ХАРАХ УУЛААХ УЛУУ КЫАЙЫЫ
Хаһыаппыт Аҕа дойду Улуу сэриитин үбүлүөйдээх сылын көрсө оскуола оҕолоругар, үөрэнээччилэригэр анал куонкуруһун салҕыыр. Куонкурус балаһыанньатын kiinkuorat.ru сайпытыгар киирэҥҥит, «Киин куорат бырайыага» балаһаҕа көрүҥ, үлэлэргитин ыытыҥ. Бүгүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа орто оскуолатын “Кыымчаан” эдкорпост оҕолорун үлэлэрин сырдатабыт.
Герой аата умнуллубат!
Бары билэрбит курдук, сахалартан бастакы Советскай Союз Геройа биһиги биир дойдулаахпыт Федор Кузьмич Попов 1943 сыллаахха күһүн Белоруссия Лоевскай оройуонун Глушец дэриэбинэтин аттынан Днепр өрүһү бастакынан харбаан туораан, өстөөх пулеметун уотун тохтоппута. Бу кыргыһыыга, кини алтынньы 10 күнүгэр геройдуу охтубута.
Ааспыт 2019 сыллаахха биһиги улууспут оскуолаларыттан үчүгэй үөрэхтээх, актыбыыс, спортсмен, лидер үөрэнээччилэр Федор Кузьмич Попов сэриилэспит сирдэринэн, көмүллэ сытар мемориалыгар – Деражичи дэриэбинэҕэ экскурсияҕа баран кэллилэр. Биһиги оскуолаттан үөрэх туйгуна, актыбыыһа, уруһуйга, чэпчэки атлетикаҕа улуус, өрөспүүбүлүкэ призера уонна кыйыылааҕа, 10 кылаас үөрэнээччитэ Роза Керемясова баран кэллэ. Мин киниттэн аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөстүм:
- Белоруссияҕа хаһыа буолан бара сырыттыгыт?
- Улууспут оскуолаларыттан 29 буолан баран кэллибит – 14 кыыс, 15 уол, биһигини салайан илдьэ сырыттылар Сергей Альбертович Громов уонна Софья Павловна Прокопьева.
- Хаһан көппүккүтүй?
- Сэтинньи 25 күнүгэр сарсыарда 8 чааска S7 сөмөлүөтүнэн Москваҕа көппүппүт, ол кэннэ поеһынан 16 чаас айаннаабыппыт.
- Ханнык кэрэ-бэлиэ сирдэргэ сырыттыгыт, онтон тугу саамай өйдөөн хааллыҥ?
- Деражичи дэриэбинэҕэ улахан мемориал баар эбит, онно 2006 буойун көмүллэ сытар, кинилэр ортолоругар 11 Советскай Союз Геройдара бааллар эбит, олор истэригэр – Федор Попов.
- Ханнык музейдары көрдүгүт?
- Лоевскайдааҕы Днепр иһин кыргыһыы музейын, Деражичи дэриэбинэҕэ баар мемориалы, Советскай Союз Геройа Алексей Козлов аатынан оскуоланы, Гомель куорат устун экскурсияны, Румянцевтар уонна Пасковичтар дыбарыастарын, Кыһыл биэрэк диэн парковай комплексы, Гомельскайдааҕы албан аат музейын, Москваҕа Кыһыл Болуоссаты көрдүбүт.
- Саамай сөбүлээбитиҥ, өйдөөн хаалбытыҥ ханныгый?
- Мин Румянцевтар уонна Пасковичтар дыбарыастарын сөбүлээбитим, өйдөөн хаалбыппын. Өссө Афанасий Гаврилович Шкляровтыын көрсүһүүнү. Кини самородок-поэт эбит, 90 саастаах үлэ бэтэрээнэ, уруккута өрүс суудунатын хапытаана. Федор Попов аатынан уулусса 33 №-дээх дьиэтигэр олорор эбит, олбуорун көрдөрдө, бэйэтин саадын дьаабылакатынан күндүлээтэ. Холуодьаһын бары сэргии көрдүбүт. Кини сүрэҕин баҕатынан Гомельлааҕы өрүс пуордун кэлэктиибин көмөлөһүннэрэн, дойдутун босхолоспут буойуннар ааттарын үйэтитэн, барыларыгар табличка оҥортообут.
Оҕолор, Федор Попов сиэн балтылара Настя Петрова, Айсена Дросова, сиэн быраата Володя Яковлев биир дойдулаахтарын ааттарыттан венок уурдулар, биир мүнүүтэ бары иһийэн турдубут.
