03.05.2021 | 20:24

Харчана ИВАНОВА: «Профессионалбын дэммэппин…»

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Бүгүн, ыам ыйын 3 күнүгэр, Арассыыйаҕа Кондитер күнэ бэлиэтэнэр. Мин инстаграм ситимигэр сэргээн, сөҕө-махтайа көрөр кондитерым Харчана Иванова туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. 

Кини хас оҥорон таһаарбыт туорда хатыламмат уһулуччу үчүгэй айымньы, ювелир үлэтэ диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Харчана Николаевна үгүс түбүктэриттэн быыс булан, миигин кытта сэһэргэһэргэ сөбүлэстэ. Бастаан бэйэтин туһунан кылгастык кэпсии түһэригэр көрдөстүм:
–    Мин Нам Бөтүҥүттэн төрүттээхпин. Идэбинэн сибээс инженерэбин, иккис үөрэҕим – экономист. Өр сыл кэргэним дойдутугар – Сунтаар улууһун Элгээйитигэр олорбуппут. Онно сельпоҕа экономистаабытым. Куоракка көһөн кэлбиппит 3 сыл буолла. СӨ Биологическай ресурсаларын департаменыгар экономиһынан киирбитим. Кыраларбын оҕолонон баран, устунан уурайбытым. Икки кырабыт доруобуйаларыгар хааччахтаахтар, ДЦП-лаахтар, уол киэнэ ыарахан көрүҥэ. Ол иһин оҕолорбун көрө-көрө тугунан эмит дьарыктаныахтаахпын диэн санаа киирбитэ.  Бэйэбин профессионалбын дэммэппин. Туорт астааһынын хобби курдук 2014 сылтан саҕалаабытым.  Хара маҥнайгыттан ураты соҕус туортары астыы сатыыр этим. 


–    Харчана Николаевна, инстаграмҥа туортаргын көрө-көрө итинник кэрэни, уһулуччу үчүгэй айымньыны (шедеври) киһи олох бысталыан, алдьатыан да санаата буолбат курдук харыһыйа көрөбүн. Итинник кэрэни оҥорорго ханна үөрэммиккиний?
– Дьон эмиэ инньэ диир. Оттон бырааһынньык сүрүн киэргэлэ буоллаҕа. Кимиэхэ да суох, ханна да көрбөтөх туортарын дьон бастаан харахтарынан хайҕаан, онтон амтаныттан астыналларын, кэрэ түгэннэрэ умнуллубатын туһугар кыһаллабын. Туорт астааһыныгар “самоучкабын”, үксүн интэриниэтинэн көрөбүн. Ону таһынан Москваттан уонна омук сириттэн кэлэн үөрэппит маастардарга сылдьыбытым. Холобур, Денис Зуев – лепка, Ната Бочарова – евродесертэр, Наталья Ананьева – сакалаатынан флористика, Евгения Бочарова – саахарынан сибэкки. Сылдьарым тухары саҥаттан саҥаҕа үөрэнэн иһэбин.


–    Туорт киэргэтиитигэр Арассыыйа уонна аан дойду таһымнаах күрэхтэргэ кыттаргын билэбин. Туох ситиһиилэрдээххин ааҕааччыларбытыгар сырдата түһүөҥ дуо? 
–    Кырдьык, араас таһымнаах күрэхтэргэ кытта сатыыбын. Ол курдук, 2019 сыллаахха «Бюст Викинга» диэн туорду астааммын 2-с миэстэҕэ тиксибитим. Эмиэ ити сыл «Торт Деко»  Арассыыйа сурунаалыгар Индианка уруһуйдаах туордум «2019 сыл атырдьах ыйын бастыҥ туорда» номинация кыайыылааҕа буолбута. Ону сэргэ «Торт Деко» сурунаалга «2019 сыл бастыҥ туорда»  номинацияҕа 2-с миэстэҕэ тахсыбытым. 2020 сыллаахха  «Сhinese Fantasy» аан дойдутааҕы коллаборацияҕа (уопсай сыаллаах бииргэ үлэлээһин, уопут атастаһыы, үөрэнии уонна биир сөбүлэҥҥэ кэлии – Ааптар) кыттыбытым.  2020 сыллаахха «Богини древней Греции» аан дойдутааҕы флешмоб-күрэххэ кыттан, кыһыл көмүс сертификакка тиксибитим. Эмиэ ити сыл  аан дойдутааҕы  “Cake Show International” (Англия) виртуальнай күрэххэ «Олоҥхо” үлэбинэн кыттан эмиэ кыһыл көмүс сертификаты ылбытым.  Быйыл аан дойдутааҕы «Fashion Cakes» флешмоб-күрэххэ кыттан, кыһыл көмүс сертификат ылар чиэскэ тиксибитим. Итини таһынан “Cake Show International» (Англия) аан дойдутааҕы күрэххэ «Ойуун» диэн үлэбинэн кыттан үрүҥ көмүс сертификат хаһаайката буолбутум.


Ити курдук саха Далбар Хотуна, иллээх дьиэ кэргэн күн күбэй ийэтэ, эйэҕэс эбэтэ Харчана Николаевна Иванова талааннаах тарбахтарынан ураты кэрэ, уустук туортарынан аан дойду таһымыгар тиийэ биллэр, бар дьонун үөрдэ сылдьар. 
Кондитер күнүнэн эҕэрдэлээн туран, Харчана Николаевнаҕа ааҕааччыларбыт уонна тус бэйэм ааппыттан саҥаттан саҥа чыпчааллары дабайарыгар баҕарабыт. Санаабытыҥ сатанан, талбытыҥ табыллан истин диэн алгыс тылбытын тиэрдэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....