«Харчы» сериал туохха үөрэтэрий?
Бу күннэргэ “Саха” Национальнай көрдөрөр-иһитинэрэр хампаанньа ханаалыгар “Харчы” сериал көстө турар. Чахчы олоххо баары ойуулуур-дьүһүннүүр киинэни көрөөччү олус сэҥээрдэ.
Тустаах уорганнар “Массыанньыктартан сэрэниҥ!” диэн хас муннук аайы да үөгүлээтэхтэринэ, албыннаппыт дьон ахсаана аҕыйыа суох курдук... Ол туһунан ИДьМ нэдиэлэтээҕи субуоккалара сэһэргииллэр, дьон оҕуруктаах өйдөөх массыанньыктар угаайыларыгар киирэн биэрэн, нэдиэлэҕэ холбоон хастыы эмэ мөлүйүөнүнэн уордарар буолла...
Сериал идеята хайдах үөскээбитин уонна туох сыаллаах-соруктаах оҥоһуллубутун туһунан сценарист Евгения Давыдова кэпсээтэ:
– Биһиги, Национальнай көрдөрөр иһитиннэрэр хампаанньа буоларбыт быһыытынан, Сахабыт сирин олохтоохторугар, көрөөччүлэрбитигэр көмөлөһүөхтээхпит дии саныыбын – бу хампаанньабыт миссиятын биир өрүтэ. Ол иһин дьону массыанньыктартан сэрэтэр сыаллаах “Харчы” сериал айыллан, оҥоһуллан, билигин эфиргэ тахса турар.
Билиҥҥи үйэҕэ интэриниэт, сибээс наһаа сайдыылаах буолан, бу эйгэҕэ түөкүннээһин эмиэ наһаа сайынна. Ол иһин Ис дьыала министиэристибэтигэр туспа салаа баар – “Якутское” муниципалитеттар икки ардыларынааҕы управление иһинэн үлэлиир Сибээс уонна интэриниэт ресурсалар нөҥүө оҥоһуллубут буруйу оҥорууну арыйар холуобунай отдел. Урукку кэмҥэ маннык отдел суох эбит буоллаҕына, билигин бу олох ирдэбилэ буолла. Сериал сценарийын суруйарга бу отдел начаалынньыга полиция подполковнига Егор Васильевич Чемезовы кытта ыкса үлэлээбитим, киинэбитин оҥорорго консультант буолбута. Кинилэр отделлара хайдах үлэлиирин, түөкүттэри хайдах туталларын көрбүтүм-истибитим. Ону тэҥэ “Даркнет”, “дроповай симкалар” о.д.а терминнэри быһааран биэрэн көмөлөспүтэ. Үлэлэрэ Саха сирин эрэ иһинэн хааччахтаммат, атын куораттартан, регионнартан биһиги дьоммутун албыннаабыт буоллахтарына, силиэстийэ ыытаннар, түөкүттэри тутан аҕалан манна Дьокуускайга сууттууллар.
Массыанньыктар сатабыллара кэҥээн иһэр
– Массыанньыктар, киинэҕэ көстөрүн курдук, маннык элбэх араас ньымалары тутталлар дуо?
– Киинэҕэ көстөр ньымалар бары баалларын таһынан, хас сырыы ахсын кинилэр туттар ньымалара тупсан, кэҥээн иһэр. Ол курдук, холобур, сериал көстө турар кэмигэр көрөөччүлэрбит кэпсээбиттэрэ, саастаах дьоҥҥо аны видеозвоногунан эрийэр буолбуттар. Уонна ол эрийдэхтэринэ офиска олорор, үчүгэй баҕайы тас көрүҥнээх, мааны таҥастаах-саптаах эдэр кыыс “эн счеккуттан харчы уора сатаатылар, атын куттала суох счекка көһөрүөххэ” диир эбит.
Ону таһынан, кэлиҥҥи кэмҥэ наһаа элбэх түгэҥҥэ прокуратураттан, следственнай комитеттан эрийэбит диэн, ИДьМ бэйэтин үлэһиттэрэ буолан кубулуналлара элбээбит, оннук гынан кинилэр дьону куттууллар, эрийээт да тута ыгылыталлар, ыксаталлар. Сериалга өссө элбэх албынныыр ньымалара көстүбэккэ хаалла, баппата.
