25.04.2020 | 09:53

ХАРАХ УУЛААХ УЛУУ КЫАЙЫЫ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

*Брызгалов, IV-с кылаас, «Кыымчаан” эдкорпост. Табаҕа,  Мэҥэ Хаҥалас

Хаһыаппыт Аҕа дойду Улуу сэриитин үбүлүөйдээх сылын көрсө оскуола оҕолоругар аналлаах куонкуруһун салҕыы таһаарар. Куонкурус балаһыанньатын хаһыаппыт сайтыгар kiinkuorat.ru киирэн билсиҥ, үлэлэргитин ыытыҥ.

Үлэһит илии аҕыйах

Биһиги эйэлээх олоххо олоруохтаахпыт, үөрэ-көтө сылдьыахтаахпыт.  Сэрии диэн олус куһаҕан. Аҕа дойду сэриитэ буолан ааспытын умнубаппыт уонна хаһан да умнуо суохтаахпыт.

Сыл аайы Кыайыы күнүгэр сэриигэ сылдьыбыт аймахтарбыт, эһэлэрбит,  тыылга үлэлээбит эбэлэрбит мэтириэттэрин тутан, “Бессмертный полк” кэккэтигэр хаамабыт. Мин кырдьаҕас эдьиийим Варвара Петровна Брызгалова сэрии оҕото буолар.

Кини билигин 89 саастаах, тыыл бэтэрээнэ. Урут нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбитэ. Мин кэлэн иһэр Кыайыы 75 сылынан эдьиийбиттэн интервью ыллым.  Кини төһө да кырдьаҕас буоллар, барытын олус үчүгэйдик  кэпсээтэ.

— Сэрии буолар сылыгар эн хас саастаах этигиний? Сэрии саҕаламмытын туһунан хантан билбиккиний?

— Мин сэрии саҕаламмытыгар 11 саастаах этим.  Ити ыарахан сураҕы Табаҕаҕа ыалга олордохпуна эппиттэрэ. Дьон бары уолуйбуттара.

— Улахан дьону эһиги, оҕолор, солбуйдаххыт.

— Эдьиийбинээн икки ынаҕы уонна икки ньирэйи көрөр этибит. Оскуола оҕолоро бары окко үлэлиирбит,  алааска оту кыраабыллыырбыт. Өйүө-тайаа диэн суох.  Сарсыарда дьиэбитигэр  лэппиэскэ дуомун сиэн кэлэрбит. Хата, окко күнүс биир киһи оҕуһунан айаннаан кэлэн, отчуттарга барыларыгар суорат түҥэтэр этэ. Ол суораты кэтэһэр аҕай этибит, кыраабыллыы туран, оҕустаах киһи айаннаан иһэрин көрөөрү, сотору-сотору суолу кыҥастаһарбыт.  Дьиэбититтэн илдьэ кэлбит истикилээҥкэлэрбитигэр суораты куттарарбыт.  Кутаттаан баран,  оҕустаах киһи барар этэ.  Дьэ, оннук биир истикилээҥкэ суоратынан күнүскү аһылыкпыт бүтэрэ.

—  Кыһыҥҥы кэмҥэ тугу гынар этигитий?

—Ийэбит ыанньыксыт буолан, пиэрмэҕэ көмөлөһөрбүт. Ньирэйи эмтэрэрбит, тэбиик ынахтары уоскутан тарбыырбыт. Күһүн бааһынаҕа куолас хомуйуутугар сылдьарбыт. Кыһын Бүтэйдээххэ эбэбэр олорон үөрэнэрим. Оскуолаҕа эбиэккэ кыра хааһыны биэрэллэр этэ.

—  Сэрии кэмигэр туох уларыйбытай?

— Уларыйыы бөҕө буолбута. Эр дьон үгүстэрэ сэриигэ барбыттара. Доруобуйалара мөлтөх, инбэлиит дьон эрэ барбатахтара. Онон холкуоска үлэһит илии аҕыйах буолан, оскуола оҕолоро күүскэ үлэлиирбит. Бааһынаҕа, пиэрмэҕэ, окко үлэлиирбит.

