17.05.2021 | 22:13

Харах бырааһын тэрилтэбитигэр ыҥырабыт

Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһата ыам ыйын 17 күнүттэн “Аттыгар быраас” аахсыйаны биллэрэр. Тэрээһин Доруобуйа сылын чэрчитинэн ыытыллар.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тэрилтэ салайааччылара кэлэктииптэригэр офтальмологка көрдөрүөн баҕалаах дьон баар буоллахтарына (60-тан аҕыйаҕа суох киһи), сайаапка хомуйаллар. Оччоҕуна быраас тиийэр уонна үлэһиттэри ОМС бырагырааманан босхо көрөр.

Испииһэккэ баҕалаах дьон толору ааттара-суоллара, төрөөбүт күннэрэ-ыйдара, олорор аадырыстара, медицинскэй полистарын уонна СНИЛС нүөмэрэ суруллуохтаах. Маны таһынан, бары санитарнай ирдэбили тутуһан, быраас көрөр усулуобуйата тэриллиэхтээх.

Сайаапкалары үлэ күнүгэр сарсыарда 9.00 чаастан күнүс 12.00 чааска диэри ылаллар. Төл.: 32-44-26.   

Аахсыйа Дьокуускай, Жатай уонна куорат кытыы бөһүөлэктэрин тэрилтэлэригэр ыытыллыаҕа. График оҥоһуллуоҕа, специалист тиийэр күнүн биллэриэхтэрэ.  
 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...