьокуускай куорат территориятыгар быстах тутуу эбийиэгин (киоска) туруорууга уларыйыылар киирбиттэрин иһитиннэрдэ.
«Урбаанньыт управаҕа ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэринэн сөпсөһүллүбүт схеманы уонна топографическай түһэриини булгуччу аҕалыахтаах. Докумуоннар ирдэбилгэ уонна баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылаларыгар сөп түбэһэр буоллахтарына, хамыыһыйа ону тута көрүөҕэ. Инньэ гынан сөпсөһүннэрии болдьоҕо кылгаан биэрэр»,– диэтэ Татьяна Павлова.
Атын хартыынаҕа кубулуйуохпут
Бу курдук, куорат биир далааһыннаах бырайыагар сөп түбэһэн, урбаанньыттар бары дьиэлэрин-уоттарын таһын көрүнүөхтэрэ диэн эрэллээхпит. Оччоҕуна аҕыйах сылынан куораппыт чыҥха атын хартыына буолуоҕа диэн олохтоохтор үөрэбит эрэ.
Ленин проспегар баар атыы-эргиэн кииннэрин бүгүҥҥү туруга маннык. Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.