— Эһиги аймахтан кимнээх сэриигэ сылдьыбыттарай?

—  Биһиги аймахтан Андрей Иванович уонна Роман Иванович сэриигэ барбыттара.  Өндөрөй атаҕын быһа ыттаран, сотору төннүбүтэ. Арамаан эмиэ эргиллэн кэлбитигэр, үөрүү бөҕө буолбуппут.

—  Билиҥҥи оҕолорго тугу этиэҥ этэй?

—  Мин билиҥҥи оҕолорго үчүгэй үөрэҕи баҕарабын. Үчүгэйдик үөрэннэххитинэ,   элбэҕи ситиһиэххит. Кытаанах доруобуйалаах буолуҥ.  Доруобуйа саамай  күндү.

Бу интервьюттан мин сэрии диэн куһаҕанын, дьон  ыарахан олохтоноллорун үчүгэйдик өйдөөтүм. Уонна былыр оҕолор  олус үлэһиттэр эбит диэн санааҕа кэллим.

Эһэм бойобуой суоллара

*Айсен Татаринов, Нам улууһун  Н.С. Гаврильев аатынан Нам 1 №- дээх орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ

         Аан дойдуну аймаабыт кырыыстаах сэрии саха хас биирдии ыалын тымныынан хаарыйбыта, алдьархайынан ааҥнаабыта. Ийэ дойдуларын көмүскүү эдэрдиин-кырдьаҕастыын уоттаах сэриигэ туруммуттара.

Ытыктыыр киэн туттар эһэм туһунан ахтан-санаан ааһыам. Эһэм Иннокентий Афанасьевич Татаринов 1926 сыллаахха Нам улууһун  Үɵдэй нэһилиэгэр тɵрɵɵбүтэ.

Дьокуускайдааҕы  педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан, уон аҕыс сааһын да туола илигинэ, сэриигэ ыҥырыллыбыт. Педучилище уонна пединститут оҕолоро 63 буолан бүрүөһүннээх массыынаҕа тиэллэн, Алдан куоратынан айаннаан Даурияҕа тиийбиттэр. Ол тиийэн бирисээгэ биэрбиттэр, байыаннай үөрэҕи барбыттар. Кыраныыссаны бөҕөргөтөн окуопалары  күннэри-түүннэри хаһан үлэлээбиттэр. Манна кини аччыктыыр, тоҥор-хатар диэни билбитим диэн кэпсиирэ.

Онтон атырдьах ыйыгар Аргунь өрүһү туораан Япония Квантунскай армиятын утары сэриигэ туруммуттар.