Биир дойдулаахпыт Федор Кузьмич Попов геройдуу быһыыны оҥорбут, көмүс уҥуоҕа хаалбыт сиригэр Белоруссияҕа улуус бары оскуолаларыттан дэлэгээссийэни баһылыкпыт Николай Прокопьевич Старостин сыл аайы үбүлээн ыытара үгэскэ кубулуйда. Манна сылдьыбыт оҕолор сэрии ыар тыынын, дойдуларын көмүскүүр туһугар олохторун толук биэрбит буойуттар ааттарын хайдах үйэтитэллэрин, кинилэргэ сүгүрүйэллэрин көрөн, элбэҕи билэн, астынан кэлэллэр.
Арина Тарасова, 10-с кылаас
Тыыл бэтэрээнэ
Үтүө күнүнэн, ааҕааччылар!
Мин бу ыстатыйабар суруйуохпун баҕарабын, биһиги нэһилиэкпит кырдьаҕас олохтооҕо, тыыл бэтэрээнэ Иван Филиппович Сосин туһунан. Кини билигин 92 саастаах. Мин ыйытыыларбар кини маннык хоруйдаата:
- Төрөппүттэриҥ кимнээхтэрий? Туох үлэһиттэр этилэрий?
- Аҕабыт Филипп Прокопьевич, ийэбит Марфа Иннокентьевна диэннэр, элбэх оҕолоох ыал аатын ылан олорбуппут, 7 оҕолоохпут. Ийэлээх аҕам биригээдэҕэ уопсай сүөһүнү көрөргө үлэлииллэр этэ. Өрөбүлэ суох, күнү быһа хотонтон тахсыбаттар этэ.
- Эһиги дьиэ кэргэнтэн сэриигэ сылдьыбыт киһи баар дуо? Бу киһи туһунан тугу билэҕиний?
- Ийэм убайа Данил Иннокентьевич Бурнашев сылдьыбыта. Элбэх оҕолоох ыаллар, 4 оҕолоохтор. Аармыйаҕа соҕуруу илдьэ барбыттарыгар атаарбыппыт. Биир суругу ыыппыта, онно “сэриигэ саллаатынан ыллылар”, - диэн. Ханна да өрөөбөккө, сынньаммакка айаннаабыттар. Онно сааларын сатаан туттарга, түргэнник иитэргэ үөрэппиттэр.
- Хас саастааххар сэрии саҕаламмытай?
- Оччолорго мин 14 саастаах этим, сэрии саҕаланыытыгар. Элбэх оҕолоох дьоҥҥо харчы биэрэллэрэ абыраабыта.
- “Сэрии буолла”, - диэни ханна истибиккиний? Төбөҕөр туох санаа үөскээбитэй?
- Эрбэһэр халдьаайытыгар истибиппит, онно Сосин Мэхээс – Михаил Владимирович дьиэ туттубут этэ, Киэсэ Сосин аҕатын дьиэтэ. Киэһэ мунньахха сэбиэт иһитиннэрэрэ. Германия биһиги дойдубутугар киирбит диэн эрдэ кэпсээн тарҕаммыта, онтон саллааттары атаарыы буолуон иннинэ, саллааттары үөрэтэллэрэ.
- Тугу үлэлээбиккиний? Сут дьылларга тугунан аһылыктанар этигитий?
- Сэрии сылларыгар кураан этэ. От кыайан үүммэккэ, бурдук суоҕа. Онон ордук үлэлиир дьоҥҥо ыарахан этэ. Бары даҕаны сууккаҕа булгуччу 8 чаас үлэлиирбит. Холкуос бэрэссэдээтэлэ төһө элбэх киһи кэлбитинэн көрөн, онтон-мантан көрдөһөн, кыра ас сыыһа үллэрэн биэрэрэ. Биһиги ийэбит ыанньыксыттыыр, мин сүөһүлэри бостууктаан аһатабын, көмөлөһөбүн. Оскуолаттан кэлэн баран, ынах ыаһабын, дал ыраастаһабын. Сайын от үлэтигэр үлэлиибин, от кэбиһиитигэр оҕус сиэтэн үлэлээбитим, сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри. Күнүс үлэлиир бириэмэбитигэр уопсай бурдук, аһыы суорат биэрэллэрэ. Биһиэхэ Калинин аатынан холкуоска бэрэссэдээтэлбит Дмитрий Матвеевич Сергучев сүрдээх үчүгэй киһи этэ, норуокка оройуоҥҥа көмө харчы кэлэригэр кэпсэтиһэр киһибит. Мунньахха пиэрмэ уопсай дьиэтигэр ыҥыраллар. Дьон кыһалҕаларын барытын этэллэр, өлүү-сүтүү, аһыыр ас суох буоларын туһунан. Саха оһоҕун былыр киэһэ аайы оттон баран итиитэ хааллын диэн бүөлүүллэр, сорохтор таһыттан тимиринэн сабаллар, дьиэ сылаас буоларын туһугар. Саха оһоҕор элбэх мас баранар буолан, мас тиийбэтин кэпсэтэллэрэ.
