09.04.2020 | 12:04

ХАРАХ УУЛААХ УЛУУ КЫАЙЫЫ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дойду үрдүнэн "карантин" буолан, нэһилиэнньэ дьиэттэн олорон үлэлиир, үөрэнэр. Дьэ, онно тугу гынан аралдьыйабыт, бириэмэни хайдах атаарабыт диэн ыйытык барыбытын да толкуйдатта. Биһиги хаһыаппыт «Харах уулаах Улуу Кыайыы” бырайыагын салҕыы таһаарар. Оҕолоргутун, сиэннэргитин бу күрэххэ кытыннаран, буола турар карантины туһалаахтык атаарын диэн ыҥырабын. Конкурус балаһыанньатын хаһыаппыт саайтыгар киирэҥҥит билсин. Оттон, бүгүн Нам улууһун М.К.Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Айта Петрова үлэтэ тахсар. Салайааччы Любовь Семеновна Татаринова – саха тылын уонна литературатын учуутала.

Кыайыыны уһансыбыт ырыа

1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр фашистскай Германия Советскай Союзка түөкүннүү саба түспүтэ. Ити кэмтэн немецкэй-фашистскай талабырдьыттары утары сэрии саҕаламмыта. Аҕа дойдуну көмүскүүр ытык сэриигэ ыраах Саха сирэ улахан кыттыыны ылбыта. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр саха суруйааччылара Ийэ дойду көҥүлүн, чиэһин иһин бэйэлэрин айымньыларынан эрэ көмөлөһөн охсуспатахтара, үгүс суруйааччылар сэриигэ сирэй кыттыыны ылбыттара. Сэрии маҥнайгы кэмнэригэр саха поэзиятыгар өстөөҕү утары охсуһууга ыҥырар хоһооннор бэчээттэммиттэрэ. Мин Кыайыы 75 сылын көрсө биһиги биир дойдулаахпыт, поэт, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, буойун-суруйааччы Илья Дорофеевич Винокуров–Чаҕылҕан олоҕун, айар үлэтин кытта билсистим, кини айымньыларын аахтым. Кини сэрии кэмигэр үгүс, кэрэ лирическэй хоһооннору, ырыалары айбыт. Биир оннук ырыа буолбут хоһоонунан 1942 сыллаахха суруллубут «Хайыһар» хоһооно саха уолаттарын кыайыыга өрө күүрүүлээхтик кынаттаабыта.Бу хоһооҥҥо А. Костин мелодия айан, дьоҥҥо-сэргэҕэ уостан түспэт ырыа буолан күн бүгүнүгэр диэри ылланар. Ырыа үс күппүлүөттэн, хос ырыаттан турар. Бу ырыаҕа саха байыастара – хайыһардьыттара бүтүн колоннанан фроҥҥа баран иһэллэрэ ойууланар. Өстөөх төһө да саһа сатаатар, туйгун хайыһардьыттар син биир ситэн, булан ылаллар.Урут хайыһарынан торҕон кыылы эккирэтэн бултуурга туһаналлара, онтон сэрии кэмигэр хайыһар өстөөхтөн Ийэ дойдуну көмүскүүр дьыалаҕа туһалыыр: Өстөөх ханна саһан сылдьар, Өстөөх ханна хайыһар, Ситиэ онно сытыы буулдьа, Ситиэ сыыдам хайыһар. Поэт бэйэтин хайыһардьыттарын, биир дойдулаахтарын сыыдам сырыылаах, булугас, бэргэн ытааччы дьон быһыытынан ойуулуур. Ырыа ис хоһоонугар хас строфа аайы ритмиката уларыйар, түргэн сырыылаах хайыһардьыттары үтүктүбүт курдук, улам күүһүрэн, эрчимирэн барар, онон тус-туспатык дорҕооннуран иһиллэр. Ырыа фашистары кыайыы сырдык дьаралыга биһигини кууспутун туһунан үөрүү көтөллөөх тылларынан түмүктэнэр. Дьон-норуот сүрэҕэр Чаҕылҕан ырыалара, хоһоонноро мэлдьи тыыннаахтар. Чаҕылхай талааннаах биир дойдулаахпыт үтүө аата үйэлэргэ умнуллубат!

Амма улууһун, Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Дьулустаан Лазарев. Салайааччы Анастасия Николаевна Лазарева – саха тылын уонна литературатын учуутала.