Японскай милитаризмы утары сэриигэ 2-с Забайкальскай фронт 36-с армиятын 210-с дивизиятын 649-с стрелковай полкатыгар 9-с ротаҕа автоматчигынан сылдьыбыт. Хайлар диэн Япония биир саамай бөҕөргөтүммʏт кириэппэһин сэриинэн босхолооһуну биир улахан кыргыһыынан ааҕара. Ол кыргыһыы туһунан ахтыытыгар маннык суруйар: «Хайлар кириэппэһи штурмалааһыҥҥа танкалар, ырааҕы тэбэр ыарахан сэрии сэптэрэ ытыалаан күлүмнэппиттэрэ. Танкалар кэннилэриттэн пехота «Ураа!» хаһыытаан атаакаҕа турбута, ол иһигэр биһиги полк эмиэ. Сир-дойду атыйахтаах уу курдук түллэҥнии мөхсүбүтэ, киһи өйүн булбат тыаһа-ууһа буола түспүтэ. Бу кыргыһыыга сахалар элбэхтэрэ. Уон чаас иһигэр кириэппэс бүтүннүү урусхалламмыта. Күнүһүн олус итии, түүнүн олус тымныы, аһаҕас халлаан анныгар тоҥон-хатан сылдьыбыппыт. Уһун хаамыыттан атахпыт дьуккуруйара. Сатыы сылдьар сэриигэ бу олус сырыылаах, эрэйдээх этэ, иһэр уу  да тиийбэт, аччык да буолан буолуо, сэниэ да эстибитэ. Мин бу кыргыһыыга хас да Сахам сириттэн сылдьар доҕотторбун сүтэрбитим… Кыраныыссаттан икки сууккаттан ордук кумах аҥаардаах сиринэн толору сэрии сэптээх сатыы айаннаабыппыт. Олус үрдүк Хинган хайатын эрэй бөҕөнөн туораан, Цицикар диэн бөдөҥ куораты, Маньчжурия бөдөҥ куораттарын Чанчуну, Мукдены, Аньдуну босхолооһуҥҥа кыргыспыппыт. Порт-Артурга тиийэн сэриини түмүктээбиппит». Ахтыытын бүтэһигэр: «Мин төрөөбүт дойдубун саа-саадах тутан көмүскэспит дьоллоохпун!» - диэн киэн тутта ахтар.

Японияны кыайыы кэнниттэн арҕаа Воронежскай, Ростовскай, Сталинградскай уобаластарга сапернай чаастарга сулууспалаабыт. Ити курдук кини бүтүн икки сыл сапернай чааска сылдьан, урусхалламмыт куораттары чөлүгэр түһэриигэ кыттыбыт. Унньуктаах уһун сэттэ сыл сулууспалаан, түөһүгэр мэтээллэрдээх, уордьаннаах төрөөбүт дойдутугар 1950 сыллаахха сэтинньи ыйга этэҥҥэ эргиллэн кэлбит.

Эһэм сэрии ыар сылларын этинэн-хаанынан билбит киһи сэрии туһунан кэпсээбэт этэ, кини кыайыыны уһансыбыт, өстөөҕү утары кыргыспыт кэмнэрин эрэ билэбит.

Дойдутугар кэлээт, учуутал үөрэҕин салгыы үөрэнэн бүтэрэн, 17 сыл учууталынан Усуйаанаҕа, Нам Υөдэйигэр, Салбаҥҥа начаалынай кылаастарга сэбиэдиссэйинэн үлэлиир, үөрэппит оҕолорун махталларын ылыан ылар.

Олох эндирдэрин ааспыт, үлэҕэ уопуттаах эһэм Иннокентий Афанасьевич салгыы алын сүһүөх уонна сыахтааҕы партийнай тэрилтэлэр сэкирэтээрдэринэн, Υɵдэй, Хатырык нэһилиэктэрин Сэбиэттэрин  исполкомун бэрэссэдээтэлинэн уонтан тахса сыл үлэлээбитэ. Оройуоннааҕы Сэбиэккэ үс төгүл быыбарданан, дьокутаат үрдүк аатын сүкпүтэ.

Кини үлэлээбит үлэтин, олорбут олоҕун Аҕа дойду Улуу сэриитин мэтээллэрэ, уордьаннара, «Хатырык нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо», «Нам улууһун Ытык киһитэ», «Норуот үөрэҕириитин туйгуна» бэлиэлэрэ туоһулууллар.

Эһэм олус холку майгылаах, кэпсээннээх, куруук үөрэ-көтө сылдьар киһи этэ.

Кини  холобурун  батыһар, кини аатын ааттатар – биһиги, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ ытык иэспит. Эһэм сырдык аатын үйэтитэргэ оҕолоро кини үлэлээбит оскуолатыгар сыл аайы «Бастыҥ историк» номинация бириэмийэтин олохтообуттара. Мин буойун эһэбинэн киэн туттабын, сүгүрʏйэбин!