– Бэйэбит дьоммут массыанньыктааһынынан дьарыктаналлар дуо? Холобур, биһиги наар хантан эрэ ыраах киин сирдэргэ эрэ баар буолуохтарын курдук саныыбыт дии...
– Хас биирдии норуокка, дойдуга куһаҕаны оҥорор дьон баар буоллахтара дии. Мин ити сценарийбын бэлэмниирбэр, 2022 сыл саҕаланыыта этэ, телеграммҥа массыанньыктар күүскэ кимэн киирбиттэрэ. Сахалыы ааттаах кыргыттар, холобур, Сайыыналар, Сардааналар киһиэхэ сахалыы суруйан, “бу сигэнэн бу бөлөххө киир, оччоҕо бачча харчыны ыытыахпыт, харчы гарантированно эйиэхэ түһэр” дииллэрэ элбээбит этэ.
Сериалга көстөрүн курдук, массыанньыктар колл-кииннэрэ оҥоһуллан, Саха сиригэр үлэлии турар диир кыах толору суох эрээри, дьону албынныыр дьон бэйэбит испитигэр эмиэ бааллар.
– Барытын хайдах билэн олороллоруй диэн сөҕөбүт. Хамнас түстэҕинэ эрий да эрий, перевод ыыттахха билэллэр, иэдээҥҥэ түбэспит дьоҥҥо тута биллэллэр... Хайдах итиннигий?
– Сериалы суруйарбар элбэх матырыйаалы хаһыспытым, онно тирэҕирэн кэпсээтэхпинэ, массыанньыктар бааҥҥа анаан-минээн үлэлии киирэллэр эбит. Сыаллара — баан дааннайдаах базатын уоруу. Ону уораат, үлэлэриттэн уурайаллар уонна массыанньыктыыллар эбит.
Маны таһынан, билигин, интэриниэт сайдан аҕай турар кэмигэр, ханнык баҕарар киһи куйаар ситимигэр “электроннай суолу-ииһи” (“электронный след”) хаалларар – саайтарга киирэбит, ону-маны атыылаһабыт, ааппытын-суолбутун, төлөпүөммүтүн, парольбутун барытын хаалларабыт, араас саайтарга каартабытын сыһыарабыт – ол ону барытын кыһалыннахтарына массыанньыктар, хакердар судургутук арыйар, ылар кыахтаналлар.
Саастаах дьон ордук сэрэхтээхтэр
– Психологтары кытта эмиэ сүбэлэстэҕиҥ дии. Массыанньык сиэртибэтэ кимий? Ханнык дьон ордук албыннатарый, ханнык дьон сэрэҕин хаһан да сүтэрбэтий? Эбэтэр массыанньыктар кими баҕарар, хаһан баҕарар албынныыр кыахтаахтар дуо?
– ИДьМ-нартан ыйыппыппар, кинилэр статистикаларынан, саастаах дьон быдан сэрэхтэр. Кинилэр атын туора нүөмэр эрийдэҕинэ төлөпүөннэрин да ылымыахтарын сөп, ол иһин саастаах дьон инник албыҥҥа дэбигис киирэн биэрэллэрэ атыттардааҕар аҕыйах буолар эбит. Дьон барыта, саастаах буолла да, билбэтиттэн-көрбөтүттэн, албыннатыан сөп курдук саныыллар...
Киһи барыта түбэһэр диир эмиэ сыыһа. Ол эрэн ханнык баҕарар киһи сылайбыт, санааҕа ылларбыт, санаарҕаабыт кэмнээх буолар, стресс үйэтигэр олоробут, ол иһин, статистиканы ылан көрдөххө, Саха сирин дьонугар эбиэттэн киэһэ эбэтэр олох киэһээ, киһи сылайбыт, мэйиитин үлэтэ мөлтөөбүт, бытаарбыт кэмигэр эрийэн тиийэллэр. Үлэҕиттэн сылайан, дьиэҕэр ыксаан истэххинэ эрийдэхтэринэ, албыннарыгар таах хаптарыаххын сөп.