Аармыйаҕа барбыт дьонтон сурук кэлэрэ.Үчүгэйдик сулууспалыыр диэн, сотору-сотору саллаат суруга кэлэр. Аспыт диэн оту талан, лэппиэскэлэригэр куталлар, бурдуга аҕыйах, ол иһин бөрүөк булкуйаллар. Бутугас курдук хааһы оҥороллор. Лабыктаны куталлар. Бэс субатын сиир этибит. Мыраантан 2-3 оҕуһунан бэс маһы кэрдэн киллэрэн, ааҕаннар, нэһилиэнньэҕэ үллэрэллэр этэ.
- Балыктаабыккыт буолуо дуу?
- Кураан буолан балык суох этэ. Ардьаахтаан кыратык балыктыыллар. Ол ардьааҕынан суон гына туу оҥостоллор. Саас, сайын аайы тутталлар. Тууга мэҥиэ оҥороллор, уу дэдьэгэтинэн туулууллар. Сыырдаахха түгэҕин диэки син балык баара. Кэнники уолан хаалбыта. Сэрии бириэмэтигэр, кэннигэр даҕаны. Сыырдаахха балыктыырга тиргэ оҥоробут. Инчэҕэй титириги оҥорон онно туу угаҕын, ол ардьаах диэн ааттанар. Ас суох буолан, сайын сыгынньахтанан баран балыктары тиргэ диэки үүртэлиибит, оччоҕо балыктарбыт күрэнэн, биһиги тиргэбит диэки бараллар. Оннук гынан хайыы оҥорор этибит. Элбэх киирдэҕинэ күннүүбүт, үөрүү буолар, үллэстэбит. Ас буллахтарына, сүөһү өллөҕүнэ, хайаан даҕаны үллэстэбит. Оннук иллээхтик олороллор этэ. Биир учаастакка 4-5 ыанньыксыт баар буолар. Уопсай курдук ынахтары көрөҕүн. Ыанньыксыт кыһалҕата элбэх буолан эбэтэр, ыарыйдаҕына, солбуйаллар.
- Кыайыы буолбутун туһунан кимтэн, ханна истибиккиний? Төһө үөрбүккүтүй?
- Үөрүү бөҕө, бырааһынньык бөҕө буолбута. Дьон хараҕыттан үөрүү уута таммалаабыта. Ол күнү билиҥҥэ диэри өйдүүбүн. Сэбиэт хонтуоратыгар мустуу буолар. Суолаҕа төлөпүөн баар этэ, “онно киирэр үһүгүт” диэн ыҥыраллара. Дьон төһө кыалларынан бара сатыыллар.
- Хас мэтээллээххиний?
- Элбэх. Улуу Кыайыы буолбутугар 5 уонна 10 сыл буола-буола биэрэллэр. 18 мэтээллээхпин.
- Билиҥҥи оҕолорго тугу баҕарыа, сүбэлиэ этигиний?
- Оҕолор үөрэниэхтээхтэр. Ити биир саамай наадалаах үлэ. Мин үөрэнэр эрдэхпинэ, сэбиэт көмө биэрэр этэ. Сорох ыалтан 1-2 оҕону интэринээккэ ылан, үөрэттэрэллэр этэ. Хайаан да үөрэнэр, кыһаллар оҕолортон талаллар, хонтуруоллууллар. Интэринээккэ хас оҕо баарын көрөллөр, «бу оҕо дьиэтээҕи үлэтин толорор дуо?» диэн ыйыталаһаллар. Бастыҥ оҕолор атыттарга дьиэтээҕи үлэлэрин толоттороллор, көмөлөһөллөр, суоттуурга үөрэтэллэр. Бэйэлэрэ эрдэ оҥорбут буолаллар.
Оҕолор, үөрэхтээх буолуҥ. Үөрэнэр киһи барыны бары билэр буолар. Кыһанан үөрэниҥ, үчүгэй үөрэнээччи куруук хайҕалга–тапталга сылдьар.
Юлия Санникова, 11-с кылаас