Эбэм Чурапчы көһүүтүн кыттыылааҕа

*Иванов Дьулустан, Сунтаар улууһун Тойбохой орто оскуолатын 6 «б” кылааһын үөрэнээччитэ

Мин ийэбинэн эбээм Вера Дмитриевна Васильева 1936 сыллаахха Чурапчы оройуонун Болтоҥо нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини сэрии сылларыгар аччыктааһынтан сылтаан күүс өттүнэн көһөрүллүү кыттыылааҕа. Оччолорго эбээм 6 саастааҕа, улахан быраата Костя 4, кыра быраата Дима баара-суоҕа 20 эрэ хонуктаах кыһыл оҕо эбит. Аҕалара Дмитрий Константинович Седалищев «Кыһыл сиэмэ» колхуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорон, маҥнайгы хомуурга барбыт. Мин хос эбээм Марфа Ионовна диэн эбит. Кини оҕолорун аччыктааһынтан куоттаран хоту көһөргө күһэллэн, оҕус сыарҕатыгар олордуталаан айаҥҥа туруммуттар. 1942 сыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр Чурапчыттан 41 холкуоһу, 4988 киһини хоту 3 оройуоҥҥа: Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ көһөрөр туһунан уураах тахсыбыт. Кэбээйигэ – 18 холкуос, Эдьигээҥҥэ – 13, Булуҥҥа 2 холкуос дьоно балыктаан аһаан, сут-кураан дьылы тыыннаах тахсыахтаахтар эбит. Бу көһөрүүттэн аккаастанар дьону партия байыаннай дьиссипилиинэни кэһии курдук сыаналыахтаах. Сууттаныахтарын курдук дьаһал таһааран, бары көһүүгэ бараллар. Көһөр үстүү ыалга биирдии оҕус-ынах көлө көрүллүбүт уонна ыал хас дьиэ кэргэннээҕиттэн тутулуга суох, хас биирдии ыалга 16 киилэ таһаҕастаах көһөллөрүн курдук кытаанах дьаһал бэриллибит. Чурапчы райсэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Н.К. Барашков сүбэтинэн барар дьон оҕолуун–уруулуун кыанар соҕустара суон тиити быһан түөрт көлүөһэлээх луһугуруур тэлиэгэни оҥостон көһө охсоллоругар бирикээс биэрбит. Ити курдук тэлиэгэҕэ кыаммат, кыра оҕолору олордон айаннаабыттар, баран истэхтэринэ көлүөһэлэрэ итийэн умайаары гыннаҕына, ынахтарын сааҕынан оҕунуохтаан айаннаан, аара сылайан аччыктаан Күндүл диэн сиргэ эргэ сууллаары турар оскуола дьиэтигэр хонон олордохторуна, биир эдэр тыла суох оҕус сиэтээччилэрэ үрүҥ бурдук дии санаан, аһыыка дьаатын дьонтон көҥөнөн ойуур кэтэҕэр буһарына олордоҕуна, мин эбээм тиийэн бырааттарбар бэрсиэхпин миэхэ бэрис диэн ытыһын тоһуйбутун үүрэн кэбиспит. Эбээм бырааттара аччыктаан ас көрдөөн ытыылларыттан аһынан, бэйэтэ ол киһи бэрсибэккэ ыыппытыттан ытыы олордоҕуна, тыла суох киһи дьааты буһаран сиэн өлбүтүн айдаана буолбутугар ытыыра тохтоон, бырааттарын өлөртүү сыспытын өйдөөн, икки быраатын кууһан олорон ол түүнү быһа хараҕа куурбатах.

Эбээм быраата Дималыын иккиэн мин хос эбээм хоһуунуттан, кини оҕолорун тыыннаах хаалларар туһуттан бэйэтэ чараас таҥаһынан үлүгэрдээх өрүс тыалын тымныытын оҕолорун тустарыгар тулуйан кэнники сүһүөҕэр охсон, сиэннэрин бүөбэйдэһэн, көрсөн-харайсан баран, 1975 сыллаахха өлбүт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....