25.03.2020 | 20:16

Харах уулаах Улуу Кыайыы

Харах уулаах Улуу Кыайыы
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Амма улууһун Н.Е. Иванова аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ Дьулустаан Лазарев (салайааччы А.Н. Лазарева).

Хос эһээм Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа

Мин хос эһээм Никита Петрович Лобанов. Кини сэрии уонна үлэ бэтэрээнэ, 1 группалаах инбэлиит этэ. Бу дойдуттан ыарахан ыарыыттан номнуо күрэммитэ.

Хос эһээм 1921 с. тохсунньу ый 16 күнүгэр Амма улууhун Хотуйа үрэҕэр Дьооҕур диэн ааттаах сиргэ төрөөбүт. Ол кэмҥэ гражданскай сэрии үгэннээн турар эбит. Төрөппүттэрэ быстар дьадаҥы дьон. Ийэтэ Мария Гермогеновна, аҕата Петр Иванович Лобановтар. Аҕата 1946 с. ыалдьан өлбүт. Ийэтэ 1951 с. өлбүт. Бииргэ төрөөбүт тохсуолар: 5 кыыс, 4 уол. Убайа Дмитрий Петрович сэриигэ баран өлбүт. Биир сыл Арыыга үөрэммит. 1931 с. 16 сааһыгар диэри Хотуйаҕа олорбут. 1938 с. Колхозка киирэн үлэлээбит.

Сэриигэ барбытын туһунан хос эһээм маннык ахтара: «1942 сыл сааhыгар МТС-ка учетчик-заправщигынан үлэлээн иhэн бэс ыйын 11 күнүгэр Армияҕа барарга повестка туппутум. Ол сарсыныгар Түөрүлүкүттэн сатыы киирэн, бэс ыйын 17 күнүгэр доруобуйабын көрдөрөн, дьарыктанан, сарсыарда Амма өрүскэ стройдаан киирбиппит. Онтон таhаҕас аҕалбыт пароходунан барбыппыт. Биэрэк толору киhи этэ. Барааччылар, сэриигэ атаарааччылар».

Кини немецтэри кытары сэриилэспит. 1942 с. Балаҕан ыйын 29 күнүгэр уоттаах сэрии толоонугар киирбит. Ол күнтэн ыла минометчигынан сылдьыбыт. Хас биэс хонугу, арыт суукканы аhаабакка да, утуйбакка да сэриилэhэллэр эбит. Ити курдук хас да сэлиэнньэни босхолообуттар. Старай Руссаны босхолооһуҥҥа сылдьыбыт. 1943 сыллаахха Ленинскэй комсомол чилиэнинэн ылбыттар, онон улахан итэҕэли сүкпүт уонна бэйэтин эбээhинэһин туйгуннук толорбутун иhин "Отличник минометчик" диэн түөскэ иилиллэр бэлиэнэн наҕараадаламмыт. Бу сыл дьонугар олохтоох радиоҕа фронтан махтал сурук кэлбитин иhитиннэрбиттэр. Сэрииттэн 1944 с. от ыйын 25 күнүгэр төрөөбүт төрүт буоругар эргиллэн кэлбит. Кинини байыаннай хамыыһыйа госпитальга сыттаҕына көрбүт уонна 1 сыл болдьохтоох дойдутугар барарыгар байыаннай эбээhинэhинэн 1 группалаах инбэлиит оҥорон ыыппыт.

Дойдутугар кэлбитигэр аҕыйах хонугунан төрөөбүт-үөскээбит холхуоһугар Хотуйаҕа окко звеноводунан ыыппыттар. Онтон ыла саҕаламмыта кини үлэтэ. Кэлин 1946 с. хонууга биригэдьиирдээбит, Гурий партизан аатынан холхуоска суотчуттаабыт. 1951 с. Бөтүҥ үс холхуоhун холбоон, биир бөдөҥсүйбүт холхуос оҥорбуттар. Онно кинини 3 нүөмэрдээх биригэдьииринэн анаабыттар. 1953 сылтан ферма сэбиэдиссэйинэн, барыта

