ХАРАНТЫЫҤҤА ОЛОРОР ДЬОҤҤО БОЛЬНИЧНАЙ ТӨЛӨНӨР ДУО?
Социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова социальнай ситимнэргэ быһа эфир кэмигэр бу туһунан кэпсээтэ.
Үлэ дуогабарынан (ол иһигэр болдьохтоох үлэ дуогабарынан) үлэлиир дьон ыарыйдахтарына, эчэйдэхтэринэ, харантыыҥҥа бардахтарына булгуччулаах страховкалааһынынан туһанар бырааптаахтар. Ол аата “больничнай” лиис оҥоһуллар уонна быстах кэмҥэ босуобуйа төлөнөр.
Коронавируһунан ыалдьыбыта бигэргэммит ыарыһаҕы кытта алтыспыт киһиэхэ олорор сиринэн сыһыарыллыбыт поликлиника, Роспотребнадзор бэйэни хааччахтаныы туһунан уурааҕар олоҕуран, “больничнай” лииһи биэрэр. Бу киһи “ОМС” полистаах буоллаҕына, “больничнай” лииһин Социальнай страховкалааһын пуондата бастакы күнүттэн ыла төлүүр.
Дьиэ кэргэҥҥэ тумуулаабыт дьону кытары алтыспыт дьоҥҥо (норуокка “контактаах” диибит) “больничнай” төлөммөт. Ол эрээри, кини дьиэтигэр олорон үлэлиэхтээх. Ол кыаллыбат буоллаҕына, үлэһит сайабылыанньатынан уоппуска эбэтэр төлөммөт уоппуска бэриллиэн сөп. Оттон үлэни биэрээччи бэйэтэ көҕүлээн үлэһити төлөммөт уоппускаҕа ыытар бырааба суох.