09.02.2024 | 12:00

Харчыны тардар сүбэлэр

Харчыны тардар сүбэлэр
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Харчы бэйэтэ туспа энергиялаах; холобура, сорох дьоҥҥо олох тохтообот, уу курдук баранар, сорох дьоҥҥо олус чэпчэкитик үллэн, элбиир идэлээх.

 

Харчыны тардар норуот ньымаларыгар төһө итэҕэйэҕитий?
1. Харчыны кумааһынньыкка кум-хам тутан укпаттар, түбэһиэх сиргэ кыбытан, быраҕан сытыарбаттар, харчыны убаастыахтаахпыт.
2. Кумааһынньык бүк тутуллар буолбакка, харчы көнөтүк киирэр быһыылаах буолуохтаах.
3. Кумааһынньыккытын имири эстиэр диэри кураанахтаан иһимэҥ, харчы тардарга саатар 10 солк. хаалан иһиэхтээх.
4. Кирэдьииттээх буоллаххытына, ону санаа да санаа буолумаҥ, син биир төлүүргүтүн санаарҕаамаҥ – иэс өссө улаатан тахсыан сөп. 
5. Кирэдьиити кирэдьиитинэн сабымаҥ, хабалаҕа ылларбыккытын өйдөөбөккө да хаалыаххыт.
6. Биир тыһыынча суумалаах харчыны "Уон төгүл элбээ! Сүүс төгүл үлүн!" диэн суруйан баран кумааһынньыкка укта сылдьыҥ.
7. 5000 солкуобайдаах күпүүрэ харчыны ордук күүскэ тардар дииллэр.

 

Коучтар, уйулҕаһыттар суруйалларынан, бастатан туран, биһиги харчыга сыһыаммытын уларытыахтаахпыт. Баай дьон атыннык толкуйдуур үһү. Билиҥҥи балаһыанньаҕа куһаҕан өттүн буолбакка, үчүгэйин эрэ булан көрөллөр, санааларын түһэрбэттэр, хаһан да ыгылыйбаттар. Кыахтаах дьон баар харчыны барытын барыы охсор туһунан буолбакка, хайдах гынан элбэтэри толкуйдаан бараллар. Оттон дьадаҥы киһи муҥатыйар, ытанар-суланар, дьону ордугургуон, ымсыырыан сөп. Оннук киһи кини харчыта тиийбэтигэр судаарыстыбаны, бэрэсидьиэни, тэрилтэтин о.д.а. буруйдуон сөп – ол аата эппиэтинэстэн куотунар.

 

Харчыны сатаан туттубат киһи

- Харчыны былааннаабакка туттар. Сорохтор олох даҕаны харчы түспүт, хамнас кэлбит күнүгэр тугу эрэ атыылаһыахтарын, барыы охсуохтарын баҕаран кэлэллэр.

- Харчыны сатаан туттубат киһи күннээҕи ороскуотун хаһан да аахпат. Ыйдааҕы, сыллааҕы бараабыт харчытын суоттаан да көрбөт.

- Харчылаах кэмигэр улахан наадата да суоҕу, уһуннук толкуйдаабакка, ылбыт эрэ киһи диэн атыылаһан кэбиһиэн сөп.

- Ороскуотун аччатар туһунан толкуйдуон да баҕарбат.

- Хаһан да мунньунуута суох, кыраны да бэйэтигэр хаалларан испэт.

- Кирэдьииттэри, кирэдьиит каарталарын хото туһанар.

- Быстаран хаалар түгэнигэр дьонтон иэс ылар идэлээх.

- Хамнаһын мыынар эрээри, хайдах гынан эбии дохуоттанарын толкуйдуу да сатаабат.

- Куһаҕан дьаллыктардаах буолар: табахтыыр, аһыы утаҕы амсайар.

- Эбии үөрэммэт, саҥаны сатыырга кыһаллыбат. Үөрүйэх буолбут үлэтин эрэ толорор кыахтаах.

- Баҕа санааларын эрдэттэн былааннаабат. Сибилигин атыылаһа, ыла охсуон баҕарар.

 

Бэйэҕитигэр сөп түбэһэри буллугут дуо? Оччоҕо көннөрүнэр, санааны уларытар кэм кэлбит. Харчы – эниэргийэ, ол иһин киһи санаатыттан улахан тутулуктаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....