01.05.2024 | 08:38

Харах балыыһатыгар стационар арылынна

Харах балыыһатыгар стационар арылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайдааҕы Харах балыыһатыгар 40 миэстэлээх сытар балыыһаны арыйыыга Ил Дархан Айсен Николаев «Газель» массыына базатыгар таҥыллыбыт «Офтальмология» көһө сылдьар медкомплекс күлүүһүн туттарда уонна маннык комплекстар улуустарга, куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ диспансеризацияны ыытыыга, ыарыыны сэрэтиигэ олус тоҕоостоохторун бэлиэтээтэ.
Кылаабынай быраас Иван Луцкан иһитиннэрбитинэн, нэһилиэнньэҕэ оҥоһуллар өҥө хаачыстыбатын тупсарарга Харах балыыһата хас даҕаны судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа, ол иһигэр дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киирэр «Доруобуйа харыстабыла» нацбырайыакка кыттар. Оттон чуолаан саҥа стационар СӨ дойдуга бастакынын ылыллыбыт «Нэһилиэнньэҕэ офтальмологическай көмөнү оҥоруу» үс сыллаах бырагырааматынан олоххо киирбитин тоһоҕолоото. 
«Номнуо сэттис сылбын Москваҕа тиийэ араас балыыһаларга харахпын эмтэтэбин уонна биһиги балыыһабыт базата ордук диэн этиэхпин баҕарабын. Антах балыыһалара эргэ, палаатаҕа 20-лии киһи сытар буоллаҕына, биһиэхэ иккилии буолан сытабыт, онтубутун күҥҥэ уончата сууйаллар-сотоллор, аһылыкпыт даҕаны ордук. Ордук чорботон орто сүһүөх медперсоналы хайҕыахпын баҕарабын, быраастарбыт, хирурдарбыт олус болҕомтолоохтор»,– диэн санаатын үллэстэр эмтэнээччи Роман Дмитриев.


40 куойкалаах катарактальнай уонна рефракционнай хирургия саҥа стационара Ил Дархан Айсен Николаев үрдүк технологиялаах медицинскэй көмө хайысхаларын кэҥэтэр туһунан ыйааҕын олоххо киллэрии чэрчитинэн, катаракталаах ыарыһахтар үрдүттэн сытан эрэн эпэрээссийэлэнэлэригэр усулуобуйа тэрийэр сыалтан арылынна. Стационар балыыһа сүрүн куорпуһун кытта сылаас көрүдүөрүнэн силбэһэр, хас биирдии палатаҕа санузел, холодильник, телевизор уонна үлэһиттэри ыҥырар кнопка бааллар. Маны сэргэ халымыр ыарыылаахтарга поликлиника күнүскү стационара үлэлиэҕэ.


Оттон «Биир ньыгыл Арассыыйа» партия бырайыагынан ылыллыбыт харах ыарыыларын чинчийэргэ, ачыкы таларга, амбулаторнай уонна лазернай эпэрээссийэлэри оҥорорго ананар «Газель» массыына базатыгар таҥыллыбыт көһө сылдьар «Офтальмология» комплекс анал графигынан өрөспүүбүлүкэ киин улуустарынан сылдьан үлэлиэҕэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, КАМАЗ массыына базатыгар таҥыллыбыт бастакы маннык комплекс Арктика улуустарыгар уонна Магадан уобалаһыгар үлэлээн, көдьүүстээҕин көрдөрбүтэ, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата. Андрей Сорокин, СИА, хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....