– Дьиҥнээхтик иннигинэн дьарыктаммыт дьону кытта кэпсэппит эбиккит. Дьэ, туох дииллэрий? Кинилэр, эн санааҕар, хайдах дьонуй?
– Маннык түөкүннээн атын куораттан Дьокуускайга тутуллан кэлбит, суутун кэтэһэн олорор эдэр уолу кытта кэпсэтиннэрбиттэрэ. Ол уол миэхэ: “40-50 тыһыынча орто хамнаска дьон хайдах олороруй? Төрүт кыайан өйдөөбөппүн”, – диэн сэнээбит курдук ыйыппыттаах. Дьон инник олорор ээ диэтэҕим дии, онуоха кини: “Уу, мин инник олорбоппу-уун”, – диэн оҥорбутуттан улаханнык кэмсиммэт даҕаны этэ. Сценарий суруйа сылдьабын, массыанньык хараактырын дириҥник үөрэтээри, эйигиттэн интервью ылабын диэбиппэр, арыычча киһиргиир курдук ,“киинэҕитин нууччалыы оҥорбоккут да, сахалыы эрэ буолар да?” эҥин диэбитэ. Уонна: “Кими албынныыр оруолу оонньообот, кими баҕарар албынныахха сөп, барыта албынныыр киһи сатабылыттан уонна төһө уопуттааҕыттан тутулуктаах”, – диэбитэ. “Төһөнөн уопуттаах киһи эрийэр даҕаны, соччонон түргэнник дьон харчытын ыытар”, – диир кини.
Кэлин ол уол хайдах накаастанарын ыйыталаспытым, усулуобунай болдьоххо сууттанара буолуо диэбиттэрэ. Сыл аҥаара буолан баран ол уолум эмиэ массыанньыктааһыҥҥа түбэспит этэ.
Үп-харчы өттүгэр билиибитин хаҥатыахха
– Албыннаппат туһугар тугу гыныахтаахпытый?
– Массыанньык сиэртибэтэ буолбат туһугар аныгы киһи финансовай өттүнэн грамотнай буолуохтаах дии саныыбын. Ол аата төлөпүөн нөҥүө үлэлиир саарбах инвестиционнай хампаанньаларга итэҕэйимиэн наада, баан куттала суох буолуутун сулууспата хаһан да дьоҥҥо эрийбэтин билиэхтээх. Полиция үлэһиттэрэ хаһан даҕаны персональнай дааннайдары төлөпүөнүнэн ылбаттар, арай учаастакка ыҥырыахтарын сөп – ону барытын хас биирдии киһи билиэхтээх. Уонна сэрэтии үлэтэ араас ньыманан, тугунан барытынан бара туруохтаах.
Былыр киһини орто эбэтэр үрдүк үөрэхтээҕинэн билиитин-көрүүтүн, өйүн таһымын сыаналыыр эбит буоллахпытына, билиҥҥи үйэ киһитэ, хас да үрдүк үөрэхтээх буоллун, үп-харчы өттүгэр төһө билиилээҕинэн сыаналанар. Харчыны сөпкө туһанар, дохуотун учуоттаан, ороскуотун сатаан суоттанар буолуохтаах.
Ахсынньы 7 күнүттэн, “Харчы” сериал бүппүтүн кэннэ, Саха сирин бары киинэ тыйаатырдарыгар “Харчы. Иэстэбил” диэн киинэ тахсаары турар. Бу киинэ сериал салҕыыта буолар диир тутах. Көрөөччүлэрбит сериал түмүгүн киинэттэн билэр эбиппит дии саныахтарын сөп, оннук буолбатах. Сериалы көрбүт дьоҥҥо ордук киириэҕэ, оттон көрбөтөх да дьоҥҥо олус интэриэһинэй уонна туһалаах киинэ буолуоҕа. Көрөөччүлэрбит сөбүлээбит дьоруойдарын кытта атын персонажтар баар буолуохтара. Киинэ уонна сериал тус-туспа бырайыактар, онон уратылаах буолуохтара. Сериалга баар дьоруойбут түөкүннээһинэ, сүөргү быһыыта-майгыта туохха тиэрдибитин биһиги киинэбитигэр көрүөххүт.