34 сыл устата үлэлээбит. Сэриигэ барыан иннинэ үлэлээбитин киллэрдэхпинэ, 50-тан тахса сыл холхуоска, совхозка үлэлээбит. 1946 с. Никифорова А. А. диэн кыыhы кэргэн ылан, 7 оҕоломмуттар. Билигин ити оҕолор бары бааллар, бары үлэ-хамнас дьоно, оҕолоох-уруулаах ыаллар. Кэргэнин кытта 42 сыл өйөhөн-өйдөhөн олорбутун кэннэ, эбээ ыалдьан, биhиги кэккэбититтэн туораабыта. Онтон ыла бэйэтэ олорбута. Итини таhынан эһээм нэhилиэгэр активнайдык көмөлөhөр эбит: табаарыстыы суут бэрэссэдээтэлинэн өр сылларга үлэлии сылдьыбыт, нэhилиэк сэбиэтигэр элбэх төгүл народнай депутатынан талыллан, исполком чилиэнинэн, сэбиэт солбуйааччытынан үлэлээбит. Колхоз правлениетын чилиэнинэн хас да сылларга талыллыбыт. Онон, дойдутугар сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлэн, бэйэтин күүһүн-күдэҕин харыстаабакка, төрөөбүт нэhилиэгэр, колкоһугар үлэлээбитин күндүтүк саныыр. Ону туоhулуур элбэх махтал сурук, Верховнай Совет президиумун грамотата, Бөтүҥ нэhилиэгин, Амма улууhун бочуоттаах гражданина, Бөтүҥ нэhилиэгин бочуотун кинигэтигэр үйэ-саас тухары киллэрбиттэрэ, элбэх юбилейнай мэтээлинэн, бэлиэнэн, уордьанынан наҕараадаламмыта.

Кэргэнинээн Александра Алексеевналыын 7 оҕону төрөппүттэр: 3 кыыһы, 4 уолу, 2 тулаайах оҕону ииппиттэр: Наталья Алексеевна Никифорова уонна Петр Николаевич Тихонов. 19 сиэннээхтэр, 24 хос сиэннээхтэр.

Хос эһээбинэн киэн туттабын, кинини ытыктыыбын, үйэлэр тухары өйдүү-саныы сылдьыам.

Бүлүү улууһун Е.А. Степанова аатынан Тоҕустааҕы тыл, кэрэ эйгэ гимназиятын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Максим Иванов

Хос эһэм сэрии бэтэрээнэ

Быйыл Улуу Кыайыы 75 сылын туолар. Онон мин эһиэхэ хос эһэм, Улуу сэрии кыттыылааҕа Максим Васильевич Яковлев туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.

Максим Васильевич мин аҕабынан эбэм Лариса Максимовна аҕата буолар. Дьонум миэхэ кини аатын биэрбиттэр.

Хос эһэм 1917 сыллаахха 1 Тоҕус нэһилиэгэр Хомустаахха төрөөбүт. Хампа оскуолатын бүтэрэн, колхозка суоччутунан, сэбиэккэ сэкирэтээринэн үлэлээбит. 1941 сыллаахха бэс ыйыгар сэрии саҕаламмыт.

Кини сэрии саҕаланаатын кытта Тоҕустан бастакынан фроҥҥа ыҥырыллыбыт. Эһэбиниин нэһилиэктэн өссө икки киһи барбыт. Бүлүү

куоратыттан Дьокуускайга борохуотунан айаннаабыттар. Ол кэнниттэн Мальта диэн сиргэ ыйтан ордук байыаннай дьыалаҕа үөрэнэн баран, Сталинград куорат анныгар сэриилэспит. Ол сылдьан иккитэ бааһыран госпитальга сытан эмтэммит. Иккис сырыытыгар уһуннук эмтэммитин кэннэ 5-с Салгын Армиятыгар ыыппыттар. Онно сэрии бүтүөр диэри отделение командирынан, караул начальнигынан сэриилэспит. Украинаны, Венгрияны Румынияны босхолоспут. Кыайыыны Венгрия киин куоратыгар Будапешка көрсүбүт.

Мин хос эһэм, кыайыы саллаата Максим Васильевич Яковлев младшай сержант званиелаах сэриини түмүктээбит. Кини хорсуннук сэриилэспитин наҕараадалара туоһулууллар: Аҕа дойду сэриитин бастакы уонна иккис степеннээх уордьаннара, «Хорсунун иһин” мэтээл, Германияны кыайыы иһин мэтээл, 8 юбилейнай мэтээллэр.

Кини 1946 сыллаахха дойдутугар Тыымпыга эргиллэн кэлбитэ. Ыал буолан, 4 кыыс оҕоломмута. Баара буоллар 10 сиэн, элбэх хос сиэн эһэтэ буолуо этэ.

Хос эһээм уоттаах сэрии кэмигэр олоҕун чинчийэммин элбэҕи биллим-көрдүм. Кини сэрии алдьархайын этинэн-хаанынан чахчы билбитин, кыайыы хорсун саллаата буоларын итэҕэйдим. Саха боростуой киһитэ 5 сыл устата сэриилэһэн, атын омуктартан хаалсыбакка дойдутун көмүскээн, отделение командирыгар тиийэ үүммүтүн сөхтүм.

Салгыы хос эһэм ити наҕараадалара тугу кэпсииллэрин чинчийиэхпин баҕарабын. Биһиги, хос сиэннэрэ, хорсун саллаат эһээбитинэн киэн туттабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...