25.03.2020 | 16:40

«ХАРАХ УУЛААХ УЛУУ КЫАЙЫЫ”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биһиги күрэхпитигэр Үөһээ Бүлүү 2 №- дээх орто оскуолатын VII “Б” кылааһын үөрэнэччитэ Диана Аргунова кыттар.

Сибэкки дьөбөтүн уурабын

Ыраах сиртэн айаннаан,

Кэлиэм, туруом төҥкөйөн

Туймаадабыт биэрэгэр,

Буолуоссаппыт киинигэр.

Ууруом оргууй, сэрэнэн,

Сибэккибит дьөрбөтүн,

Тиэрдиэм махтал санаабын,

Өрөгөйдөөх Кыайыынан!

Өстөөхтөрдүүн киирсэҥҥин,

Өлүү суолун саппыккар,

Албан ааты сүкпүккэр,

Эйэ кэмин иҥпиккэр.

Умнуом суоҕа мэлдьитин

Хайдах дьолбут кэлбитин,

Оҕолорбор кэпсиэҕим,

Уоттаах сэрии ыар кэмин.

Эһиэхэ, бэтэрээннэр

Эдэр сааһы билбэтэх

Эр бэртэр, хоһууннар,

Эйэ-дьол иһин охсуспут

Эдэр буойун саллааттар.

Барбыттара сэриигэ,

Биһигини көмүскүү,

Билбиттэрэ кинилэр

Бу сиргэ баар иэдээни.

Туохтан да толлубакка,

Турбатахтара куттанан.

Тыын тыыҥҥа киирсэннэр,

Турууласпыттара эйэни.

Албан аат буоллун эһиэхэ,

Аан ийэ дойдуну көмүскээбиттэргэ.

Андаҕайабыт биһиги,

Ааккыт үйэлэргэ ааттаныа.

Сэрии сылын оҕолоро

Ханна бааргытый эһиги,

Дьоллоох оҕо сааһы билбэтэх,

Улахан дьону солбуйбут,

Үлэ үөһүгэр улааппыт,

Улуу Кыайыы туһугар,

Умса-төннө киирсибит,

Аччыктаабыт, сутаабыт,

Көһөрүүгэ сылдьыбыт,

Тоҥон-хатан сордоммут,

Эрэйи-муҥу да тэлбит,

Өлүү суолун өҥөйбүт

Сэрии сылын оҕолоро?!

Кэтэһэн түннүккэ турдаҕыҥ

Кэтэһэн түннүккэ турдаҕыҥ,

Аартыгы одуулаан эрдэҕиҥ,

Сэмээрдик хараҕыҥ уулара

Иэдэскэр мөлбөйө сүүрдэҕэ.

Санааҕар долгуйа күүтэргин,

Ийэкээм, сүрэҕим сэрэйэр,

Хайаан да эргиллиэм, ахтаммын,

Ханнык да харгыһы хардыылаан.

Билбэппин ол хаһан буолуоҕун,

Хайа дьыл кэмигэр туолуоҕун,

Билэбин мин суолум эргийэн,

Хайаан да өтөхпөр тиэрдиэҕин.

Баранан бүтүөҕэ барар сир,

Эргиллэр дьоро күн үүнүөҕэ,

Арҕаанҥы аартыгы кэстэрэн,

Алааспар тиийиэҕим сиэллэрэн

Кэтэһэн түннүккэ турдаҕыҥ,

Аартыгы одуулаан эрдэҕиҥ,

Тиэргэҥҥэр аллаах ат тохтуурун

Санааҕар иһиллээн эрдэҕиҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...