Сэрии дуораана мин дьиэ кэргэммэр

Мин хос эһээм Никита Петрович Лобанов. Кини сэрии уонна үлэ бэтэрээнэ, 1 группалаах инбэлиит этэ. Бу дойдуттан ыарахан ыарыыттан номнуо күрэммитэ. Хос эһээм 1921 с. тохсунньу ый 16 күнүгэр Амма улууhун Хотуйа үрэҕэр Дьооҕур диэн ааттаах сиргэ төрөөбүт. Ол кэмҥэ гражданскай сэрии үгэннээн турар кэмэ эбит. Төрөппүттэрэ быстар дьадаҥы дьон. Ийэтэ Лобанова Мария Гермогеновна, аҕата Петр Иванович 1946 с. ыалдьан өлбүт. Ийэтэ 1951 с. өлбүт. Бииргэ төрөөбүт тохсуолар: 5 кыыс, 4 уол. Убайа Дмитрий Петрович сэриигэ баран өлбүт. Биир сыл Арыыга үөрэммит. 1931 с. 16 сааһыгар диэри Хотуйаҕа олорбут. 1938 с. колхозка киирэн үлэлээбит. Сэриигэ барбытын туһунан хос эһээм маннык ахтара: «1942 сыл сааhыгар МТС-ка учетчик-заправщигынан үлэлээн иhэн бэс ыйын 11 күнүгэр армияҕа барарга повестка туппутум. Ол сарсыныгар Түөрүлүкүттэн сатыы киирэн бэс ыйын 17 күнүгэр доруобуйабын көрдөрөн, дьарыктанан сарсыарда Амма өрүскэ стройдаан киирбиппит. Онтон таhаҕас аҕалбыт пароходунан барбыппыт. Биэрэк толору киhи этэ. Барааччылар, сэриигэ атаарааччылар». Кини немецтэри кытары сэриилэспит. 1942 с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр уоттаах сэрии толоонугар киирбит. Ол күнтэн ыла минометчигынан сылдьыбыт. Хас биэс хонугу, арыт суукканы аhаабакка да, утуйбакка да сэриилэhэллэр эбит. Ити курдук хас да сэлиэнньэни босхолообуттар. Старай Руссаны босхолооһуҥҥа сылдьыбыт. 1943 сыллаахха Ленинскэй комсомол чилиэнинэн ылбыттар, онон улахан итэҕэли сүкпүт уонна бэйэтин эбээhинэһин туйгуннук толорбутун иhин "Отличник минометчик" диэн нагрудной знагынан наҕараадаламмыт. Бу сыл дьонугар олохтоох радиоҕа фронтан махтал сурук кэлбитин иhитиннэрбиттэр. Сэрииттэн 1944 с. от ыйын 25 күнүгэр төрөөбүт төрүт буоругар эргиллэн кэлбит. Кинини военнай комиссия госпитальга сыттаҕына көрбүт уонна 1 сыл болдьохтоох дойдутугар барарыгар байыаннай эбээhинэhинэн 1 группалаах инбэлиит оҥорон ыыппыт. Дойдутугар кэлэн аҕыйах хонук сынньанан баран, төрөөбүт-үөскээбит холхуоһугар Хотуйаҕа окко звеноводунан ыыппыттар. Онтон ыла саҕаламмыта кини олоҕо. Кэлин 1946 с. хонууга биригэдьиирдээбит, «Гурий» партизан холхуоска суотчуттаабыт. 1951 с. Бөтүҥ үс холхуоhун холбоон биир бөдөҥсүйбүт холхуос оҥорбуттар. Онно кинини биригэдьииринэн анаабыттар. 1953 сыллаахтан ферма сэбиэдиссэйинэн, барыта 34 сыл устата үлэлээбит. Сэриигэ барыан иннинэ үлэлээбитин киллэрдэхпинэ, 50-тан тахса сыл холхуоска, совхозка үлэлээбит. 1946 с. Никифорова А. А. диэн кыыhы кэргэн ылан 7 оҕоломмуттар. Билигин ити оҕолор бары бааллар, бары үлэ-хамнас, оҕолоох-уруулаах дьон. Кэргэнин кытта 42 сыл өйөhөн-өйдөhөн олорбутун кэннэ эбээ ыалдьан биhиги кэккэбититтэн өлөн туораабыта. Онтон ыла бэйэтэ олорбута. Итини таhынан эһээм нэhилиэгэр активнайдык көмөлөhөр эбит: табаарыстыы суут председателинэн өр сылларга үлэлии сылдьыбыт, нэhилиэк сэбиэтигэр элбэх төгүл народнай депутатынан талыллан, исполком чилиэнинэн, сэбиэт солбуйааччытынан үлэлээбит. Колхоз правлениетын чилиэнинэн хас да сылларга талыллыбыт. Онон дойдутугар сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлэн бэйэтин күүһүн-күдэҕин харыстаабакка төрөөбүт нэhилиэгэр, колкоһугар үлэлээбитин күндүтүк саныыр. Ону туоhулуур элбэх махтал сурук, Верховнай Совет президиумун грамотата, Бөтүҥ нэhилиэгин, Амма улууhун бочуоттаах гражданина, Бөтүҥ нэhилиэгин бочуот кинигэтигэр үйэ саас тухары киллэрбиттэрэ, элбэх үбүлүөйдээх мэтээлинэн, түөскэ иилиллэр бэлиэнэн, уордьанынан наҕараадалыммыта. Кэргэнинээн Александра Алексеевналыын 7 оҕону төрөппүттэр: 3 кыыһы, 4 уолу, 2 тулаайах оҕону ииппиттэр: Наталья Алексеевна Никифорова, Петр Николаевич Тихонов. 19 сиэннээх, 37 хос сиэннээх. Хос эһээбинэн киэн туттабын, кинини ытыктыыбын, үйэлэр тухары өйдүү-саныы сылдьыам.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...