05.06.2020 | 09:08

Хараҕалана сыспыт этим

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Уйбаан Иванов, Дьокуускай куорат:

– СГУ-га үөрэнэ сылдьар устудьуону өйөөн, Уус Алдан “Сельхозтехникатын” дириэктэрэ биир дойдулааҕым Замятин Иван Дмитриевич быстах кэмҥэ үлэҕэ ылла. Ыйыппытыгар “тыраахтары ыытааччыбын” диэн “чап” гыннардым. Киһим сурук биэрэн, тыаны солуу сылдьар биригээдэҕэ ыытта. Старшайдара Крылов Афанасий аккаастаан кэбистэ. Төннөн кэллим. Үлэ чааһа бүтүүтэ Иван Дмитриевич бэйэтин “газигар” олордон, Майаҕастан чугас сыыр үрдүгэр үлэлии сылдьар дьоҥҥо тиийэн кэллибит. Киһим оргууй аҕай үлэ-хамнас хайдах баран иһэрин, туох наада буоларын ыйыталаста. Кими да мөхпөтө-эппэтэ. Бу уолу сменщигинэн аҕаллым диэбитигэр сөбүлэстилэр, онон түүн үлэлиир буоллум. Оруобуна Крылов Афанасий тыраахтарыгар түбэстим.

Кини күнүс Крылов Миитэрэйдиин иккиэ буолан, оттон түүнүн биһиги, эдэр уолаттар, үһүө буолан үлэлиибит. Нуормабыт сменаҕа 60 м уһуннаах, 40 м кэтиттээх тыаны солуохтаахпыт. Уолаттарым хас да сыл үлэлээбит уопуттаах тырахтарыыстар, хайдах С-100 тыраахтары собуоттууру үөрэтэн биэрдилэр. Биир көлөбүт, олох эргэ буолан, сүгүн үлэлээбэт. Субу-субу алдьанар, ону үһүөн көмөлөөн оҥорор буолан бириэмэбитин сүтэрэбит. Уолаттар тиэхиньикэҕэ сыстаҕастар, мин илии-атах эрэ буолабын. Крылов тыраахтарыгар түбэспитим абыраата – биирдэ да алдьаммат, ол эрээри ардах түстэҕинэ трос эрийэр барабаанын туормаһа туппат буолан хаалан эрэйдиир. Үһүөн этэҥҥэ бардахпытына, оҕонньотторбут күнүс оҥороллорун нэһиилэ ситэбит. Элбэхтэ алдьаммыт түүммүтүгэр нуормабытын толорбоппут, ону күнүс дьоммут хайаан даҕаны сууккатааҕы нуормабытын ситиһиннэрэллэр. Ол кистэлэҥин кэлин билбитим – ыксаабат курдук эрээри, сыыһа-халты туттубакка, тохтообокко барар буоланнар таһаарыылаахтар эбит. Сарсыарда кэлэллэригэр кинилэр тыраахтардара заправкаланан, аҕыныахтанан, барыта бэлэм буолалларын кытаанахтык ирдииллэрэ. Маҥан ырбаахылаах оҕонньоттор олоро биэрдилэр да баран хаалаллара.

Тыа солооһуна диэн бэйэтэ туһунан романтикалаах, интэриэһинэй уонна кутталлаах да үлэ эбит этэ. Киһи харытын саҕа суон титирик кабинаҥ иһин түөрт муннугун кэрийэн, иккитэ эргийиэр диэри төрүт да кыһаммат буолаҕын. Кэннигинэн астараргар сирэйгин-хараххын уонна ойоҕоскор баар синньигэс турбаларгын эрэ харыстыыгын. Көҥдөй эбэтэр кураанах тиит тосторуттан мотуоргун харыстыахтааххын. Аҕыйах хоноот, үөрэнэн хааллым. Биирдэ көҥдөй тиити арыый күүскэ астаран кэбиһэммин, хамыс курдук тостон, төргүү мутуга эрэһиинэ саппыкым оһун курдары хараҕалаан кэбистэ. С-100 сцеплениета ручка буолан абыраабыта. ДТ-75 курдук, педаль эбитэ буоллар, тыраахтарым бара туруо этэ. Саппыкым оһун быһаҕынан хайытан, атахпын босхолообутум. Биирдэ хаппыт тиит тостубута үрдүк хайыҥ үрдүттэн уун-утары сытарын көрдүм эрээри, “мотуорбун үрдүнэн барар эбит ээ, турбабар кэлиитигэр тохтуом” диэн баран утуйан хаалбыппын. Тыраахтарым өрө бирилии түспүтүгэр уһуктубутум – чаанньык саҕа суон тиит уһуктаах төбөтө түөһүм тылыттан 10-12 см сиртэн төттөрү тахсан барда – олорбутунан хараҕалана сыспыт этим. Бу түбэлтэ 1968 сыл сайыныгар буолбута. Таах ыттыы өлө сыспытым. Билигин санаатахпына, харса суохпуттан сонньуйабын ээ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...